Харах баайыыта. Венера Петрова

Читать онлайн.
Название Харах баайыыта
Автор произведения Венера Петрова
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2025
isbn



Скачать книгу

Холобур буолуон олоҕо хобдох, барыта быстах. Кэлин-кэлин дии-дии тугу эрэ кэтэһэрэ, бэйэтэ оҥоһуллан хааларыгар эрэнэрэ. Кини буруйа суох – олох бэйэтэ оннук. Субу туран өйдөөтөҕүнэ – олоҕун улахан аҥаара, олоҕун үчүгэйэ ааһа охсубут, ханна да суох. Ол тухары тугу гына сылдьыбытын ыт билэр. «Ээ…» – идэтинэн бэйэлээх бэйэтиттэн күрэниэн, өйө-төйө суох арыгылыы барыан баҕаран кэллэ.

      Куоста арыт Кирииһэтинээн, арыт бииргэ үөрэнэр уолаттарынаан суксуруһар. Үөрэх улам кытаатан иһэр. Биһиги киһибит син барсымалаһар. Куолуһута эрэ бэйэтин киэнэ. Ону баҕас манна сэргииллэр. Устудьуон үөрэнэр эрэ үһүө, атына эмиэ ааттаах буолуохтаах. Хаста да төхтүрүйэн билистилэр, кууруһунан көрсүһэбит диэн сылтахтанан аһаатылар. Киһи көрбөт сиригэр көрсө сатыыллар. Иһэн баран уулуссаҕа быктыҥ да быраһаай – саһан кэлэн саайааччы көстүө, тоһуйан туран тутааччы да баар буолуо. Күлүгээн күннүүрэ дуу, милииссийэ бэспэрэдиэллиирэ дуу – хайата да биир курдук. Куттана үөрэнэн хаалан кыһаллыбаппыт даҕаны. Куттана-куттана лыгыччы хатанан баран дьиэҕэр хам бааччы олор ээ. Эдэрдэри буоллаҕына уулусса угуйара бэрт.

      Куоста дьукаахтара хайа эрэ хаатаҕа бардылар. Таах табаарыс кыыстаахтара дьиэһиттии хаалла. Кирииһэ кэлбитигэр үһүөн истилэр. Куоста кылааһынньыгын атаарабын диэн тылланна. Кыыс тэлэбииһэр көрө сытарга дылыта. Тимир аан сэгэйбитинэн хаалла. Атаарааччыбыт арай кэлбэт да кэлбэт. Анарааҥҥытыгар иэһин атаартараары барсан хааллаҕа дуу. Кыыс саҥа нуктаан эрэргэ дылыта. Үс уол хос ортотугар биирдэ баар буолан хааллылар. Түүл дуу, илэ дуу диэххэ айылаах.

      – Эн кимҥиний? – уот ааныттан күргүйдээн киирэн бардылар.

      – Кыыспын! Тугуй онно?! – үс уолу утары көрөн туран куттаммата да бэрт ээ.

      – Аа?! Тоҕо куруубайдыыгын?!

      – Туохтааҕый онно?!

      Куруубайдаһа сатаан баран сутуругунан киирсэр дьон буоллулар. Кыыһа-уола ол дьыалаҕа оруолу оонньообот эбит. Кыыспыт да тэҥ-тэҥҥэ киирсэр. Бары-барыта барчаланна, үлтүрүйүөх айылаах үлтүрүйдэ. Тэлэбииһэри көҥү көтөн кэбистилэр, чымадаан көмпүүтэр көтөн иһэргэ дылыта. Түннүктэн түннүк ордубата. Кыыс муннун тоҕо охсон кэбиспиттэрэ – дьиэ бүтүннүүтэ хаан буолла. Уонна өстүөкүлэҕэ илиитин быспыт. Куоста атаһын атааран нэһиилэ айгыстан кэлбитэ – дьиэтэ бардаак, хаан-сиин. Кими эрэ мачыы гыммыттар диэн маҥнай салла санаата. Кыыһа хата баар эбит. Куоста маатыралаат таһырдьа ойдо. Өлөн эрэри өрүһүйүөх дууһа үһү дуо. Куттанан куотта диэбиппит, бэлэм сылтах бүрүкүлүчүөнньэ көрдүү сүүрбүт. Иэстэһиэм диэбитэ – оччону оҥорон баран ол дьонуҥ кэтэһэн турууһулар дуо, суоллара былыр сойдоҕо. Кыһыытыгар ону-маны кырбыы сатаан баран, таах турар массыынаҕа күүһүмсүйдэ – тааһын үлтү сынньан кэбистэ. Онно сөп буолбакка, хайа эрэ аппаала атыылаһан испит кэриэйин лапсатын охсон ылла. Бу үлүгэргэ да айаҕын айдаана. Дьэ ыраатыах ыччат дии. Ол эрэ кэнниттэн уоскуйан дьиэтигэр киирбитэ – ускуорай диэн, милииссийэ диэн. Ким да өлбөтөх,