Харах баайыыта. Венера Петрова

Читать онлайн.
Название Харах баайыыта
Автор произведения Венера Петрова
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2025
isbn



Скачать книгу

таалалартан ким эрэ холуобунай буруйу оҥордо. Ситинник кыл мүччү түгэҥҥэ барыта тиэрэ эргийэр, түҥнэстэр. Уонна тапталыҥ табыллыыһы дуу, олоҕуҥ олох буолууһу дуу – баар буоллаххына баһыыба.

      – Ким да тарҕаспат! – тарҕаһар да санаата суох таалаларга хаһыытыыллар.

      Маннык түгэҥҥэ хайаан да милииссийэ наада. Тааланы, Халдьаайыны тутан олоруохтаах учоскуобайдарын хантан куйуурдаан булаллар, дьэ? Биэрээ! Туолугу быыһыах күндү уобарас ол эрэ. Биэрэлэнэн бүттэҕэ… Суох! Кини өссө да итэҕэйбэт, ытарчалыы ылан эрэр ыар кэриҥҥэ бас бэриниэн баҕарбат. Баара-суоҕа охсуһуу этэ. Бу тухары охсуһан-охсуһан кэллэхтэрэ. Ол сэрии үһү дуо, мээнэ, көннөрү. Таах сылдьыахтааҕар, биир кэм биири эрэ утараары. Оттон ити?.. Төттөрү оҕотугар түспүт Туолук өйүгэр баппат быһыы. Оҕо оҕо курдук оонньуу сылдьыбыта баара. Уол оҕо оонньуута барыта охсуһуу. Сэрии, ытыалаһыы, куоталаһыы. Таалаҕа кытары өтөн киирбит «Контр-страйк» курдук. Ким илэ илиитэ-атаҕа барбат өйүнэн айыллыбыт эйгэҕэ дьиикэйдиир. Хааныгар ханан эрэ баар хаанымсах майгы батарбат. Оттон ол кистэммит майгы барыбытыгар баар үһү ээ. Кимиэнэ эрэ ыраах, дьапталҕа анныгар саһан биллэрбэт. Кимиэнэ эрэ үүт-хайаҕас булан үлэҕэ-хамнаска, эҥин үлүһүйүүгэ туһаайыллан туһаҕа тахсар. Кимиэнэ эрэ үлүбүөй үүтүнэн таска тарҕанар, дьаллыкка мэҥэстэн уодаһыннаах күүскэ кубулуйар. Ити кистэлэҥ эньиэргийэни кэмигэр саба тута-тута, үүннээн-тэһииннээн бэйэбитин кытта илдьэ сылдьабыт. Мөлтүү түһэр, сыппаан биэрэр түгэммитигэр онтубут арааска тиэрдиэн, эҥиҥҥэ тэбиэн сөп үһү. Өлөрүөхсүттэр уһулуччу, тосту-туора, оһуобай дьон үһүлэр дуо – биһигинниин биир олоҕунан олорор эмиэ көннөрү дьоннор эбээт. Уһулуччулар суох буолбатахтар – барыга-бары кинилэр бааллар, кинилэр эрэ бастыыллар, онно-манна тарбачыһаллар. Ортотунан олохтоох дьонунан хайдах баҕарар оонньууллар. Кистэлэҥ күүс биһиги хааммытыгар суураллан хааппыла тэҥэ буоллаҕына, кинилэр хааннарын хас хааппылата оннук күүһү илдьэ сылдьар. Киэнийдэр диэн кинилэр. Киэний да араастаах. Арай, ол күүһү түктэригэ туһаайдын, алдьатыыга анаатын? Таҥара быыһаатын талааннаах талабырдьыттартан, оһуобай ороспуойдартан.

      Куорат төрөөбүт түүнүгэр Куоста дьукаахтара тиийэн кэллилэр. Эмиэ устудьуоннуохтаах уолаттар. Үһүөн үс аҥыы үөрэниэхтээхтэр. Биһиги киһибит хараҥаҕа суураллан хаалбыттыы атастарыттан араҕан дьиэтигэр сөпкө кэлбитэ. Ол иннигэр быардаммыта да сөп гынар. Онуоха-маныаха диэри быгыалаабакка быар куустан олоро түһүөн наада. Олорон да буолан, сарсыҥҥыттан үөрэнэн көрүө этэ. Хата, Халдьаайыттан кэһии бөҕө кэлбит. Дьоно өссө харчы кыбытан ыыппыттар.

      – Ол диэки туох саҥа баар? – дьэ киһилии аһыы олорон Куоста дойдутун сураһар.

      – Туох кэлиэй, барыта уруккутунан. Киһи бары куораттаан Халдьаайыга хайдах эрэ. Арай, Дьааскалаах эрэ дьаллаҥалыыллар.

      – Ноо, ол дьэппиэк куоракка буолбатах этэ дуо?

      – Үөрэҕиттэн үүрүллүбүтэ дии. Быйыл кыайан киирбэтэх.

      – Салаага сааһыран да эрдэҕэ.

      – Уонна Һылаабалаах бырыыгайдаан дьиктилэр.

      – Көстөкүүнэп Һылаабалаах дуо? Һылаабай