«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык. Наталья Михалева-Сайа

Читать онлайн.
Название «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык
Автор произведения Наталья Михалева-Сайа
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2017
isbn 978-5-7696-5219-6



Скачать книгу

дьарыктанан бардым, санаам наһаа сытар үлэтэ буолан, дьоллоох курдук сананабын… Эн итини кэпсээтэхпинэ суруйуоҥ суоҕа дуо?» – диэн олох миэхэ эриллэн хаалла.

      – Айыкка! Бэйэм да санааларбын, иэйиилэрбин тиһэр солом суох. Ол эн хаста милииссийэҕэ түбэспиккин суруйарбар кинилэр погоннарыттан саҕалаан хаайыы иһэ хайдах буоларыгар тиийэ билиэхтээхпин. Оччоҕо эрэ итэҕэтиилээх айымньы тахсар. Үлэтэ бэрт дии!

      – Оттон мин барытын кэпсиэм ээ…

      – Ээ, оттон ону бэйэҥ суруйдаххына хайдаҕый?

      Киһиэхэ «кыра да наада» диэн этии дириҥ ис хоһоонноох. Ардыгар биир этиинэн өй-санаа уган биэрии, киһи бэйэтигэр эрэлин уһугуннарыы олох саҥа долгуна түллэн сайдарыгар олугу уурар. Сотору буолбатаҕа, Уйбаан Александров «Дьолгун туораттан көрдөөмө» диэн сэһэн дуу, арамаан дуу саҕаланыытын суруйбут тэтэрээтин туппутунан миэхэ кэлбитэ. Хайдах да кылгас кэпсээн буолбатах, 50-с сыллардаахха төрөөн, саҥа үйэҕэ үктэнэригэр олох бары кэрдиистэрин ааспыт саха эр киһитин олоҕо түөрэ ойууланыахтаах улахан жанрга ылсыы киэбэ бэлиэтэммит этэ. Биллэн турар, грамматикатыгар да, тылы туттууга да улахан эрэдээксийэни эрэйэр үлэ этэ эрээри, кэпсээн ис хоһооно уонна санааны этэр истиилэ кэрэхсэбиллээхтэринэн, киһини умсугутар айымньы тахсыах кэриҥнээҕэ.

      – Бу эн илиигинэн суруйбуккун ким эрэдээксийэлээн ньаҕайдыы олоруой. Суруйуом диэн санааҕын уурбут буоллаххына, компьютерга бэчээттииргэ үөрэннэххинэ табыллар… – диэбитим.

      Суруйааччым олох сотору ноутбук кыбынан кэллэ, хайыы-үйэҕэ бэчээттииргэ үөрэммит. Ол ноутбугун үрдүгэр айымньы хас да баһын эрэдээксийэлээн биэрдим. «Мантым кинигэ буолан тахсыан баҕарабын. Өссө мас тутуу туһунан эмиэ кинигэ бэлэмниэхпин баҕарабын…» «Сурунаалларга илдьэн көрдөрүөххүн, баҕар, бэчээттиэхтэрэ», – диибин. Салгыы дьоруойум бэйэтэ суолун солонон, хаһыаттарга, сурунаалларга ыстатыйалары уонна айымньытыттан эмиэ бэчээттэтэн барда. Айымньыта бастаан тахсарыгар мин киирии тыл суруйбутум.

      Ыстатыйаларыгар тутуу эйгэтигэр баар быһыыны-майгыны сымната сатаабакка, хайдах баарынан суруйар, ол иһин бастаан сонурҕаан бэчээттээн иһэн, сахалыы судаарыстыбаннай биир хаһыаттаахпыт кинини таһаарбат буолбута. «Ким эрэ бэчээттиирин – бэчээттээбэтин кэтиир эрэйэ бэрт эбит. Кырдьык, ити санааларбынан кинигэ таһаарыыһыбын», – диэн этиилээх аны кэллэ. «Кинигэ бэлэмниир унньуктаах үлэ уонна ол биир таһаарыынан бүтэр. Санааларыҥ сырыы ахсын эбиллэн иһэллэрин быһыытынан, сурунаал ордук буолуо», – диэтим. Ити саҕана ылсыбытын хайаан да толороругар эрэнэр буолбут кэмим.

      Мин Сунтаарга компьютерга таҥыллар бастакы хаһыаты кылаабынай редактордаан таһаара сылдьыбытым. Онно саҕалыырбытыгар хаһыат үлэһиттэрэ: «Бэчээт суруналыыстыката диэн тэлэбииһэргэ саҥара олорор буолбатах», – диэн мин кыайыа суохпун быһа этэр бадахтаан элбэхтик саҥарбыттара. Ол эрээри «Сунтаар сулуһа» хаһыаппыт олус тахсыылаах буолбута, бар дьоҥҥо бэркэ сэргэппитэ,