«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык. Наталья Михалева-Сайа

Читать онлайн.
Название «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык
Автор произведения Наталья Михалева-Сайа
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2017
isbn 978-5-7696-5219-6



Скачать книгу

быыбардаан талар бырааптарын быһан, баарын туһунан тыйыстык биллэрбит, тыыны-быары ыкпыт кэмэ этэ. Ол киэһэ дьон-сэргэ бэйэтин Бастакы Бэрэсидьиэнин, суверенитет саха олоҕор суолтатын туґунан аһаҕастык уонна истиҥник кэпсэтэллэригэр кыах биэрэ сатаабытым.

      «Саха сирэ омуктар харахтарынан». Билигин Дьокуускайга үөрэнэ, үлэлии кэлбит омуктары экраҥҥа таһаарыы сонун буолбатах, ол да үрдүнэн, кинилэр тахсыыларын көрөр мэлдьи сэргэх буолар. Оттон биһиги венгр уола Чоба Месароһы, кытай киһитэ, «Золотой дракон» рестораны бастаан үлэлэппит Федоры, ФЭИ-гэ преподавателлии сылдьар японканы, СГУ устудьуоҥката буолбут кореянканы, канадканы, саха тылын үөрэтэр элбэх оҕолоох немец эр дьонун оҕолорунаан көрдөртөөн барбыппыт бастакы буолан, төһөлөөх кэрэхсэбили үөскэппитин, күлүүнү-үөрүүнү күөдьүппүтүн ійдүүбүн. Чоба самолету – «көтөр аал», биэдэрэни – «солуур», ньуосканы – «хамыйах» диирэ уонна «сахалар бэйэҕит тыллаах эрээри тоҕо ону ситэри туттубаккытый» диэн сэмэлиир этэ. Омуктарбытыттан төттөрү үөрэнэр түгэннэрбит бааллара киһини сөхтөрөр.

      Оттон Федор биһиги дойдубут Кытайы кытта «тымныы сэриитин» кэмигэр эдэркээн сылдьан кыраныыссаны туораабыт, Ньурба Маалыкайыгар өр кэмҥэ сыылкаҕа олорбут, онно ыал буолбут, оҕо төрөппүт киһи этэ. Кытайдары тылы сүрдээх ылынымтыа омук диибит да, кини төһө эмит саха тыатыгар, саха дьонун ортотугар саха кэргэннээх олорбут да буоллар, сахалыы да, нууччалыы да олус мөлтөхтүк саҥарара. Ыллыыр уонна хоһоон суруйар дьоҕурдааҕын иһин мин кинини «дойдутун олус суохтууруттан атын тылы ылынан быстыбатах айар талааннаах киһи эбит» дии санаабытым.

      Федор икки кыыс оҕолоох. Улахана фортепианоҕа олус үчүгэйдик оонньуур, аҕатынаан кытайдыы ырыаны толорон иһитиннэрбиттэрэ. Кыра кыыс «Виртуозы Якутии» скрипачката этэ, устар кэммитигэр ханна эрэ кэнсиэртии сылдьар буолан кыайан кэлбэтэҕэ, аҕата онтон сүрдээҕин хомойбута. Мин ол киһини өйдөөн хаалбытым өссө биир түгэнтэн: кини Ленин төрөөбүт күнүгэр төрөөбүт күннээх, оттон саха кэргэнэ Мао Цзедун төрөөбүт күнүгэр сааһын бэлиэтиир. Дьэ дьикти дии. Кэргэнэ биэриигэ уһуллубатаҕа.

      Саас сезоммутун түмүктүүрбүтүгэр бу дьылга көрдөрбүт ыалдьыттарбытын илдьэ тыаҕа сынньана барааччыбыт, онно Федор ас бөҕөтүн дэлэччи тардан, сыал ытар саатын илдьэ кэлэн биһигини чэччитэргэ үтүөкэн көмө буолан турардаах. Билигин кини Дьокуускайга көстүбэт, быһыыта, тапталлаах уонна ахтылҕаннаах дойдутугар төннүбүт.

      Чобаны кэлин экраҥҥа таһааралларын түбэһэн көрдөхпүнэ, бииргэ төрөөбүт суруспун көрбүт тэҥэ буолабын. Миигин кытта аан бастаан билсэригэр кини: «Сунтаарга бара сылдьыахпын баҕарабын. Онно дьиҥнээх сахалар олороллор», – диэбитэ. Хайыай, сахалар тустарынан тахсыбыт бары литэрэтиирэни билсибит киһи буоллаҕа: Серошевскай «Якуты» диэн үлэтигэр дьиҥнээх сахалар ханна хаалбыттарын ыйбыт этэ дии.

      Кини биһиэхэ киэһэ хойут уһулла кэлэригэр олус аччыктаабыт этэ, манна аһыыр сир баар дуо диэн