Название | «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык |
---|---|
Автор произведения | Наталья Михалева-Сайа |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2017 |
isbn | 978-5-7696-5219-6 |
Ити кэнниттэн мин хаста да ол олох күлүк өттүгэр сылдьааччылары биэриим далыгар киллэрэн, көрдөрбүтүм. Кинилэр бэйэлэрин тустарынан эрэйдээх-буруйдаах кэпсээннэрэ, олохторугар билбит бары иэдээннэрэ дириҥник «бэчээттэнэн» хаалбыт сирэйдэрэ мин өйбөр-санаабар билигин да дөрүн-дөрүн күөрэйэн кэлэллэр. Биир «оҕобун ыраахтан уоран көрөөччүбүн, киниэхэ ийэҥ өлбүтэ диэн эппиттэрэ», – диир дьахтар баара; биир английскай тыл учуутала, кыбартыыраны кытта ситимнээх аферистарга түбэһэн үс хостоох таас дьиэтиттэн уулуссаҕа үүрүллүбүт дьахтар баара; биир сахата да – омуга да, тыллааҕа да – тыла суоҕа да, өйдөөҕө да – өйө суоҕа да биллибэт, саҥа таһааран иһитиннэрбэккэ ньимийэн баран сылдьар эмээхсин баара…
Биир эдэрчи киһи мин кэпсээбэтэхпинэ ким кэпсиэй диэбиттии оҥостон олорон «тыаҕа үлэ суох, үлэ баара буоллар, бачча элбэх киһи маннык сылдьыа суох этэ» диэн ис хоһоонноон чобуо баҕайытык тыл эппитэ, ыйытыыларбытыгар хоруйдаабыта. Арай ол интервьюну көрдөрбүппүт сарсыныгар дьэллик сылдьааччылар быстах хонон ааһар дьиэлэрин дириэктэрэ эрийэр:
– Көр, били эһиэхэ кэпсээбит киһибитин милииссийэлэр кэлэн тутан бардылар. Икки сыл көрдөбүлгэ сылдьыбыт киһи эбит. Улахан уорууга кыттыгастаах үһү…
– Оо, – диибин, – милииссийэлэр эмиэ тэлэбииһэр көрөллөр эбит дуу? Оттон ол уорбутуттан тугу да иҥэриммитэ көстүбэт этэ дии…
– Оннук ээ. Киһи буруйу оҥорбутугар хоруйдуохтаах эрээри, хайдах эрэ бэйэм хоноһом буолан дуу, аһына санаатым ээ, – дириэктэр, үкчү мин ол түгэҥҥэ тугу саныы турарбын бигэргэппиттии, этэр.
Оннук буолар ээ. Хайдах эрэ эн биэриигэр ыалдьыттаан ааспыт киһи хайаан да үчүгэй буолуон баҕараҕын. Туохха эмэ түбэспит сураҕа иһилиннэҕинэ, курутуйа саныыгын…
«Ньургуһун ыһыаҕа». Тэлэбиидэнньэ уонна араадьыйа дьиэтэ урут төһө да үс эрэ этээстэннэр, быттыга-хонноҕо ордук элбэх, ылбычча киһи муммакка, мунаарбакка санаабыт сиригэр тиийбэт дьиэтэ этэ. Биһигини, «кэпсиэлэри», араадьыйа дьиэтигэр туоруур холлоҕоһу, «кыһыҥҥы саады» ааһа баран, уһуннук түһэн-тахсан тиийэр ыраах баҕайы түгэх хоско олохтообуттара. Омос санаатахха, «атах-бытах» үлэһит оннук хоспоххо тиксиэхтээх курдук. «Куһаҕаннык санаабат инигит? Бу урукку телерадиокомитет