Название | «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык |
---|---|
Автор произведения | Наталья Михалева-Сайа |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2017 |
isbn | 978-5-7696-5219-6 |
– Бу этэ-саҥара тураргын тэлэбииһэргэ тахсан кэпсиэҥ этэ дуу? – мин өр соҕус тугу эрэ көрдөҕө буолан туран иһиллээн бараммын, атыыһыттан ыйытабын.
– Ээ… Ону ханна?
– Оттон мин ыҥырыахпын сөп ээ, тэлэбииһэргэ.
Итинник Харатааланы кытта билсэн турабын. Кини, Нам Хамаҕаттатыттан кэлэн атыылыыр, ырыынактарга көһө сылдьан турааччыбын, хаһан баҕарар булуоххутун сөп диэбитэ.
Мин хас да ый кини тахсыан сөптөөх биэриитигэр дьүөрэлэһэр кэпсээннэри хомуйдум. Кэбээйиттэн этитиилээх батас туһунан дьикти номохтоох дьон кэлэ сырыттылар, ол батас хаартыскатын аҕалбыттар. Кинилэри (учуутал уонна үөрэнээччилэр этэ) сюжекка уһуллубут. Батас туһунан суруйан, үөрэнээччилэр ханнык эрэ конференцияҕа кыттыбыттар. Бу батас туһуттан элбэх киһи суорума суолламмыт эбит. Аны батаһы батары анньыллан турар тиититтэн сыҕарытан, атын сиргэ уурдахтарына, ол турбут сиригэр төннөн хаалбыт буолар үһү. Дьэ, киһи эрэ итэҕэйиэ суоҕун курдук. Ол эрээри бүтүн дэриэбинэ дьоно ол батаһы дьиэтигэр аҕалбыт күөгэйэр күнүгэр сылдьар учуутал уол тібітүнэн моґуогурбутун, о.д.а. батаһы кытта ситимнээх дьикти түгэннэри мэктиэлиир эбиттэр.
Өссө биир «туохтаахпын эрэ» диир киһи көһүннэ. Санаабар, Харатаалабын сүрүн ыалдьыт гынан ыҥырар, таһаарар кэмим тоҕоосто. Устудьуоннарбын ырыынакка кинини көрдөтө ыыттым. Оҕолор куорат бары ырыынагын кэрийбиттэр, ханна да суох үһү. Дьонтон ыйыппыттарын:
«Оннук киһи баара да, көстүбэтэҕэ ыраатта», – диэбиттэр. Мин киһим олорор сирин эппитин арыычча өйдөөммүн, Нам Хамаҕаттатын дьаһалтатыгар эрийдим. «Оннук киһи баар» диэн буолла. Болдьоммут күҥҥэ Харатаала кэллэ. Ыалдьыппыт өссө бэйэтин кэмигэр Нам училищетын бүтэрбит идэлээх ойууһут эбит. Хас да этитиилээх ойууларын аҕалбыт, таҥаһын-сабын ойуун киэнигэр чугаһатан, оҥостубут. Ити Харатаала бар дьон иннигэр бастакы киэҥник тахсыыта этэ.
Оо, ол кини ойууларын, көрдөрө-көрдөрө, кэпсээбитин кэнниттэн ыҥырыа уйатын тоҕо таппыт курдук буолбата дуо? Билиҥҥи дьон, ыал ис туруктарыгар илдьэ сылдьар, улаханнык саҥарбат кыһалҕалара хантан-туохтан төрүттэммиттэрин, Айыылар, Өбүгэлэр онно туох ыйыыны биэрэллэрин туһунан тус көрүүлэрин ыалдьытым дьиэк киллэрбэттии олус итэҕэтиилээхтик этитэлээн кэбистэ.
Туох кистэлэ кэлиэй, ордук араллааннаах тоҕус уонус сылларга, ийэлэр үөскээбит оҕо олоҕун ис иһигэр эрдэҕинэ быспыт аньыылара элбэх буоллаҕа. Харатаала этэринэн, бу оҕолор хоргуппут куттара үөһэ да, аллара да барбакка, ийэлэрин буолбакка, айбыттарын булан, аҕаларын иһигэр киирэн, кини кутун-сүрүн үрэйээччи буолар эбиттэр. «Өйдөөҥ эрэ, эһиги эрдэргит хаһан, ханнык түгэнтэн иһэр-аһыыр буолбуттарай, куһаҕан дьаллыкка ылларан тосту-туора быһыыланан барбыттарай?!» – ыалдьытым экран нөҥүө сүрэхтэригэр астара түспүт дьахталлары тобулута көрөргө дылы гынар.
– Оттон ол оҥоһуллан хаалбыт аньыы иэстэбилэ хайдах эмит сымнатыллар, көннөрүллэр кыахтаах