Название | «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык |
---|---|
Автор произведения | Наталья Михалева-Сайа |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2017 |
isbn | 978-5-7696-5219-6 |
Мин итини суруналыыстыка итэҕэһин курдук саныырым уонна Сунтаарга да үлэлии сылдьан, Дьокуускайга даҕаны, үлэһит киһини дьоруой гынан таһаарар түгэн тосхойдоҕуна, олус үөрэрим. Ол эрээри оннук түгэн биирдэ эмит тосхойоро. Дьэ ити мин испэр иитийэхтии сылдьыбыт санаабын уот харахха этэр киһи көстүбүтэ! Арай мобильникпар билбэт нүөмэрбиттэн эрийдилэр. Тоҕо эрэ ыллым. Сунтаардыы «ыллыыр» саҥа иһиллэр:
– Ити суруналыыстар эһиги мэлдьи ырыаны-тойугу, ыһыаҕы, ол-бу күрэхтэһиини көрдөрөн тахсаҕыт дии. Оттон саха үлэлии турарын тоҕо биирдэ да көрдөрбөккүтүй?
– Оттон ыйан биэр ээ, ханна баалларый, үлэлии турар сахалар? – кистээбэккэ эттэххэ, «дьэ эмиэ биир куолуһут көһүннэ» дии санаабытым.
– Ону этээрибин эрийэбин дии. Нүөмэргин нэһиилэ буллум. Мин саха эдэр уолаттарын тутууга үлэлэтэбин. Биһиги ыччаппыт ханнык да омуктан итэҕэһэ суох, өссө ордук үлэлиир кыахтаах…
Ити тутааччы-предприниматель Уйбаан Александров этэ. Мин биэриим былааныгар сотору кэминэн иллэҥ миэстэ суох.
– Чэ, ый курдугынан эрийээриҥ эрэ, иккис кыбаартал былааныгар туруоруоҕум, – диэтим.
Ол курдук сайын саҕаланыыта саха тутааччыларын эйгэлэригэр киирэн, кинилэр кырата суох кыһалҕаларын, ону тэҥэ кырата суох ситиһиилэрин туһунан «Кэпсиэҕэ» кэпсиир, көрдөрөр кыахтаммытым. Таас тутууларга кэлии дьон үлэлииллэрин бары көрө-истэ сылдьабыт. Буолуохтааҕын да курдук ылынабыт. Ол гынан баран, саха тутааччылара даҕаны бу эйгэҕэ төһө баҕарар үлэлиир кыахтаммыттарыгар мин итэҕэйбитим. Арай кинилэри түбүгэ элбэх эрээри харчыта аҕыйах үлэлэргэ үтүрүйбэттэрэ, «түҥнэри аукционнар» түмүктэринэн, үптээх-харчылаах тутуулартан матарбаттара эбитэ буоллар…
Быһа эфиргэ тахсарбытыгар тутуу министерствотыттан киһи кэлэрин туруорса сатаабытым. Сахалыы сатаан саҥарар киһи суоҕунан элбэхтик «футболлаһан» баран, Ильин диэн киһини сорудахтаабыттара кэлиэх буолан баран, тоҕо эрэ кэлбэтэҕэ. Сюжеттарым олус үчүгэйдик оҥоһуллубуттара: эдэркээн саха уолаттара, дьээбэлээхтик кэпсэтэ-кэпсэтэ, көхтөөх баҕайытык мас дьиэни тута сылдьаллар. «Сирдээхпит буоллар, наһаа үчүгэй коттедж туттан бараммыт кэргэн ылыа этибит», – диэн сырдык ыралаахтар.
Иккис сюжетым «Сахалар – таас тутууга» диэн этэ. Куорат тутууларын кэрийэ сылдьан устубуппут, хас да саха тутааччыларын биригээдэлэригэр түбэспиппит. Тутааччылар, быһыыта, сынньалаҥҥа олоро түһэр кэмнэригэр ону-маны кэпсэтэр буолан, тыллара сытыыламмыт, сөптөөхтүк ыйаммыт соҕус дьон эбит дии санаабытым. Ханнык баҕарар ыйытыыга саҥата суох хаалбаттар, дьээбэлээх-хооболоох да эбиттэр этэ. «Ленскэй ууга барбытыгар