Название | «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык |
---|---|
Автор произведения | Наталья Михалева-Сайа |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2017 |
isbn | 978-5-7696-5219-6 |
Элгээйи нэһилиэгин үбүлүөйүгэр эмиэ олохтоох дьаһалта ыҥыран, үбүлээн, аналлаах биэриини таһаарбыппыт. Онно «Домисольки» диэн кырачаан оҕолор ансаамбыллара хас да ырыаны ыллаабыттарын устубуппут. «Оҕолор, эһиги өссө ханна баран, ханнык фестивалга ыллыаххытын баҕараҕытый?» – диэн ыйыппытым (Дьокуускайга, «Хотугу сулус» күрэххэ диэхтэрэ диэн санааттан). Дьонум: «Москваҕа!» – диэн хаһыытаһа түһэн соһуттулар. Кырдьык, бу оҕолор Москваҕа тиийэн оҕо Евровидениетигэр барааччылары сүүмэрдиир кэнсиэркэ олус чаҕылхайдык кыттыбыттарын саха дьоно Россия бары олохтоохторун кытта тэҥҥэ тэлэбииһэргэ көрөн астыммыт түгэннээхпит. «Домисолькалар» ол кыттыыларын туһунан кэпсээн «Кэпсиэҕэ» өссө биирдэ тахсыбыттара.
Оҕону устар хаһан баҕарар уустук. Ыллыы-туойа, туох эрэ ситиһиитин туһунан кэпсии турар оҕону да сүрдээх болҕомтолоохтук устуохтааххын. Хомойуох иһин, Орто дойду олоҕо оҕоҕо эрэ барытыгар былыта суох ыраас халлааны, ойор-тэбэр орой-мэник күннэри түстээбэт. Мин хаста да балыыһаҕа сылдьан, ыарахан ыарыыга ылларбыт оҕолор тустарынан устан турардаахпын. Кинилэри кытта суруналыыс хайдах кэпсэтиэн сөбүй? Туох да буолбатаҕыныы, оҕо сарсын ойон туран сүүрэн хаалыахтааҕыныы өрө көтөҕүллэн кэпсэтии – табыгаһа суох. Кини эйигин итэҕэйиэ суоҕа. Аһыммыттыы – сатаммат. Онон, оҕо хайдах быһыыга-майгыга баарын иһиттэн билэн, кини дьылҕатын, ыарыытын тэҥҥэ сүксэн олорон, инникигэ эрэли саҕар хабааннаах кэпсэтэриҥ сөптөөх быһыылаах. Мин оҕо сылдьан биирдэ сыл аҥаара курдук балыыһаҕа эмтэнэн турардаахпын. Онно мин «бастакы хоһоонум» диир хоһооммун суруйбутум. Ону таһынан балыыһа уһун күннэригэр тугу гыныахпытый, илиибитинэн ону-маны оҥорор, оҥорорго үөрэнэр, уруһуйдуур этибит. Онон, суруналыыс быһыытынан оҕо балыыһатыгар сылдьарбар «хайа, тугу дьарыгыраҕын? Тугу эмэ уруһуйдууруҥ, оҥороруҥ буолуо?» диэнтэн кэпсэтиибин саҕалыыбын. Оччоҕо оҕо хайаан да туумбатын аһан тугу эмэ, бэйэтин оҥоһугун хостоон көрдөрөр. «Бу кимиэхэ анаабыккыный? Маны оҥорорго ким үөрэппитэй? Хайыы, бу хайаларай?» – диэн ыйытыыттан-сэҥээрииттэн кэпсэтии аана аһыллан барар, оҕо эйигин кытта кэпсэтэриттэн толлубат курдук буолар.
Конец