«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык. Наталья Михалева-Сайа

Читать онлайн.
Название «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык
Автор произведения Наталья Михалева-Сайа
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2017
isbn 978-5-7696-5219-6



Скачать книгу

ыйытыы бөҕө киирбит эбит дии, тоҕо киллэрэн биэрбэтиҥ?

      – Оттон эрий да эрий буолаллар батта, киһи туруупканы уурар да кыаҕа суох…

      Чахчы, көрөөччүлэрим барахсаттар хаһааҥҥытааҕар да көхтөөхтүк, аналы булбакка соҕотох сылдьыыны саха омук биир уһугулаан турар улахан кыһалҕатын быһыытынан көрөн эгэлгэ да этиилэри эппиттэр, ыйыппыттар, туруорсубуттар этэ! Саҥа үлэлээн эрэр администратор кыыс төлөпүөнтэн хайдах да арахсар кыаҕа суох биир чаас устата быыстала суох ону суруйа олорбут!

      Бу биэриигэ олус уйаҕастык Мииринэй, Нерюнгри куоракка олорооччу саха эдэрчи дьонуттан: дьахталлартан да, эр да дьонтон киирбит этиилэри мэлдьи саныыбын. Кинилэр өрөспүүбүлүкэҕэ олорор, 25-тэн үөһэ саастаах, соҕотох сылдьар саха дьонун туһунан кииннэммит биир бааны оҥоруохха, суорумньуну судаарыстыба суолталаах үлэ чэрчитигэр киллэриэххэ эҥин диэн туруорсубуттар этэ. Уонна биһиги биэриибит, чуолаан мин, соҕотох дьону түмэр хамсааһыны саҕалаабытым курдук ылыммыттар, өйдөөбүттэр эбит этэ: олох хойукка диэри онтон-мантан төлөпүөммүн булан «били суорумньу үлэлиир дуо?» диэн ыйытааччылар… Ону таһынан, салалтабытыгар эмиэ тиийэллэр эбит. Биирдэ дириэктэрбит Николай Иннокентьевич: «Тоҕо уонна ким мин төлөпүөммүн суорумньуһут нүөмэрэ диэн биэрдэ? Сүгүн үлэлэтэллэрин аастылар…» – диэн күлүү аҥардаах эппитин истибиппит.

      Төһө да «күлүү аҥардаах» диэбитим иһин, ити биэрии дьон сүрэҕэр тиийбитэ кэргэннэнэр саастаах дьон сулумах сылдьыылара аҕыйах ахсааннаах омукка улахан кыһалҕа эрэ буолбатах, иэдээн эбитин көрдөрөр. Ол да иһин дьон-сэргэ өр кэмҥэ кэтэспит кэпсэтиилэрэ аһаҕастык тахсыбытыттан долгуйбуттар уонна туох эрэ хамсааһын буолан эрэр диэн эрэҥкэдийиэхтэрин баҕарбыттар…

      «Саас кэллэ – кус кэллэ!» «Чэ, сахаҕа сааскы кустан ордук кэрэхсэтэр туох да суох», – диэбитэ саас кэлэн эрдэҕинэ биир киһи. Кырдьык даҕаны! Ол гынан баран, биһиги режиссербунаан иккиэн дьахталларбыт, булт диэн дьарыкка дьөрү чугаһаан көрбөтөх дьоммут. Аны чуолаан булт туһунан кэпсиир атын биэриилэртэн холобур ылыахпытын, ол саҕана булка аналлаах биэрии суох этэ. Аркадий Алексеев айан туһунан биэриилэригэр куһу-куобаҕы биирдэ эмит кыбытарын аахпатахха. Ол да буоллар, биһиги туруммуппут. Кэмэ-кэрдиитэ да тоҕоостооҕо: саас тыына биллэн уонна соҕуруу ханна эрэ көтөр ыарыыта туран, кус көҥүллэнэрэ – көҥүллэммэтэ, хаһыстан саҕаланара уостан түспэт таайбараҥ кэриэтэ буолбут кэмэ этэ.

      Үөрүүнү кытта ыҥырыыбытын ылынан Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин үлэһиттэрэ уонна охотовед идэлээх эр дьон биэриибит ыалдьыттарынан буолбуттара. Көрөөччүлэри кычыгылатар «туох эрэ» биэриибитигэр баар буолуохтааҕа. Онуоха биһиги «булт маҕаһыыннарыгар тахсан, бириис көрдөөтөхпүтүнэ хайдаҕый?» диэн санаанан умайдыбыт. Ким эрэ билэр киһитэ «Царская охота» маҕаһыыҥҥа үлэлиир буолан биэрдэ, кини биһигини маҕаһыын салалтатын кытта ситимнээтэ. Онно дии, бирииспитигэр бүнүікүл туран, бүтүн Саха сирэ биир киэһэни быһа сааскы кус туһунан түөрт устуруокалаах