Название | «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык |
---|---|
Автор произведения | Наталья Михалева-Сайа |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2017 |
isbn | 978-5-7696-5219-6 |
«Сөрүүн сүөгэй курдук…» Күндэ эппитинии, «сөрүүн сүөгэй курдук…» төрөөбүт төрүт тылым туругуруон, саргыта салаллыан, дьылҕата сырдыан баҕарабын. Мин эрэ буолуо дуо, ордук суверенитет, национальнай оскуола концепцията өйбүтүн-сүрэхпитин өрүкүппүт сүһүөх дьоно омук быһыытынан уратыбыт – ийэ тылбыт туһугар иэспитин сытыытык өйдүүр туруктаахпыт. Ол да иһин Дьокуускай куоракка олорор төрөппүттэр (аІаардас тыаттан көһөн кэлбиттэр эрэ буолбатах) 2000 сыллар саҕаланыыларыгар өрөспүүбүлүкэбит киин куоратыгар сахалыы үөрэтэр оскуолалар, оҕо саадтара элбиэхтэрин баҕаран, бөлөх тэриммиттэрэ. Сорохтор оҕолоро ол саҕана соҕотох саха гимназията баарыгар үрдүк үөрэххэ киирии курдук улахан тургутуу моһолун кыайан ааспакка, нууччалыы тыллаах оскуолаларга үөрэнэн саҕалаан эрэллэрэ, сорохтор оҕолоро оскуолаҕа киирэр саастара сотору туолаары сылдьар этэ. Бу дьону «Кэпсиэҕэ» таһаарбыт биэриим уратылаах этэ. Ол иһин өйдүү сылдьабын.
Биллэн турар, бу саханы барытын таарыйар улуу кыһалҕа туһунан кэпсэтии күүрээннээх буолбута. Көрөөччүлэр бэйэлэрин ыйытыыларынан, этиилэринэн ыалдьыт быһыытынан кэлбит үөрэҕирии министиэристибэтин, Дьокуускай куорат үөрэҕириигэ салаатын үлэһиттэрин отой «көмөн» кэбиспиттэрэ. Мин буоллаҕына биэриим бүтэр болдьоҕо бу кэлэн иһэр, кэпсэтиини хайа да түгэҥҥэ астыктык тохтотон, түмүктүүр кыаҕа суох буолуох курдукпун. АСК диэн устуудьуйабыт үөһэ өттүгэр өстүөкүлэ түннүк нөҥүө олорон биэриилэри эфиргэ таһаарары сүрүннүүр салаа баар. Онно «выпускающий режиссер» диэн эппиэттээх киһилээхпит. Сюжет көстө турар кэмигэр: «Уон чааска түмүктүүр кыахпыттан таҕыстым», – диэн илдьит ыыттым. Ол күн мин биэриилэрбин мэлдьи сөбүлээн, хайҕаан көрөр идэлээх, эмиэ төрөөбүт тылын, култууратын туһугар ууга-уокка киирэргэ бэлэм үтүөкэн киһи, Таатта Баайаҕатын кыыһа Моника Попова «выпускающайдыыр»