«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык. Наталья Михалева-Сайа

Читать онлайн.
Название «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык
Автор произведения Наталья Михалева-Сайа
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2017
isbn 978-5-7696-5219-6



Скачать книгу

таһааран: «Биһиги НВК сахалыы куттаах-сүрдээх биэриилэрин оҥорооччуларга махталбыт бэлиэтин – бу олохтоох маастар Парасковья Матаннанова тикпит туос иһитин бэлэхтиибит. Бөлөх салайааччыта маны бэйэтэ көрөн, тэлэбиидэнньэ туһугар сулууспалатыа», – диэн баран, бөлөхпүт салайааччытыгар, оччотооҕуга улуус телестудияларын дирекциятын салайбыт Иннокентий Готовцевка туттаран кэбистэ.

      Айаммыт уһун. «Уазик» инники олбоҕор салайааччыбыт дьэрэкээн туос иһити араҥаччылыы көтөҕөн олорор. Мин буоллаҕына, бу иһит хайдах «тэлэбиидэнньэ олоҕор, үлэтигэр-хамнаһыгар сулууспалыан» сөбүн толкуйдуубун. Бэрэсидьиэммит кэбиниэтин киэргэтиэххэ сөп буолуо. Эбэтэр Готовцев салайааччы буолан сылдьыбыт айанын үтүө өйдөбүлүгэр дьиэтигэр илдьэ бардын. Эбэтэр биир эмит биэрии бэйэтин символа-бэлиэтэ курдук устуудьуйаҕа туруорар мал гыныан сөп. Ол биэрии хайаан да сахалыы тыыннаах буолуохтаах. Кини кута-сүрэ бу маллаах иһит курдук түҥ былыргы өбүгэни кытта ыкса ситимнээх, кэрээбэт кэрэ санаанан сайар, бараммат истиҥ кэпсээнинэн салҕанан иһэр буолуохтаах.

      Оттон… «Кэпсиэҕэ» туруорар соруктарым итинник буолбатахтар дуо? Ол эрээри устуудьуйам оҥоһуута маллаах иһит турарыгар барсыбат ээ. Эмискэ «Черный ящик!» диэн санаа өйбөр охсулунна. «Поле чудес» биэриигэ Леонид Якубович: «Приз в студию!» – диэтэҕинэ, хара дьааһыгы көтөҕөн киирээччилэр дии. Ол иһигэр баҕар, күлүү гыммыт курдук, хаппыыста сахсаллан сытара буолуо эбэтэр дьол туругуруутун туоһута буолан, массыына күлүүһэ кыайыылаахтык кылбачыйа сытара буолуо… Ыытааччы хара дьааһык хаппаҕын аһыар диэри оонньооччу онно туох баарын билбэт. Оттон биһиги эмиэ оонньотобут дии… Ол эрээри онно хаһан да хаппыыстаны угуохпут суоҕа, онно хайаан да сахалыы кинигэ уонна биирдэ эмэ бриллианнаах оҥоһук курдук күндү маллар угуллуохтара!

      – Иннокентий Иннокентьевич! Мин биллим, маллаах иһит саха көрөөччүтүгэр хайдах туһалыырын! – нуктаан испит салайааччыбын сиэҕиттэн тардыалаан уһугуннарабын уонна толкуйбун кэпсээн массыына иһин толорон кэбиһэбин.

      Массыына иһинээҕилэр бары сөбүлээн күйгүөрэ түһэллэр. Итинник, «Кэпсиэ» биэрии көрөөччүлэригэр утары уунар бириистэрин харайарга ананан тигиллибит курдук, иһиттэммитэ…

      «Тиктим 2003 сыл. Таатта. Матаннанова Парасковья Петровна. Дэбдиргэ» диэн иһиппит түгэҕэр сурук баар. Дьиҥэ, айар киһи кыайан тэриммэккэ хаалан, саамай элбэхтик толкуйдаабыт, иһигэр иитиэхтээбит санаатын, иэстээх курдук өйдөөбүт түгэнин кыайан ситэрбэккэ, толорбокко хаалара баар эбит. Мин киниэхэ, Парасковья Петровнаҕа, ааттаан-суоллаан тиийиэхтээх, кини туһунан кэпсиэхтээх, кинилиин кэпсэтиэхтээх этим эбээт… Ол эрээри дэбдиргэлэртэн ыҥырыыны кэтэһэн дуу, күн тура-тура түбүктэн түбүгү үмүрүтүү үгэнигэр дуу ити санаа туолбакка хаалбыта. Бэйэбин «ырааһырда» сатаан, ардыгар саныыбын манныгы: биһиэхэ массыына биэрэн командировкаҕа ыытыы диэн сүрдээх сэдэх буолааччы. Арай үрдүкү салайааччыбыт тылын биэрбит дьонун уста барарга