«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык. Наталья Михалева-Сайа

Читать онлайн.
Название «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык
Автор произведения Наталья Михалева-Сайа
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2017
isbn 978-5-7696-5219-6



Скачать книгу

«Оо, оттон ону кэтэстэхпитинэ устар кэммит бүтэр дии. Биир чааһынан оператор атын биэриини уста барар.». Иннокентий тарбахтарынан тиэстэтин өрө-таҥнары суруйан көрөр: «Чэ, эһиги ыксыыргытын иһиттэ быһыылаах. Тута дыгдас гынна. Саҕалыыбыт.». Хайдах үлэлээбиппитин ити курдук кэпсии турдахха бэйэтэ бүтүн кинигэ тахсар кыахтаах…

      «Былаас вертикала» диэн күүһүрэр кэмигэр үлэлээбиппит. Киинтэн Нехорошев диэн киһи Саха тэлэбиидэнньэтин үлэтин көрө-истэ кэлбит диэн буолла. Үлэбитин-хамнаспытын өр кэтээбит, онтон: «Биир эрэ биэриини тиһэҕэр тиийэ көрдүм, тылын өйдөөбөт да буолларбын («Кэпсиэни» эппит). Итинник биэриилэр тоҕо нууччалыы тылынан тахсыбаттарый? Онно өссө билэр киһим, повар Тарбахов, астаан көрдөрөрө баар. Кини национальнай бүлүүдэлэрин нууччалыы тыллаахтар тоҕо көрүө-билиэ суохтаахтарый?» – диэн хабааннаах түмүк оҥорбут.

      Үөһэттэн этилиннэ да, биһиэхэ чиэс биэрэ түһэллэр, «иһиттиэм-истибэтиэм» диэх курдук буолар. Тарбахов биэриитин нууччалыы гыныахха – ол аата «Кэпсиэттэн» таһаарыахха диэн сүпсүлгэн саҕаланна. Мин аһыйа санаабытым эрээри, Иннокентий Иннокентьевич экраҥҥа тахсар кэмэ биэс мүнүүтэттэн уһуохтааҕын, кини былаана, баҕата өссө да элбэҕин өйдүүр буоламмын, алгыһынан атаарбытым. Уонна ити кэмҥэ «Кэпсиэ» күүһүн ылан, ханнык да рубрикалара суох бардаҕына даҕаны, көрөөччүтүн сүтэрбэт таһымҥа тахсыбыт этэ. Тарбахов туспа биэриилэнэрэ үөһэттэн дьаһаллыбыт буолан, «Тыгын Дархан» эрэстэрээҥҥэ устуудьуйа-куукуна оҥоһуллубута, тустаах редактор анаммыта, асчыппытыгар кэмниэ-кэнэҕэс, дуогабарынан кыра хамнас төлөнөр буолбута. Кинилэр биэриилэрин биир бастакы ыалдьытынан миигин ыҥырбыттарыгар үөрбүтүм. Тарбахов онно: «Сайа миигин тэлэбиидэнньэҕэ аҕалбыта» – диэн көрөөччүлэригэр туһаайан эппитэ. Ол саҕаланарыгар биэрии нууччалыы барар этэ, онтон ити ирдэбилтэн сыыйа уонна саамай сөпкө туораабыттара: «Тарбаахаптыын астыахха» көрөөччү көтүппэт биэриитэ буолбута.

      Иннокентий Иннокентьевич «тэптэрэн ылыахха», «сырдьыгыната түһэбит» эҥин диэн бэрт баҕайдык саҥаран кэбиһээччи. Дьиҥэ, кини ас астааһыныгар киирбит тиэрминнэри сахатытыыга үлэлэһэр кыахтаах эбит. «Туши гынабыт» диэни «бүскүтэн буһарабыт» диэччи. Ханнык да саха итини атыҥыраабат, кулгаахха сөрү-сөпкө киирэр уонна өйдөнөр. Итинник, төрөөбүт тылбыт ис кыаҕыттан таһааран, ас астааһыныгар баһылаан-көһүлээн киирбит тыллары, өйдөбүллэри ыарыыта суох сахатытан кэбиһиэххэ баара. Онуоха ханнык да учуонайдардааҕар ордук таһаарыылаахтык уонна таба чулуу асчыппыт үлэлэһиэн сөптөөх дии саныыбын. Тарбаховтыын айар үлэбитинэн өссө да алтыһар санаалаахпыт уонна ол баҕа санаа туоларыгар эрэллээхпит.

      Оттон Нехорошев үлэтин түмүгүнэн «Кэпсиэни» сэргэ «Нескучный вечер» диэн нууччалыы тылынан быһа эфиргэ тахсыы баар буола сылдьыбыта да, тоҕо эрэ уһаабатаҕа.

      «Суруллубут – суоруллубат». Маннык ааттаах рубрикалана сылдьыбыппыт. Төһө даҕаны бу кэмҥэ тыаттан кэлэн олохсуйуу муҥутаан элбээн турдар,