Название | Сүлүһүннээх таптал |
---|---|
Автор произведения | Сардана Сивцева |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-5514-2 |
– Баҕар, буолуо. Ол эрээри дьыала онно буолбатах. Көтөр-сүүрэр уйатын мээнэ тыытыа, алдьатыа суохтааххын.
– Алаастыыраптар, аҕабыт үҥсэ тиийбитин сөбүлүүллэрэ саарбах, – Лидыкка улахан киһи курдук саҥарар.
– Биллэн турар, – Мотуруона өрө тыынар. – Манна кэллэ-кэлээт, бурайсартан атыны билимээри гынныбыт. Саатарха, ити мааҕыын ньирэй аһата туран, Өкүлүүнэлиин эмиэ хапсан ыллыбыт дии!
– Ээ, ол барыта ити кыра уолаттартан сылтаан таҕыстаҕа. Аата, ньирэй тиийбэтигэр дылы былдьастахтара үһү? – Лидыкка бэйэтэ да соһуйбут быһыылаах.
– Ийээ, эһиги, улахан дьон, мээнэттэн кыыһырсымаҥ ээ. Сотору Моттоко каникулугар кэлиэ. Биһиги кинилиин үчүгэйдик билсиэхпитин, доҕордоһуохпутун баҕарабыт ээ. Эһиги бурайса сырыттаххытына, ол хантан кыаллыай? – Любуска оруннааҕы эттэ быһыылаах, ийэтэ улахан кыыһын кытта сөбүлэһэрин биллэрэн, тоҥхох гынна.
– Оннук ээ, сөпкө этэҕин!
– Моттокоттон биһиги куорат олоҕун, устудьуон буолар хайдаҕын билиэхпитин баҕарабыт.
– Дьэ, Моттоко кэллэҕинэ, үчүгэйдик ыйыталаһан хаалаарыҥ. Аҕыйах сылынан эһиги да төрөөбүт дьиэҕититтэн арахсар инигит? Эбэтэр оскуоланы бүтэрээт, эргэ тахсаҕыт дуу?
– Ээ, суох! Тугу гынаары эргэ таҕыстахпытый? Пахай да пахай! – Любуска тыбыыра түһэр.
– Мин эмиэ инньэ дии саныыбын! Эһиги курдук пиэрмэ үлэһиттэрэ буолуохпутун баҕарбаппыт, – Лидыкка эдьиийин кытта санаалара биир эбит.
– Чэ, оччоҕуна кытаатан үчүгэйдик үөрэнэ сатааҥ! – ийэлэрэ кыргыттара атын сыаллаахтарын-соруктаахтарын истэн, сэргэхсийдэ.
– Онто да суох хорошисткаларбыт! – Лидыкка ийэтин уоскута таарыйа эттэ.
Ити курдук сэһэргэһэ олордохторуна, Уйбааннаах Баанньыска киирэллэр. Уйбаан тоҕо эрэ санаарҕаабыт сирэйдээх.
– Хайа, дьоҥҥор тахсан үҥүстүҥ дуу? – эбиитин Мотуруона уокка арыыны кутан биэрдэ.
– Үҥсүөм дуо? Баары эттэҕим дии! – Уйбаан ойоҕо кини диэки буолбатаҕыттан кыыһыра быһыытыйда.
– М-мм… Ону туох диэтилэр?
– Туох диэхтэрэй? Билиннэхтэрэ дии. Көтөр уйатын Лөглөө арагаакканан ытыалаан алдьаппыт үһү.
– Уу, баҕайыны! Ол иһин да арагааккалаах сүүрүкэлиирин көрбүтүм ээ. Туох да оройунан көрбүт оҕо баар дии!
– Аҕата арагааккаларын уоттаата.
– Сөпкө гыммыт. Аны тарбыйаҕы дуу, киһини дуу дэҥнээн, ол алдьархайа тахсыа.
– Өйдөнөр ини.
– Чэ, сөптөөх миэрэ ылыллыбыт буоллаҕына, бэрт. Оҕолор, атаххытын суунан баран, утуйардыы сытыҥ. Чаас да ыраатта.
– Кыратык кинигэ ааҕыахпыт, сөп?
– Ааҕаарыҥ, ол эрээри наһаа үлүһүйүмэҥ. Уугутун үргэн баран, бэйэҕит эрэйдэниэххит!
Оҕолор атахтарын сууна, таһырдьа тахсаллар. Дьиэҕэ Уйбааннаах Мотуруона иккиэйэҕин хаалаллар.
– Уйбаан, туох ааттаах харчытын сүүйтэрбит киһи курдук буоллуҥ?
– Ээ, бэйэм да билбэппин ээ тоҕотун… Хайдах эрэ ис испиттэн ыһыллан хаалбыт курдукпун.
– Кэбис, инньэ диэмэ. Сотору оттуу барыаҥ дии?
– Оннугун оннук, –