Название | Сүлүһүннээх таптал |
---|---|
Автор произведения | Сардана Сивцева |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-5514-2 |
– Һы! Бэйэҥ малгын бэйэҥ аҕалыахтаах этиҥ буоллаҕа!
– Ээ, оттон, умнан кэбиспиппин! Уонна уруунньук тута сылдьыам дуо? Кыбыстыыта бэрт.
– Оччотугар таһырдьа тахсан ииктиэххин. Улахаҥҥын буотта?
– Ээ, суох, түүн таһырдьа тахсарбыттан куттанабын.
– Пахай, куттас куобах эбиккин! – Лөглөө, таах олоруохтааҕар орооһор.
– Аныгыскы сырыыга, иигиҥ кэллэҕинэ, ийэҕин туруораар, – Оппоо хос сыҥаах буолар. Куока кыһыытыттан туох да диэбэт, кытаран баран, килиэбин остуолга бытарыта олорор.
– Ону-маны солуута суоҕу саҥарымаҥ! Оҕону эрэйдээбэккэ-муҥнаабакка, саатар, туох эрэ бааҥката булан биэриҥ ээ! Чэ, ийэтэ тугу эмэ толкуйдуур ини. Уонна сэниэлээх соҕустук аһаан ньумньугуратан иһиҥ. Хайа, Куока, тоҕо аһаабаккыный?
– Ээ, аһыахпын баҕарбаппын.
– Ити баар, оҕону мээнэ ыстырыыстааҥҥыт, аһыан да баҕарбат буолбут! Тото оҕустуҥ дуо ити ыккардыгар?
– Тотон…
– Һы, дьикти эбит. Хайдах аһыыргын биир бэйэм көрбөккө да хааллым, – Өкүлүүнэ, бадаҕа, уолун аһынар.
– Кини күн сырдыгыттан күүс ылар, – Лөглөө тыл быраҕар.
– Чэ, ону-маны тыллаһан бүтүҥ! Билигин ньирэйдэрбитигэр тахсыахпыт, – диэн эдьиийдэрэ хамаандалыыр
– Чуур, Эриэнчикэйи мин аһатабын! – Куока тиллэ түһэр.
– Аһатаар, аһатаар! – Өкүлүүнэ «уучукурук!» диэбиттии, Куока диэки мүчүк гынар.
Тыа олоҕо – бүппэт үлэ. Любуска иһит сууйа турар, балта муоста харбыыр, арай Баанньыска күн кыһалҕата суох «Мурзилка» ааҕа сытар.
– Чэ, сып-сап үлэҕитин үмүрүтэ охсуҥ! Тахсарга уолдьаста! – ийэлэрэ киирэн тиэтэтэр.
– Ээ, мин тахсыбаппын, манна хаалабын, – Баанньыска атааҕа эмиэ киирбит.
– Бай, ол тоҕо эн хааллаххыный? Ыарыйдыҥ дуо? – Мотуруона долгуйбуттуу ыйытар.
– Ааспыкка почтальон Бааһа саҥа «Мурзилка» аҕалбыта. Онтукайбын ситэри ааҕыахпын баҕарабын.
– Ээ, хайдах буоллаххыный? Бачча обургу уол, ама, «Мурзилка» ааҕан таралыйа сытыаҥ дуо? Оннооҕор Куока дьонугар көмөлөһөр!
– Оо дьэ… – Баанньыска хайдахтаах курдук сүрэҕэлдьиирэ сирэйигэр сурулла сылдьар.
– Анаан-минээн сүрэҕэ да суох ыччат үөскээбит! – Уйбаан абарбыттыы этэр. – Соҕотох уолбут саамай сүрүн көмөлөһөөччүбүт буолуохтаах этиҥ буоллаҕа дии?
– Бээ, бээ, эрдэтинэ наһаа инньэ диэмэ. Баҕар, мантыкайгыттан учуонай киһи тахсыа! – ийэлэрэ кэм да көмүскэһэр.
– Үлэһит киһи учуонай буолар ини! Маннык сүрэҕэ суох буоллаҕына, ыраатара саарбах. Нохоо, тахсыахха! Ол-бу араас буолума!
Баанньыска баҕарбатар да турар. Ньирэйдэр далларыгар Силэпсиэптэр бастакынан тиийэллэр.
– Аҕаа, ким да кэлэ илик эбит дии? Биһиги уруттаабыппыт, – Баанньыска таах сибиэ эрдэ кэлэн диэбит курдук этэр.
– Куттаныма, билигин кэлиэхтэрэ. Көрөҕүн – ньирэйдэр барахсаттар аһаары үтүрүһүү бөҕөлөрө!
– Ээ, кырдьык да, аччыктаабыттар…
Баанньыска аттыгар турар ньирэйи бытыылкалаах үүтүнэн аһатан барар. Алаастыыраптар