Название | Сүлүһүннээх таптал |
---|---|
Автор произведения | Сардана Сивцева |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-5514-2 |
– Эдьиий, Эриэнчикэйгэ өссө үүт биэрэбин? – Куока Өкүлүүнэҕэ кураанах бытыылкатын көрдөрөр.
– Бүтэрбит буоллаҕына, сөп буолуо. Түксү!
– Оттон топпотох быһыылаах дии?
– Куока, көрөҕүн, атын ньирэйдэр хам аччык тураахтыыллар дии? Олору эмиэ аһатыахха наада. Үүппүт тиийиэ суоҕа.
Куока өрө тыынаат, Эриэнчикэйигэр тиийэн, моонньуттан кууһан ылар уонна кэпсэтэн барар.
– Эриэнчикэй, миэхэ кыыһырыма сөп? Эдьиий үүт биэрбэтэ. «Атыттары эмиэ аһатыахха наада» диир. Эн миигин өйдүүгүн?
Куока ньирэй таас курдук хап-хара харахтарын одуулуур. Кини ити курдук төһө баҕарар туруох көрүҥнээх да, Өкүлүүнэ саҥата иһиллэр.
– Куока, аһатан бүппүт буоллаххына, эн биһикки кыратык хаамса түһүөххэ..
– Сөп, эдьиий.
Ньирэйдэрин аһатан бүтэрээт, Өкүлүүнэ Куокалыын күөл кытылыгар хааман кэлэллэр.
– Эдьиий Өкүлүүнэ, бу күөлгэ балык баара буолуо дуо?
– Сураҕа, буолунай үһү, – Өкүлүүнэ, били биригэдьиир эппитин саныы биэрэр.
– Оттон оонньууллара көстүбэт дии? – күөл ньуура, кырдьык да, остуол ньуурун курдук көнө, төрүт хамсаабат.
– Баҕар, түгэххэ уста сылдьаллара буолуо, ким билиэ баарай?
– Оттон андаатар? – уолчаан билиэн баҕарара эчи элбэҕин!
– Ээ дьэ, ону билбэтим. Һычы, хата иһит эрэ кэҕэ этэрин?
Иккиэн кэҕэ «кук-куук» диэн этэрин истэн олороллор.
– Кэҕэ, кэҕэ, хас сыл олоруохпунуй? – диир эмискэ Өкүлүүнэ.
Кэҕэ, хаста да этээт, бөтөн хаалар. Өкүлүүнэ тоҕо эрэ курутуйар.
– Эдьиий, ама, итиччэ кылгастык олороҕун дуо? – диир Куока, хайдах эрэ хомойбуттуу.
– Ээ, ити диэн сымыйа буоллаҕа. Эдьиий уһунну-ук да уһуннук олоруо, оҕото хайдах улаатарын, дьээдьэ буоларын көрүөн наада дии?
– Ааһа…
Өкүлүүнэ Куокатын диэки тапталлаахтык көрөр. Өтөр уолчаан кини тобугар утуйан хаалар.
– Чыкырыгым барахсан… Наһаа да үчүгэйгин, наһаа да минньигэскин…
Өкүлүүнэ күөл долгуна суох чуумпу ньуурун одуулуу олорор. Арааһа, маннык, бэйэтин кытта бэйэтэ хаалар түгэннэригэр эрэ, кини уруккутун саныыр-ахтар, эдэр сааһыгар төннөр кыахтанар буоллаҕа.
– Оо, арай кэргэним Сүөдэр сэрииттэн эргилибитэ, игирэ кыргыттарым тыыннаах хаалбыттара эбитэ буоллар, төһө эрэ дьоллоох буолуом этэй?
Ити олорон, кини хаһан да эргиллибэт эдэр сааһыгар төннүбүккэ дылы буолар. Кини да кэргэн, ийэ буола сылдьыбыта. Сүөдэринээн иккиэн суулаах кыргыттарын көтөҕөн, уулусса устун хааман иһэллэрэ бу баарга дылы… Оо, дьоллоох да этилэр! Ол эрээри быстах дьол диэн эмиэ баар эбит.
– Чороҥ соҕотох хаалан баран, хайыамый? Сурдьум ыччаттарыгар сыстаммын, олору атахтарыгар туруорар туһуттан кыаҕым баарынан көмөлөһө сатыыбын… Сотору Моттоком кэлиэ, устудьуон кыыс биһигини