Название | Сүлүһүннээх таптал |
---|---|
Автор произведения | Сардана Сивцева |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-5514-2 |
– Дойдубутугар кэлэн баран, хайдах эһигини кытта көрсүбэккэ барыахпытый? – Августа эдьиийин кууһан ылар.
– Дьэ, холоонноох доҕоргун, тапталлаах кэргэҥҥин кытта билиһиннэр эрэ! – Уйбаан аттыларыгар туран саҥа аллайар.
– Билсэҥ кэбиһиҥ – Алексей! – Августа мичээрдиир.
– Ээ дьэ, бэрт бэрт! Мин Уйбаан диэммин.
Уйбааннаах Алексей илии тутуһаллар.
– Эрдэ билбиппит буоллар, бырааһынньык аһын астыа эбиппит, ону баара…
– Эдьиий, олох долгуйума! Биһиги эһигини кытта көрсө кэллэхпит дии!
– Оннугун оннук эрээри… чэ, манна туруохпут дуо? Дьиэҕэ киириэххэйиҥ! – Мотуруона ыҥырар.
Уолаттар дуоһуйуохтарыгар диэри сөтүөлээн баран, ууттан тахсаллар.
– Сөтүөлүүр диэн астыгы-ын! – Оппоо чээлэй күөх окко, тиэрэ түһэ сытан, саҥа аллайар.
– Күн аайы маннык куйаас күннэр тураллара буоллар, баҕабыт хоту сөтүөлээн хаалыа эбиппит, – Лөглөө күн уотуттан хараҕын симириктии-симириктии этэр.
– Оннук ээ, – Оппоо быраатын сөбүлэһэр.
– Оппоо, бачча куйааска ити кыргыттар тоҕо сөтүөлээбэттэрэ буолуой? Дьиэлэригэр хатанан баран олороллор дии! – Лөглөө, Силэпсиэптэр дьиэлэрин диэки көрө-көрө, убайыттан ыйытар.
– Дьэ диэмэ. Арааһа, биһигиттэн кыбысталлара буолуо.
– Сөтүөлүү кэлэллэрэ буоллар, мин сэмээр Лидыкканы кэтээн көрүөм этэ… Эбэтэр Любусканы…
– Хайаларын эрэ сөбүлээн кэбистиҥ дуо? – Оппоо быраатын диэки дьээбэлээх баҕайытык көрөн ылар.
– Билбэтим… Баҕар, буолуо даҕаны, – диир Лөглөө таайтарыылаах баҕайытык.
– Көр, о-ол, Баанньыска күөгүлүү турар, – Оппоо Баанньысканы бэлиэтии көрөр.
– Ээ, кырдьык даҕаны! Һэ-һэ… Балыксыт буолбут дии! – Лөглөө сэнээбиттии күлэн ылар.
– Хата, төннөн иһэн төһөнү балыктаабытын көрөбүт дуо?
– Ээ, суох! Наадалаах этэ! Хобуоччулары кытта кэпсэппэппит! – Лөглөө Баанньыскаҕа кыыһырбыта билиҥҥээҥҥэ диэри ааһа илик быһыылаах.
– Һы, оччоҕо сайыны быһа кини итинник соҕотоҕун сылдьар дуо?
– Сылдьан көрдүн!
– Оччотугар Лидыска дуу, Любуска дуу эн диэки буолаллара саарбах. Бырааттарын атаҕастаппаттара буолуо.
– Арба да оннуктаах этибит дуу? – Лөглөө ити түгэни олох да умнан кэбиспит эбит.
– Баанньыска нөҥүө кыргыттары кытта билсиһиэххэ сөп этэ… Сайын да уһун…
– Наһаа да өйдөөххүн! – Лөглөө убайын диэки сөхпүттүү көрөн ылар.
– Таһынааҕы ыалбытыгар Мотуруона балта кэргэнинээн кэлбиттэр, – Өкүлүүнэ кэпсиир. Сайылыкка туох барыта сонун буоллаҕа!
– Ээ, Августа диэ… Барахсан, үчүгэй да кыыс, – Маайа сэргии истэр.
– Эдьиийин төрүт умнубат, барахсаныҥ, төһө да үөрэхтэннэр, куоракка олохсуйдар, куруук кэлэ турар.
– Оннук.
– Бээрэ, Маайа, тахсан сүөһүгүн ыа эрэ. Биһиги Куокалыын кыратык сытан ылыахпыт. Эбэтэр, һычы, эн убайдаргын кытары оонньуоххун баҕараҕын