Название | Сүлүһүннээх таптал |
---|---|
Автор произведения | Сардана Сивцева |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-5514-2 |
– Ээ, сөп, сөп, – Августа, сөбүлэһэрин биллэрэн, кэҕис гынар.
Маайа баалынайга таҥас сууйа турар. Аттыгар Ньукулайа күлүккэ олорон, алдьаммыт эргэ олоппоһу оҥоро сатыыр.
– Дьэ, анаан-минээн куйаас да күн буолла! – диэн кини, сыралҕан итииттэн-буспут хаппыт киһи быһыытынан, саҥа аллайар.
– Астык дии! Сайын буолан баран, куйааһа үчүгэй, – Маайа мичээрдиир, тоҥуохтааҕар тириппит ордук.
– Оннугун оннук эрээри, арыый да сөрүүнэ эбитэ буоллар! Маннык куйааска киһи тыына-быара хаайтарар…
– Ээ, сотору, баҕарбатаргын да тымныйыа. Хас күн маннык куйаарар үһүнүй? Сайыммыт да, эчи, кылгаһа, саҥа үөрэнэн истэххинэ, бүтэн хаалара хомолтолоох баҕайы… Уһун да уһун, куйаас да куйаас сайын буолуон баҕарабын…
– Олох итии дойдуга төрүөхтээххин, алҕаска манна төрөөбүккүн дуу? – Ньукулай ойоҕун диэки көрөн ылар.
Дьиэттэн Өкүлүүнэ быгар.
– Хайа, аччыгый уолгут ханнаный?
– Ньирэйдэригэр барбыта, – Ньукулай хоруйдуур.
– Һы, ньирэйимсэх да уол! Ити Эриэнчикэйин олох киһини курдук кууһар-сыллыыр.
– Дьэ, диэмэ даҕаны. Анаан-минээн тоҕо ити ньирэйгэ ыллардаҕай?
– Ким эрэ туһугар кыһаллыан-мүһэллиэн баҕараахтаатаҕа.
– Оннук быһыылаах, арааһа.
– Оттон эһиги уолгутугар оҕото бэлэхтиэххитин, дьэ, оччоҕуна, кыһаллар-мүһэллэр киһилэниэ этэ буоллаҕа дии?! – Өкүлүүнэ сурдьун диэки үөннээхтик көрөн ылар.
– Оҕо даа? – ити тухары саҥата суох таҥас сууйа турбут Маайа, соһуйан, саҥа аллайар.
– Оттон кэм ханыыланыа этэ дии? Убайдара киниттэн быдан аҕалар. Мин көрдөхпүнэ, бэйэтэ бэйэтигэр сылдьаахтыыр.
– Ээ, айыка, саас да ыраатта, түөрт оҕо сөп оҥоруо, – Маайа быһа-бааччы этэр.
– Оннук. Итилэри да иитиэххэ-аһатыахха, таҥыннарыахха диэтэххэ…
– Чэ, үксүн мин көмөлөһөбүн быһыылаах. Хамнаһым супту эһиги оҕолоргутугар бара турар, – Өкүлүүнэ кинилэр диэки «Саҥарымаҥ!» диэбиттии, сапсыйан кэбиһэр.
– Эдьиийбит барахсан, көмөҥ, кырдьык, баһаам. Эйигинэ суох, эрэйдэниэ эбиппит.
– Уолаттаргыт таах, ускул-тэскил сылдьыбакка, хайаан да туох эрэ идэни ылыахтарын наада. Ити эдьиийдэрин Моттоко курдук. Маладьыаһыҥ, хата айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун тобулан, бэртээхэй үөрэххэ киирдэ дии?
– Дьол хараҕа суох дииллэрэ ити буоллаҕа, – Маайа, улахан кыыһын санаан, сирэйэ-хараҕа сырдыы түһэр.
– Аҕыйах хонугунан Моттокобут кэлиэ, дьэ, оччоҕуна, олохпут быдан сэргэхсийиэ… – Өкүлүүнэ сүргэтэ көтөҕүллүбүттүү этэр.
– Оннук ээ! Оҕом сыыһа, кэпсээн-ипсээн, күлэн-үөрэн, күн тэҥэ киһи! – Ньукулай кыыһын ахтыбыт быһыылаах.
– Этэҥҥэ сырыттаҕына, бэйэтин ааттатыа! – Өкүлүүнэ Моттокотун киэн туттара өтө биллэр.
Оппоолоох Лөглөө дьиэлэриттэн быгаллар.
– Биһиги сөтүөлүү бардыбыт! – Оппоо, күн тыгара күүһэ