Название | Сүлүһүннээх таптал |
---|---|
Автор произведения | Сардана Сивцева |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-5514-2 |
– Эн ону-маны тыллаһан бүт эрэ! Истиэххин баҕардаххына, Брежневи түһээбитим.
Уйбаан соһуйан, ходьох гына түһэр.
– Һ-м…Брежневи даа?
– Ааһа. Леонид Ильиһы.
– Утуйуоҥ иннинэ «Кыымы» аахпытыҥ ити баар! Хайыырый ол Брежневпит?
– Манна кэлэр!
– Манна диэн ол аата ханна?
– Манна диэн манна! Өллөөххө!
– Эс, сымыйалыыгын быһыылаах! Балыыҥкалаама!
– Уоспадьы! Түүлгэ баҕас тугу баҕарар көрүөххэ сөп ини! Кырдьык буоллаҕай? – Мотуруона, оҕонньоро бытааннык толкуйдууруттан кыйыттан барда.
– Эмиэ да оннук… Түүл диэн түүл буоллаҕа. Оччотугар Брежневпит манна кэлэн дьэ хайыырый?
– Кылабачыгас хара массыынатынан сыыры түһэн, бу сайылыкпытыгар кэлэр. Кэнниттэн элбэх баҕайы атын кып-кылабачыгас массыыналар, ол быыһыгар биһиги биригэдьиирбит газигынан арыаллыыллар. Тохтоотторун кытары, Ыстапаан Ыстапаанабыс долгуйа-долгуйа: «Леонид Ильич, бу биһиги сопхуоспут бастыҥ үлэһиттэрэ» – дии-дии биһигини ыйар.
– Ээйи-ис! – арааһа ойоҕун кэпсээнин барытын хараҕар ойуулаан көрөн, онтон бэркиһээн, Уйбаан күлэн күһүгүрүүр.
– Онуоха Брежнебэ биһиэхэ эрэ аахайбат: «Баран, сүөһүлэргитин көрүөххэ, төһө төлөһүйбүттэрий?» – диир. Дьэ уонна бука бары сүөһү турар далыгар хааман тиийэллэр уонна… – Мотуруона, кэпсээн иһэн, тохтоон хаалар.
– Тоҕо тохтоотуҥ? Салгыы кэпсиэххин?
– Ээ, салгыы киһи кэпсиирэ туох да үчүгэй суох.
– Бай, туох буоллахтарай? Брежнев ынах сааҕыттан халтарыйан, тиэрэ таһыллан түһэр дуо?
– Уу, бу акаарыны! – Мотуруона, кэлэйбиттии, оҕонньорун эмиэ тоҥолоҕунан өттүккэ саайар.
– Оттон оччоҕо туох буоларый?
– Тиийбиттэрэ, сүөһүлэрбит тылларын таһааран баран, сиргэ тараһан сытаахтыыллар эбит.
– Ол аата хайдах? – диир Уйбаан, өйдөөбөтөхтүү.
– Оо дьэ! Чахчы да тиийиммэккин дуу, хайдах дуу? Хайдах тута өйдөөбөт баҕайыгыный? – Мотуруона ис-иһиттэн кыйыттан барар. – Түһээтэхпинэ, ынахтарбыт чыыста бары сиргэ өлөн тараһан сыталлар!
– Аньыы даҕаны! Аата, булан-булан түһээтэххиний?!
– Дьэ, диэмэ! Бэйэм да куттанным ээ, сүрэҕим «парк» гына түспүтэ. Ол иһин эрдэ тураммын, сүөһүлэрбин баран көрбүтүм, хата барахсаттар этэҥҥэ тураахтыыллар эбит.
– Оннук эрэ буоллун…
Маайа, остуолун тардан баран, дьонун көһүтэ таарыйа, сөбүлүүр ырыаһыта Ольга Иванова репертуарыттан киҥинэйэн ырыа ыллыыр. Ыллаан истэҕин аайы, сирэйин тыҥааһына сүтэргэ, наҕылыйан, ис иһиттэн уоскуйан барарга дылы буолар. Өкүлүүнэ киирбитигэр, тохтоон иһэн, анарааҥҥытын сирэйин олоруута сымнаҕаһын, кини диэки эйэ-дэмнээхтик көрөрүн билэн, ырыатын тохтоппот, ситэри ыллыыр.
– Дьэ, Маайа, туох да диэбит иһин ыллыыргын баҕас сатыыгын. Киһи эрэ иһиттэр-истиэх курдук… – Маайа ырыата Өкүлүүнэ дууһатын кылын эмиэ таарыйбыт