Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Читать онлайн.
Название Биһиги Аан Дархаммыт
Автор произведения Тумарча
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2007
isbn 978-5-7696-3554-0



Скачать книгу

истэҕин аайы дьон эрэ буолбакка, арааһа, партия программалара, идеология, салайар систиэмэлэр эмиэ кырдьан, эргэрэн иһэллэр быһыылаах. Ол да иһин 80-нус сыллар ортолоругар партияҕа даҕаны киэҥ далааһыннаах реформа ыытыллара тоҕоостоох олох ирдэбилэ буолбута. Уларыта тутуу чэбдик салгына өй-санаа бары өрүттэрин хабан, төһөлөөх үөртэ-көтүттэ, инникигэ кынаттаата этэй?..

      Михаил Ефимович саҥалыы хайысхаҕа үктэнэн эрэр Сахатын сиригэр президенинэн талыллар дьылҕатыгар бастакы оҥорбут хардыытынан 1989 сыл ахсынньы 8 күнүгэр Саха АССР Верховнай Советын Президиумун председателинэн анаммыт күнүн ааҕар. Онно барыта 9 кандидат кыттыбыта, олор истэригэр кэлин 1991 уонна 1996 сылларга президеҥҥэ тура сылдьыбыт И.Д.Черов, А.Н.Алексеев, П.Д.Осипов бааллара. Ол кэмҥэ Верховнай Совет оруола бэрт дуона суоҕа. Республика олоҕор улахан суолталаах, боччумнаах боппуруостарга депутаттар ылынар уураахтарын партия обкомугар суруйаллара уонна бигэргэтэллэрэ.

      Норуот талбыт депутаттарын былааһын хайдах гынан бөҕөргөтүөххэ, баар быһыыны-майгыны хайдах уларытыахха сөбүн туһунан Михаил Ефимович бэрт өр толкуйдаабыта. 1990 сыл кулун тутарга Саха АССР Верховнай Советыгар быыбардар ыытыллыахтаахтара. Маны туһанан, кини Парламеҥҥа төһө кыалларынан саҥалыы өйдөөх-санаалаах дьон киирэллэрин ситиһэ сатаабыта. Верховнай Совет инникитин компартия обкомуттан наһаа тутулуктамматын туһугар кини боломуочуйатын үрдэтэр, күүһүрдэр аналлаах сокуон бырайыагын бэлэмниир үлэни эрдэттэн ыытыллыахтааҕа. Республика парламенын бөҕөргөтөр сыалтан РСФСР парламенын быыбарыгар кыттыыны ыларга быһаарыммыта. Россия депутатын статуһа, олохтоох партноменклатура араас киириититтэн-тахсыытыттан көмүскэнэр кыаҕы биэрэр эрэ буолбакка, өссө Россиятааҕы, дьиҥинэн ыллахха, бүтүн Союзтааҕы да трибунаҕа тахсар суолу аһара. 1990 сыл саҥатыгар Михаил Ефимович Саха АССР уонна РСФСР парламеннарыгар талылларга баллотировкаламмыта.

      Оччолорго хайыы-үйэ уруккутааҕар чыҥха атын, ССРС народнай депутаттарын съезтэрэ административнай-хамаандалыыр систиэмэ режимэ төһө бигэтин бэрэбиэркэлээн көрөр бириэмэтэ этэ. Көҥүл этэр-тыынар, кэпсэтэр-ипсэтэр, кулгаах-харах аһыллар, өй-санаа уһуктар кэмэ туругуран эрэрэ. Дьон кинилэр күүс-көмө, тирэх буолар баҕа санааларыттан туох эрэ тутулуктанарын итэҕэйэр буолан барбыттара. Саха Республикатын Верховнай Советыгар үгүс хоодуот дьон талыллан киирбиттэрэ. Кинилэр истэригэр учуонайдар, улахан холбоһуктар, тэрилтэлэр салайааччылара, айар интеллигенция бэрэстэбиитэллэрэ бааллара. Үгүстэрэ, ол иһигэр «Саха омук», о. д.а. уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ, хамсааһыннарга кыттан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибит дьон, дойдуга уонна республикаҕа буола турар уларыйыыларга актыыбынай кыттыыны ылар сыаллаах-соруктаах парламеҥҥа кэлбиттэрэ. Саҥалыы туттунуу-дьаһаныы уоҕа улахан этэ.

      1990 сыл муус устарга Саха АССР Верховнай Совета маҥнайгы сессияҕа мустубута. Сессия иннинэ партия обкома Верховнай Совекка бэрэссэдээтэлинэн обком бастакы