Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Читать онлайн.
Название Биһиги Аан Дархаммыт
Автор произведения Тумарча
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2007
isbn 978-5-7696-3554-0



Скачать книгу

кыттар делегация састаабыгар киллэрэргэ уонна Бүтүн Россиятааҕы бассабыык партия Х съеһигэр сүбэ куоластаах делегатынан Москваҕа ыытарга диэн уураах ылыммыттара. Онон, алдьархайтан ас таһаарыммыт диэбиккэ дылы, эбиитин Москваҕа тиийэн съезкэ кыттан, Ленини илэ бэйэтин көрөн, тылын-өһүн, ордук национальнай политика туһунан этиитин олус биһирээн, онтон сиэттэрэн автономия боппуруоһун туруорса, бүтүн норуот дьылҕатын быһаарар дакылаат суруйан, ону туруулаһа бу кэлэн сыттаҕа. «Уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, иккис күн ат уорҕатыгар» диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ.

      Сибиир ревкомун бэрэссэдээтэлэ Смирнов Москваҕа сылдьар кэмэ этэ, оттон партия Сибиирдээҕи кэмитиэтин бюротун саҥа сэкирэтээрэ Яковлев үлэтигэр кэлэ илигэ. Онон Чуцкаевка сүбэлэһэ киирбиттэрэ. Былатыан Саха сирин олоҕо бүгүҥҥү күннээххэ хайдаҕын, дьоҥҥо-норуокка, үөрэхтээххэ-үөрэҕэ суохха туох быһыы-майгы баарын, сэбиэскэй былаас турбутун кэнниттэн туох туһуттан Оросин уонна тохсунньу саагыбардара үөскээбиттэрин сиһилии кэпсээн биэрбитэ. Сибнац үлэһитэ Плич уонна Барахов истэ олорон сөбүлэһэллэрин биллэрбиттэрэ.

      – Мин урут даҕаны саха норуотугар автономия кэлэрэ сөп диэн этэр этим. Олорор сирдэрэ бэрт табыгастаах, Саха сирин большевик партията күүстээх, онон салалтата суох буолуо диэххэ, куттаныахха сатаммат, – Плич сахаларга эрэллээҕин, өйүүрүн аһаҕастык эппитэ.

      Кини этиитин хаба тардан ылан, Барахов:

      – Автономия билигин кэлэрэ наадалаах, кэмэ бэрт тоҕоостоох. Национальнай боппуруос атаҕар турбатаҕына, кэҥээн-уһаан хааллаҕына, саагыбардар үөскүү туруохтара. Баҕар, бүтүн норуот даҕаны өрө туруон сөп, – диэн эбэн биэрбитэ.

      Барыларын санааларын истэн баран, Чуцкаев Саха сиригэр аналлаах паапканы арыйан, докумуоннары бэрийбитинэн барбыта. Ытыллыбыт уонна көскө анаммыт дьон бириигэбэрдэрин ааҕан билсиһэн баран, Дьокуускайтан кэлбит телеграмманы көрдөрбүтэ. Ону ааҕан билбиттэрэ, букатын даҕаны кинилэри утары ис хоһоонноох буолан соһуппута: автономия туһунан Сибнац боппуруоһу туруорарын бассабыык партия Саха сиринээҕи тэрилтэтэ сөбүлээбэт, күн-түүн аайы саагыбардар тахса тураллар, партия күүһэ мөлтөх, сэбиэскэй былаас дириҥник олохсуйа илик диэн. Дьэ «бабат» дии түспүттэрэ.

      – Саагыбардар тахса туралларын, сэбиэскэй былаас дьон санаатын өссө да тута илигин туһунан сөпкө этэллэр. Ол гынан баран автономия боппуруоһа онтон тутулуктаах курдук саныыллара сыыһа, онон автономияны биэриини кэпсэтиигэ ити этиилэр болҕомтоҕо ылыллыа суохтаахтар, – Былатыан туруорсар боппуруоһуттан харыс да халбаҥнаабат кытаанах санааны ылыммытын, сирэйэ-хараҕа тыйыһырбытын көрөн, Барахов кинини тута өйөөн тыл эппитэ.

      – Автономияны өйөөбөт, норуот баҕатын утары санаалаах дьону Саха сириттэн атын дойдуларга ыытан үлэлэтэр сөп буолуох этэ. Ону эһиги өйдүүргүтүгэр баҕарабыт, – диэн түмүктээбитэ.

      Эмискэ бүрүүкээбит тыҥааһыннаах түгэни балай да саҥата суох аһарбыттара. Чуцкаев, эр хааннарын ылыммыт