Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Читать онлайн.
Название Биһиги Аан Дархаммыт
Автор произведения Тумарча
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2007
isbn 978-5-7696-3554-0



Скачать книгу

эрээри үүнүү-сайдыы бэйэ кыаҕар, норуот күүһүгэр эрэ тирэҕирдэххэ ситиһиллиэхтээҕин республика салалтата үчүгэйдик өйдүүрэ. Ону туохтан саҕалыахха сөбүй? Маныаха эдэр салайааччылар инникини өтө көрүүлэрэ киһини сөхтөрөр.

      «…Бастатан туран, Саха сирэ бэйэтин ис кыаҕын билиэхтээх, – диирэ М.К.Аммосов, – кини айылҕатын баайын, дьонун кыаҕын, бэйэтин историятын, культуратын билиэхтээх. Саҥа олоҕу тутарга, инники кэскили оҥосторго, таһаарыылаах күүстэри сайыннарыыга суолу буларга Саха сирэ бэйэтин урукку олоҕун уонна билиҥҥитин үчүгэйдик билиэхтээх, үөрэтиэхтээх».

      Киһи сөҕөрө баар, саха салайааччылара Саха сирин оҥорумтуолаах күүстэрин, айылҕатын баайын киэҥ далааһыннаахтык чинчийиигэ Москваны тылларыгар киллэрбиттэрэ буолар. Наукалар академияларын Дьокуускайдааҕы анал комиссията тэриллибитэ. Чинчийэр үлэҕэ ССРС икки сүүстэн тахса бөдөҥ учуонайдара кыттыыны ылбыттара. Кинилэри биллиилээх специалистар, академиктар С.Ф.Ольденбург, В.Л.Комаров, А.Е.Ферсман, Ф.Ю.Левинсон-Лессинг, В.В.Радлов, В.В.Бертольд уонна да атыттар салайбыттара. Саха сиригэр наука тэрилтэлэрэ баар буолбуттара. Республика музейа, библиотеката саҥардыллан үлэҕэ киирбиттэрэ. Холбоһуктаах киэҥ чинчийии түмүгүнэн айылҕа баайын уонна оҥорумтуолаах күүстэри туһаҕа таһаарыыга быһаччы сүбэлэрдээх наука үлэлэрин уонна чинчийиилэрин 58 тома суруллубута.

      Бастатан туран, үөрэхтээһин таһымын үрдэтии соруга турбута. Аммосов өссө 1919 сыллаахха бэлиэтээн турардаах: «…норуоту үөрэхтээһиҥҥэ үп кэмчилэниэ суохтаах, уобаластааҕы нэһилиэнньэ оскуола уонна оскуола таһынааҕы үөрэхтээһин ситиминэн эргиччи хабыллыахтаах». Биһиги дьолбутугар, оччотооҕу салайааччылар үөрэҕи өрө тутуулара саамай сөптөөх хайысха этэ. Оннооҕор саамай ыарахан 20-с сыллардаахха сүүһүнэн саха ыччата киин университеттарга, институттарга үөрэммитэ. Ол түмүгэр бэрт сотору култуура таһыма үрдүк кэрдиискэ тахсыбыта. Былыр-былыргыттан биллэринэн, үтүө үгэстэрдээх, айар дьоҕурдаах, үрдүк духовнай баайдаах норуот табыгастаах усулуобуйаҕа үгүс талааннаах дьону таһаарар. Ол курдук, кылгас кэм иһигэр чаҕылхай талааннаах суруйааччылар, артыыстар, художниктар, музыканнар, наука, норуот хаһаайыстыбатын араас салааларын үлэһиттэрэ баар буолбуттара.

      Эмиэ онуоха маарынныыр хартыына биһиги бүгүҥҥү күннээх олохпутугар көстөр. Музыка үрдүкү оскуолата аҕыйах сыллааҕыта аһыллыбыта эрээри, кини үөрэнээччилэрэ хайыы-үйэҕэ аан дойду, Россия таһымнаах бириистэргэ, дипломнарга тикситэлиир буоллулар. Ол эрэ буолбатах, үөрэх, искусство, наука араас көрүҥнэригэр ыытыллар олимпиадалар, конкурстар, күрэхтэһиилэр кыайыылаахтара аҕыйаҕа суохтар. Онон этиллиэх тустаах: өскөтүн 20-с сыллардаахха биһиги салайааччыларбыт сайдыы үөһүгэр үөрэхтээһини туруорбатахтара буоллар, саха норуота атын дьылҕаланан, билигин атын таһымҥа турар буолуо этэ. Кинилэр саамай сөптөөх хайысханы талбыттара, ол иһин биһиги кинилэргэ махталбыт муҥура суох.

      1923