Название | Биһиги Аан Дархаммыт |
---|---|
Автор произведения | Тумарча |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2007 |
isbn | 978-5-7696-3554-0 |
– Табаарыс Слепцов-Ойуунускайы саха диэммин убаастаан эрэ дакылаатын бүтэттэрдим. Итинник тыл-өс сатаммат, Дьокуускайга баар коммунистар автономия кэлэрин сөбүлээбэт эбиттэр. Мин да санаабар, автономия биэрэр эрдэ буолуо. Оттон бу Слепцов-Ойуунускай табаарыс, быһыыта, саха үөрэхтээхтэрин, саха баайдарын илиилэригэр билиэн тутуллан сылдьар киһи быһыылаах, – Смирнов, сөмүйэтинэн дьөлө үүттүүрдүү, Ойуунускайы түөһүн тылынан супту ыйбахтаабыта.
Былатыан өһүргэнэн ойон турбутун бэйэтэ даҕаны билиминэ хаалбыта:
– Табаарыс Смирнов, дьыала ис дьиҥин билбэт эрээри, бас-баттах киһини буруйдуургун эрэ билэҕин. Саха баайдарын сокуон таһыгар этэн буруйдана сылдьаммын аны кинилэр билиэн илдьэ сылдьар киһилэрэ аатырдаҕым. Дьыалабын, бэйэбин быгыһын ыҥыттаран ылан, соторутааҕыта дьүүллээбиккитин умна оҕустугут дуо?
Этиһии аҥаардаах мөккүөр өрө күөдьүйбүтүн намырата сатаан, Барахов, Агеев тыл этэн көрбүттэрэ туһалаабатаҕа. Куоласка туруорууга икки киһи автономия бэриллэрэ сөп диэбиттэрэ, иккитэ сөбө суох диэннэр, куоластара тэҥнэһэн хаалбыта. Онон автономия боппуруоһа аһаҕас Москваҕа барбыта.
Мунньах кэнниттэн уку-сакы тарҕаһан, Плич кабинетыгар киирэн сүбэлэһии буолбута. Онно кэнники арай Дьокуускайга тиийэн, автономия боппуруоһун сөп дэттэххэ эрэ бу боппуруос атаҕар турууһу диэн түмүккэ кэлбиттэрэ…
Саха сиригэр судаарыстыбаннас олохтонуутун туоһулуур бу сүдү докумуон кэлин хайдах олоххо киирбитин Ойуунускай бэйэтин ахтыытыгар маннык суруйбут: «Ол бириэмэлэргэ Максим Аммосов Москваҕа сылдьан автономия барарын сөбүлүүбүт, онон Якутскайга олохтооҥ диэн ыйдарбыт. Онон бу боппуруос Якутскайга партия маҥнайгы конференциятыгар туруоруллан, онно бэрт аҕыйах куолаһынан автономия кэлэрэ сөп дэммитэ.
Браташ онуоха диэри сөбүлээбэккэ, Степан Васильевы кытта бииргэ сылдьан баран, конференция саҕана тиийэн төттөрү агитация оҥорон, автономия кэлэрэ сөп диэн куоластаата. Ол сайын мин Өлүөхүмэҕэ үлэлээбитим, онон автономия туһугар бэрт күүстээхтик норуокка даҕаны, партия да иһигэр үлэлээбитим. Онон Өлүөхүмэ делегацията бука барылара автономия кэлэрэ сөп диэн куоластаабыта».
…Михаил Ефимович ирдэһэн, хасыһан туран саха норуотун историятын дьаныһан үөрэтэн үөйбэтэх өттүттэн үгүс өйгө-санааҕа кэлбитэ. Төрөөбүт омуга түҥ былыргыттан күн бүгүнүгэр диэри олорон кэлбит историятыгар буолан ааспыт сүрүн сабыытыйалары, олорго сыһыаннаах биллэр-көстөр дьонун олохторун, үлэлэрин-хамнастарын, мөккүөрдэрин-туруулаһыыларын үөрэтэн, ырытан билэн баран биири бигэтик өйдөөбүтэ: