Ааптар бу айымньытыгар Халыма кыһыл көмүһүн кимнээх хаһан, хайдах арыйбыттарын уонна чинчийбиттэрин туһунан номохторго, докумуоннарга олоҕуран сэһэргиир. Кыһыл көмүһү көрдөөһүн, чинчийии үлэлэрэ үгүс ыарахаттардаах, күчүмэҕэйдэрдээх, мүччүргэннээх. Сырыыны-айаны кыайар дьулуурдаах, идэлэригэр өй-санаа өттүнэн уһулуччу бэриниилээх дьон үлэлэрэ-хамнастара ромаҥҥа сиһилии кэпсэнэр.
Айымньы Саха Республикатын бастакы президенин оҕо уонна оскуолатааҕы сааһын, студенныыр кэмин, республиканы салайбыт сылларын уонна билиҥҥи кэмнээҕи үлэтин-хамнаһын докумуоннарга, кини бэйэтин этиилэригэр, кинигэлэригэр, дьон кэпсээннэригэр, ахтыыларыгар олоҕуран ырытан көрүү быһыытынан сурулунна. Ону таһынан Михаил Николаев президеннээбит ааспыт үйэ тиһэх уон сылларыгар барбыт күүрээннээх реформаларга даҕатан бүгүҥҥү олохпутугар тахса турар тыҥааһыннаах уларыйыылар тула барар мөккүөр, уустук быһыы-майгы көрдөрүллэр. Саха Республиката тэриллибитэ 90 сылын уонна М.Е. Николаев 75 сааһын көрсө тахсар.