Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Читать онлайн.
Название Биһиги Аан Дархаммыт
Автор произведения Тумарча
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2007
isbn 978-5-7696-3554-0



Скачать книгу

кини хаһан да тохтоон, уурастаан хаалбат, олох кырдьыгын, омугун соргутун ирдэһэр үрдүк соругу, ыар эбээһинэһи санныгар ыларга дьулуспатах күнэ диэн баара дуо? Оччотугар буоллаҕына, киниэхэ сүктэриллибит үрдүк соло, күүстээх былаас диэн норуот иннигэр нүһэр ирдэбил, ытык иэс буолар. Кини ону кылгас да түгэҥҥэ умнар бырааба суоҕун бигэтик өйдөөбүтэ.

      Политика курдук халбархай дьыалаҕа тиэтэйэр үчүгэйи аҕалбата биллэрэ, оттон кини улахан политикаҕа өссө ситэ уопутура илигэ. Бастатан туран, республика парламена кини ыытыахтаах үлэтин хайысхатын өйөөн биир санааҕа түмсүөх кэриҥнээҕэ. Оттон ол сыала-соруга диэн инники сайдыы, үүнүү туһугар экономика киинтэн тутулуга суох буолуутун ситиһии этэ. Онуоха ханнык даҕаны киинтэн туспа барыы туһунан боппуруос турбата. Бары депутаттар (үгүстэрэ нууччалар, украинецтар, онтон даҕаны атын омуктар этэ) Саха сирин экономиката тутулуга суох буолуутун ситиһэр туһугар түмсүөхтээхтэрэ. Кини омугун историятын үчүгэйдик үөрэтэн билбитинэн, Саха сирэ бэйэтин бэйэтэ дьаһанан үүнүү-сайдыы суолугар дьулуһуутун Россия прогрессивнай өйдөөх-санаалаах деятеллэрэ, интеллигенцията урут даҕаны таба өйдүүллэрэ. Кытыы кыраайдар, ол иһигэр Саха сирэ, сайдыылара Россияҕа туох да куһаҕаны оҥорботун, төттөрүтүн судаарыстыбаны күүһүрдэрин билэллэрэ. Биллэн турар, аҥаардастыы сабардыыр, баайы-дуолу барытын кииҥҥэ эрэ хоро таһар имперскэй өй-санаа, атын сыһыан эмиэ баара, ол гынан баран уларыйыы, саҥалыы өй-санаа үөскээн эрэр кэмигэр регионнары, республикалары өйдүөх, өйүөх кэриҥнээхтэрэ.

* * *

      Итинник өйүнэн-санаанан салайтаран, 1990 сыл ыам ыйын 24 күнүгэр Михаил Николаев РСФСР народнай депутаттарын маҥнайгы съезтэрин үрдүк трибунатыгар тахсыбыта. Кремль Улахан Дыбарыаһын уораан уораҕайа, этэргэ дылы, улаҕаа эрээккэ олорор киһи улар саҕа буолан көстөр уһун синньигэс саалата ыга туолбут этэ. Хас депутат аайы иккилии-үстүү ыҥырыылаах ыалдьыт, олор истэригэр дойду салайааччылара кытта бааллара.

      Михаил Ефимович, дойдутун, норуотун иннигэр ытык иэһин толорор маҥнайгы улахан суолталаах хардыыны оҥоруохтааҕын санаан, төһө да долгуйа быһыытыйдар, таһыгар ону биир да дубук хамсаныынан, кыратык эмэтик хаанын да хамсатан биллэрбэтэҕэ. Паапкатын арыйан, бэлэмнэммит тиэкиһин тэнитэн, чуолкай, холку куолаһынан баараҕай аудитория иннигэр урут бу саала иһигэр саха киһитэ эппэтэх хорсун, сиэрдээх этиитин саҕалаабыта:

      – Биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар билиҥҥэ диэри республикалар уонна норуоттар чэлгийэ сайдыыларын, экономикаҕа уонна культураҕа кинилэр хаһааҥҥытааҕар да үрдүк кэрдиискэ тахсыбыттарын туһунан эҥин-эгэлгэ тыллар кэм да иһиллэргэ дылылар, – диэн этээтин кытта саала иһэ иһийэргэ дылы гыммыта. – Үрдүк өрөгөйдөөх тыл-өс бу саала килбиэннээх киэлитин иһигэр эмиэ дуораһыйара. Оттон Кремль истиэнэтин тас өттүгэр олох дьаалатынан устара. Национальнай республикалар бэрэстэбиитэллэрэ үрдүк ситиһиилэрин туһунан кэпсээтэллэр да, олорор дьиэ, балыыһа,