Название | Биһиги Аан Дархаммыт |
---|---|
Автор произведения | Тумарча |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2007 |
isbn | 978-5-7696-3554-0 |
Саала иһэ ытыс тыаһынан хабылла түспүтэ. Трибунаттан түһэн миэстэтигэр тиийиэр диэри аара араас дьон кини илиитин тутан эҕэрдэлээн хаалбыттара. Оттон бэйэтин дьонун үөрүүлэрэ, өрөгөйдөрө муҥура суоҕа.
ССРС тиҺэх салалтата
РСФСР Верховнай Советын маҥнайгы сессията хас да түһүмэхтэрдээх бэрт уһуннук барбыта. Сессия кэнниттэн Михаил Ефимович ССРС президенигэр, ССКП КК Генеральнай секретарыгар М.С.Горбачевка приемҥа киирэргэ сорунан туран дьулуспута. Бэрт өр кэтэһиннэрэн, болдьохтоох кэмэ – от ыйын 20 күнэ үүммүтэ. Эрдэттэн бэлэмнэммит матырыйаалларын барытын саас-сааһынан паапкатыгар уган, Кремльгэ барбыта.
Дойдутугар курдук, манна эмиэ от ыйын өҥүрүк куйааһа таҥнары сатыылаан турара. Ол эрээри күн сыралҕанын, тууйуллаҕас салгыны баардылаабакка, бу аҕыйах мүнүүтэнэн дойду баһылыгын кытта көрсүөхтээх сүдү соруга атын кыһалҕаны барытын үтүрүйэн, өйүн-санаатын кынаттаах ыратыгар уйдаран, эбии эрчимирбиккэ, чэпчээбиккэ дылы буолан, Кремль ис тиэргэнин киэҥ уораҕайыгар эрэллээхтик үктэммитэ. Республикатын, дьонун-сэргэтин туһугар туруорсуохтаах сүрүн боппуруостарын, икки өрүккэ хардарыта туһалаах этиилэрин өйүгэр өссө төгүл бэрийэн, хат-хат тургута санаан көрдөҕүнэ, барыта өйдөнөр, оруннаах курдук. Ол хайдах ылыныллара, төһө сөпкө өйдөнөрө биллибэт. Бу иһэн кини былыргы өбүгэлэрин, Маһары Бөдьөкөбү, Соппуруон Сыраанабы, Сэһэн Ардьакыабы, санаталаан кэллэ. Ол барахсаттар дьоммут, омукпут туһа диэн быраман мындаа дойдуттан сыарҕа атынан айаннаан, сылы-сылынан кэтэһэн-манаһан, Федор Алексеевич, Екатерина II ыраахтааҕылары көрсөр чиэскэ тиксэн, син тылларын-өстөрүн иһитиннэрэн, аҕыйах да буоллар сорох өрүттэрин ылыннаран, сылдьыбыт сырыыларын, сыалларын-соруктарын ситиспит курдук сананан төнүннэхтэрэ. Онно холоотоххо, кини, аныгы цивилизованнай үйэ киһитэ, балаһыанньата чыҥха атына, ордуга биллэн турдаҕа. Үнүр съезд трибунатыттан тыл этэригэр правительство баһылыктара, Михаил Сергеевич бэйэтэ эмиэ бааллара. Кини тылын-өһүн хайдах ылынан, туох өйгө-санааҕа кэлбитэ билигин