«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык. Наталья Михалева-Сайа

Читать онлайн.
Название «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык
Автор произведения Наталья Михалева-Сайа
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2017
isbn 978-5-7696-5219-6



Скачать книгу

кэпсэтиини аттарыы хара үлэтэ уһун, ньаҕай соҕус буолар (уһуннук уулуссаҕа устуу, ону талыы, быһыы-отуу үлэтэ), ол эрээри түмүгэ – көрөөччүнү бүгүҥҥү кэпсэтиигэ тардар, кини эмиэ ити ыйытыыларга туох эмэ диэн хоруйдуон сөп эбитин толкуйдатар.

      Санаабар эбитэ дуу, кэнники дьон тыла-өһө өссө аһыллан кэпсэтэр курдук буолбута, өссө бу маннык «опроска» хабыллыбыт киһи диэн соруйан бэлэмнэммит, көмөлөһөөччүлэрим мэлдьи сылдьар маҕаһыыннарыгар, киһилээх сирдэригэр анаан кэлэр да дьоҥҥо түбэһэр буолбуппут. Дьиҥэ, миигин сэрэппиттэрэ ээ: «Уулуссаҕа сахалар хаһан да астык хоруйу биэрбэттэр, сатаан саҥарбаттар, арыллыбаттар», – диэн…

      Ол бастакы, тымныы туһунан биэриибэр мин тус бэйэм сылдьан уулуссаттан уонна маҕаһыыннарга киирэн: «Эн маннык тымныы сиргэ олороргунан киэн туттаҕын дуу эбэтэр арыый атын сиргэ өбүгэлэрбит олохсуйбуттара буоллар диэн ардыгар саныыгын дуу?» – диэммин эрийэн-моһуйан ыйыталаспытым. Бары биир киһи курдук «киэн туттабыт» диэбэтэхтэрэ, эгэлгэ санаа дьоҥҥо баара биллибитэ: «хотторон, үтүрүллэн кэлбит сир туох аанньа буолуой», «иккиһин төрүүрүм буоллар Италия эҥин курдук кэрэ айылҕалаах дойдуларга талаһан көрүөм этэ», «Африкаҕа, бука сатаан олоруо суох этим, төрөөбүт сир тымныыта да күндү», «биһиги тымныыбытын туһаныахтаах, онон аан дойдуга аатырыахтаах этибит», о.д.а. Ыйытыылары ыла сылдьан нэдиэлэ аайы биир күнүм аІаардас маннык үлэҕэ ананнаҕына кыаныа суохпун билиммитим.

      Миэхэ опрос ыытан аҕалар эбии кэрэспэдьиэни көрбөттөрө биллэр, онон арай устудьуоннары туһаныахха сөп эбит диэн санааҕа кэлбитим. Саха тылыгар уонна суруналыыстыкаҕа үөрэнэр устудьуоннарга маннык үлэҕэ кыттыы төһөлөөх үөрүйэҕи, идэҕэ дьиҥ уһуйуллууну түстүөй? Ити санаабытым туолбута: ис санааларыттан үлэһит курдук кэлэн көмөлөһөр эдэр доҕоттордоммутум. Кинилэр тустарынан өссө сиһилии кэпсиэхпит.

      «Тымныы: саха доҕоро эбэтэр өстөөҕө?» биэриим бэлэмнээһинин сиэрэ-силигэ ситэн-хотон барбыта. Биир сюжеппыт «Саха сирэ – бу баараҕай холодильник» диир университет физик учуонайдарын кытта кэпсэтиигэ олоҕурбута. Тымныы – Саха сирин өссө да туһаҕа таһаарылла илик баайа буоларын туһунан эдэр учуонайдар итэҕэтиилээхтик кэпсээбиттэрин биһиги сөптөөх көстүүлэринэн күүһүрдүбүппүт. Сүрүн ыалдьыппыт Рево Захарович «тоҥон өлбүт киһини тилиннэриэххэ сөп» диэн этиитин бигэргэтээри, анаан-минээн тоҥоруллубут дьон олоххо төннүүлэрэ көстөр «Амазонки XXI века» киинэ каадырдарын көрдөөн, үгүс сырабыт барбыта (интернеккэ ол саҕана билиҥҥи курдук таптаабыккын булбат этиҥ). Тымныы туһунан өс хоһоонноро, бэйиэттэр суруйуулара туһаныллыбыттара. Саҥа бырайыак тахсан эрэрин туһунан нэдиэлэ инниттэн анонс биэрэммит дьон сэҥээриитин тарпыппыт. Салалтабыт биэрии өрөбүл күннэргэ тахсыаҕын баҕарбыта. Ол эрээри мин бары өттүттэн ыараҥнатан көрөн баран, нэдиэлэ ортотугар тахсарбыт иккиэйэх киһи үлэбитигэр ордук табыгастаах буолуоҕун сабаҕалаабытым. Ардыгар буолбатах, үксүгэр ситэ быһаарыллыбатах түгэннэр