«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык. Наталья Михалева-Сайа

Читать онлайн.
Название «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык
Автор произведения Наталья Михалева-Сайа
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2017
isbn 978-5-7696-5219-6



Скачать книгу

тиийбэккэ, улаханнык сэмэлэнэн турардаахпын. Бэнидиэнньиккэ устуудьуйаҕа «олоруубар» бэлэмнэнэбин (ол күн буолар планерка-мунньахха биирин үксүн ол иһин тиийинэн сылдьыбат этим), тылбын-өспүн чочуйабын, ыалдьыттарбын кытта кэпсэтэбин, кэлэр нэдиэлэтээҕи биэриибин толкуйдуубун, тэрээһин үлэтин үмүрүтэбин. Дьахтар үксэ өрөбүл күн суунар-тараанар, оҥостор буоллаҕына, мин ону бэнидиэнньиккэ гынабын. Оптуорунньук сарсыарда сэриигэ баран эрэр киһи курдук хомунан дьиэбиттэн тахсабын. Күнүс генеральнай репетиция курдук ыытааччыбыт. Бу тэрээһин бастаан саҕалыыр сахха олус көмөлөөх буолар эбит этэ. Дьэ уонна киэһэ 21.00 чаастан быһа эфиргэ тахсабыт, сарсыныгар, сэрэдэҕэ, кыратык өрүүбүн.

      «Кэпсиэ» аан бастакы биэриитин хайдах бэлэмнээбиппитин субу баар курдук өйдүүбүн. Ол биэрии саҕаланыытын үөскэҕэ «Сэргэлээх» устуудьуйаҕа үлэлиир кэммэр силис тарпыт эбит. Биирдэ университет медицинскэй институтун преподавателлэрэ Бүлүү куоратыгар дьону көрө-истэ (таарыйа быыбарга үлэлииллэр быһыылаах) аттанар буолбуттара, ону сырдатарга биһиги устуудьуйаттан кэрэспэдьиэн барсыахтааҕа. Мин, айаны-сырыыны таптыыр киһи, тылланан кэриэтэ онно барыстым.

      Бүлүүгэ диэри университет олус нэс айаннаах оптуобуһунан айаннаан иһэбит. Бары бэйэ-бэйэлэрин өртөн ыла билсэр, бииргэ үлэлии сылдьар дьон кэпсээннэрэ диэн элбэх, элэктэрэ-хаадьылара оргуйан олорор. Онно хирург Рево Захарович Алексеев: «Дьиҥэ, киһи үлүйэн өлбөт. Сатаан ириэрэр буоллар, үлүйэн өлбүт киһи чөлүгэр түһүөн, быһаччы эттэххэ, тиллиэн сөп. Холобур, тайаҕы бааһырдан баран хараҥарыар диэри кыайан сиппэккэ отуугар төннөн баран, сарсыныгар сарсыарда суоллаан тиийдэххинэ, өлөн адаарыйан сытар, хайыы-үйэҕэ хам тоҥмут буолар дии. Ол тоҥ эти эттээн сүрэҕэр тиийдэххэ, сүрэҕэ тэбэн битиргии сытар буолааччы. Ол аата – кини таһыттан көрдөххө эрэ өлбүт, дьиҥэ тоҥмут, үлүйбүт эрэ буоллаҕа. Ону ити дакаастыы сатыыбын. Халлаан тымныйда да Ожоговай кииҥҥэ илиилэрэ-атахтара үлүйэн киирэр дьону эмтиирбэр саҥа ньымалары киллэрээри уопут оҥорорго үп көрдүү сатыыбын да, онтум өйөммөт. Билигин ама киһи үлүйбэт, ол буомжалар, алкоголиктар үлүйэн өлөр буоллахтарына өллүннэр даҕаны диэх курдуктар. Хата, интернеккэ таһаарбыт матырыйаалбын Канадаттан кэрэхсээн ыйыталаһан эрэллэр…» – диэн кэпсээнэ өйбөр түһэн хаалбыта. Былыр да ирбэт тоҥҥо тыыннаах курдук тырымнаабытынан хаалбыт өлүктэр тустарынан номохтор киһи аймаҕы долгуталлара, кэнники киһини хаһан эрэ тилиннэрэргэ анаан тоҥоруу олоххо киирэн эрэр. «Бу бырааһы биэриигэ ыҥырар буоллар, саха дьонун сэргэхситиэх да эбит», – дии санаабытым.

      Сыл курдук буолан баран «Кэпсиэ» бырайыага бигэргэнэн, бастакы биэриибин толкуйдуурбар ол «хаһааска» ууруммут санаам күөрэйэн кэлэн, Рево Захаровиһы көрдөөбүтүм. Кыһын оройо буолан, Ожоговай кииҥҥэ кини күн солото суох, били уопсастыбаҕа «туһалыылларын ааспыт» дьонун илиилэрин-атахтарын быыһыырга өрө мөхсө сылдьар кэмэ этэ. «Кыра үп көрөллөрө буоллар, сибиинньэни үлүтэн баран ону быыһаан,