Название | Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч. |
---|---|
Автор произведения | Татьяна Поскачина |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6337-6 |
Дьэ, дьикти быһыы-майгы. Убайын көрсөн кэпсэппит киһи дуу.
…
Мариналаах Андрей сыһыаннара олус тэтимнээхтик сайдан иһэр курдук. Бэҕэһээ киэһэ гречка ыраастыы олордохпуна, кыыһым аттыбар кэлэн тугу эрэ этиэх курдук кылап-халап көрө-көрө элиэтии сылдьыбыта. Мин тугу кэпсэтээри гынарын сэмээр кэтэһэн көрөн баран, тулуйбаккабын «Тугуй?» диэбитим. Кыыһым хардарбатаҕа, кыбыстыбыттыы сирэйин ытыстарынан саба тутта-тутта күлэн бычыгыраабыта.
– Нинкаа, кыыһырыма сөөп, – кэмниэ кэнэҕэс атаахтаабыт куолаһынан унаарытан кэбиспитэ. – Баһаалыста бүгүн… Егордаах дьиэлэригэр хоноҕуун?
Мин истибиппэр итэҕэйбэккэ соһуйан тиэрэ кэлэн түһэ сыспытым.
– Ээй суох! Ол-бу буолума! – сөбүлэспэппин биллэрэн кыыспар сапсыйан кэбиспитим, онуоха кыыһым ытаабат эрэ, ааттаһар да ааттаһар.
– Ол Егоргут бэйэтэ МАННА киирдин уонна ЭН хоскор утуйдун. Мин ханна да хоноһолуу барбаппын! – кыыһырбыттыы куоласпын улаатыннаран ылбытым, мөккүһэр табыллыбатын биллэрэн кытаанахтык тобулу көрбүтүм. Марина мин этиибин сөбүлээбэтэҕэ сирэйиттэн көстөрө. Ол да буоллар хайыыр да кыаҕа суоҕун өйдөөн тахсан барбыта. Киэһээҥҥи аһылыкпытыгар Арыйааны чэйдии кэлээр диэн ыҥырбытым.
Ааспыт кэпсэтиибит кэннэ хаста да аҕалан чэйдэттим. Маҥнай кыбыстар, туттунар курдук этэ. Кэлин син сылдьа үөрэннэ. Барахсан, аһаан мотуйарын көрдөхпүнэ сүрэҕим ыалдьар. Иһитин ып-ыраас гына аһын барытын сиэн кэбистэҕинэ эбии кутаары гынарбын буолуммат. Ол эрээри, аһаа диэн өссө куттахха сиэн кэбиһээхтиир. Маны тэҥэ, кинигэ аахтарар буола сылдьабын. Иллэрээ күн Николай Заболоцкай «Мааппатын» уларсан барбыта.
– Былырыыҥҥы үөрэх дьылыгар аахпыккыт буолуо, – ис хоһоонун кылгастык кэпсээн, саната сатаабытым да, Арыйаан ып-ырааһынан көрөн кэбиспитэ.
– Өйдөөбөппүн ээ. Атыттар аахтахтара буолуо, мин ол эрэ туһунан толкуйдаабакка сырыттым ини. Арай, урут киинэтин көрбүтүм быһыылааҕа, – уол кинигэни эргим-ургум тута-тута күлэн кэбиспитэ.
– Чэ, бэрт, көрбүт буоллаххына аны аах, – диэн биэрэн ыыппытым.
Киэһэ аһылык аҕай иннинэ матасыыкылын тыаһа тиэргэн иннигэр кэлэн тохтоото. Онуоха Марина бэрт дьиктитик көрөн ылаат: «Эн акаарыгын быһыылаах» – диэбитэ уонна остуолтан сулбу ойон турбута. Мин кыыс ити быһыытын өйдөөбөккө, соһуйан эрэ хаалбытым. Ол икки ардыгар Арыйаан киирэн кэлбитэ.
– Үтүө киэһэнэн! – уол киирэн атаҕын таҥаһын уста турбута.
– Здравствуйте! – Марина тоҥуй куолаһынан хардараат, дьиэттэн тахсан барбыта.
– Киир, Арыйаан. Маринаа, аһаарыый, – кыыһым кэнниттэн ыҥыран көрдүм да кэлбэтэ.
– Хайа, кинигэҕин аахтыҥ дуу? – аһыы олорон ыйытабын.
– Ээ, арба, аҕаллым ээ. Бөлүүнү быһа аахпытым. Кинигэтэ быдан интэриэһинэй эбит дуу дии санаатым. Инньэ гынан, хойут утуйбут