Название | Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч. |
---|---|
Автор произведения | Татьяна Поскачина |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6337-6 |
Мин истибиппэр итэҕэйбэккэ, саҥата суох таалан олордум. Ама, Арыйаан оннук үһү дуо… Михаил Семенович мин санаабын таайбыт курдук, «Дьэ, ситигирдик…» – диэн хатылаа да хатылаа буолла.
– Аны ити Анастасия Федоровнаны эмиэ уураттарыан баҕарар быһыылаах. Тохтуура буолуо. Билигин баҕас мин киниэхэ иннибин биэрэн эрэ бэрт.
– Итиннэ Арыйаан туох да сыһыана суох ээ…
– Кини!!! Барытыгар кини сыһыаннаах!!! Ити кини оҕолору кигэр. Көрбөккүн дуо, оскуола хоруола дии! Уон биирис кылаас уолаттара киниттэн куттанан чугуруҥнаһаллар эрэ. Ким да кинини утары барбат!!! Ону билэ-билэ, убаастанар кырдьаҕас учууталларбытын барыларын тарбаҕын төбөтүгэр эргитээри оҥостор!
– Дьэ, мин ону билбэтим. Ол эрэн, Михаил Семенович, учуутал оҕону уруучуканан оройго охсоро – бу ханна да баппат суол буолбатах дуо? – синэ биир диэбиттии аны аахсан бардым.
– Ким да кими да оройго уруучуканан охсубатах. Эн ити түөкүн оҕолорго олох итэҕэйимэ! Соруйан үөрэнимээрилэр, уруогу ыһаарылар албынныыллар. Саатар диэни билбэт буолбут оҕолор! Нина Ивановна, эн ити оҕолоргор итэҕэйэҥҥин кырдьаҕас учууталы албынныыр диэри гынаҕын дуо? Ити Борисованы уруокка утуйа олорор, ыйыттахпына өс саҕа буолан эппиэттээбэт. Онуоха кыыһырбыппар бүтүн кылааһынан саба түстүлэр диир. Туох да суобас диэн суох оҕолоро. Суут-сокуон суоҕа буоллар былыр үйэҕэ барыбытын кырган кэбиспит буолуо этилэр!
Мин бу түгэҥҥэ Михаил Семенович иннин ылар кыаҕым суоҕун сэрэйбитим уонна саҥата суох суоһурҕанарын истэ олорбутум.
– Чэ, ситигирдик, Нина Ивановна. Бараҥҥын оҕолоргун кытта кэпсэт. Учууталтан бырастыы көрдөөтүннэр.
Дириэктэр хоһуттан арбы-сарбы буолан тахсан бардым. Михаил Семенович Арыйаан туһунан, ону тэҥэ субу буолбут айдааны атыннык кэпсээбитин төбөбөр буһара сатаатым. Хайалара кырдьыгы этэр буоллаҕай? Ол эрэн, хайдах оҕо, хайдах бүтүн кылаас албынныаҕай, хайдах?.. Оҕолорбор киирэммин, дьэ, туох диибин?
Ахсыс кылаастарбар киирдим. Үөрэнээччилэрим олоро сатаан баран мэниктээн ырааппыттар. Санаам буолбата, сорудах биэрэн баран бэйэм онустарбар бардым. Ааны аһан киирбиппэр тугу эрэ суугунаһа, ботугураһа олорбут оҕолор чуумпура түстүлэр. Мин сирэйбин-харахпын маныыллар.
– Оҕолоор, Анастасия Федоровна мин кинини уруучуканан охсубатаҕым, көннөрү билбэккин диэн кыыһырбыппар бары бүтүн кылааһынан саба түспүттэрэ диэбит, – оҕолорум сирэйдэрин-харахтарын үөрэтэрдии кэриччи көрдүм. – Онон, бырастыы көрдөөтөххүтүнэ биирдэ аны үөрэтэр үһү.
Онуоха ыҥырыа уйатын тоҕо тарпыт курдук айдаара түстүлэр. Кырдьыгын балыйтарбыт эрэ киһи бу курдук айманар кыахтаах.
– Оҕолоор, – кылааһым чуумпурарын кэтэһэ сатыыбын. – Оҕолоор, эһиги миигин өйдөөбөтүгүт. Мин эһиэхэ