Название | Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч. |
---|---|
Автор произведения | Татьяна Поскачина |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6337-6 |
Оттон Люся сып-сырдык арылыччы көрбүт киэҥ харахтаах, бэрт бэһиэлэй киһи эбит. Чуораан чугдааран эрэрин курдук оҕолуу лыҥкынастык күллэҕинэ киһи сүргэтэ көтөҕүллэр. Кинини кытары тута тапсан, уруккуттан билсэр дьон курдук бэрт чэпчэкитик алтыспыппыт.
Киэһэ иһити-хомуоһу дьаһайан баран тарҕаспыппыт. Мариналаах Андрей ханна эрэ баран хаалбыттар этэ…
Балаҕан ыйын 7 күнэ, субуота
Бэнидиэнньиктэн үөрэнэр буоллубут. Ититиини холбообуттар. «Дьолуоҕа» суруйбутум, оҕолорум араас хомойбут, ытаспыт сирэйдэри ыыталаатылар.
…
Мариналаах Андрей күнү быһа икки дьиэнэн бэйэ-бэйэлэригэр сылдьыһалларын дьиктиргии көрөн, кинилэр икки ардыларыгар ааспыттааҥҥыттан ыла истиҥ сыһыан үөскээбит дуу дии санаатым. Бэҕэһээ утуйаары сытан, эркин нөҥүө Маринаттан ыйыталаспытым.
– Ким билэр, билигин туох да диир кыаҕым суох. Ол эрэн кини аттыгар наһаа үчүгэй, – кыыс салгыы тугу да саҥарбатаҕа.
– Оттон Егор? Кини харахтара? – мин күлбүтүм. Кыыһым тэҥҥэ күлэн эрэ кэбиспитэ. Уу чуумпу сатыылаабыта.
…
Арыйааннаах Вова кэлэн бардылар. Таах, дьаарбайа сылдьабыт дииллэр. Марина ол кэмҥэ Андрейдаахха сылдьыбыта. Оҕолорбун киллэрэн чэйдэттим. Испэр наһаа үөрэ санаабытым – оҕо сөбүлээбэт учууталыгар мээнэ кэлэн ыалдьыттаабат. Ол аата мин кинилэргэ чугас доҕор, эдьиий кэриэтэ буолуохпун сөп эбит. Чэйдии олорон кэпсэтэ-кэпсэтэ күлүстүбүт аҕай. Сотору Мариналаах Андрей киирэн кэллилэр. Оҕолору көрөн олус соһуйдулар.
– Хайа, здравствуйте, – Марина кытаанах учуутал хаанын киллэрэ оҕуста.
– Драсьте, – онуоха Арыйаан олорбут олбоҕуттан туран кэллэ. – Баһыыба, Нина Ивановна.
– Баһыыбаларыҥ, – Вова эмиэ туран, барардыы хомуннулар. – Чэ, биһиги бардыбыт.
Кирилиэскэ тахсан оҕолорбун атаардым. Кырачаан дьон эбиттэрэ буоллар, оройдоруттан сырылаччы сыллаан ылыам этэ. Ону баара уп-улахан дьон. Иккиэннэрин төбөлөрүттэн кыра оҕолуу имэрийэн ыллым. Уолаттар матасыыкылларын мэҥэһиннилэр.
– Чэ, сэрэнэн айаннаарыҥ. Көрсүөххэ диэри!
– Көрсүөххэ диэри, Нина Ивановна!
Уолаттар суол устун көтүтэ турдулар. Мин түөһүм иһэ үөрүүнэн туолла, истиҥ да истиҥ сып-сылаас иэйии уһугунна.
Балаҕан ыйын 9 күнэ, бэнидиэнньик
Маҥнайгы үөрэх күнэ. Бэҕэһээ долгуйбут омуммар уруогум былаанын сыныйан көрбүтүм, уруоктарбар бэлэмнэммитим, иккис кууруска сылдьан ылыммыт көстүүммүн өтүүктээн, эркиҥҥэ сааллыбыт тоһоҕоҕо ыйаан кэбиспитим. Барахсаным эргэрбит ээ. Маҥнайгы хамнаспын ыллахпына үлэҕэ кэтэр таҥас ылыныам этэ. Сүрэ бэрт,