Название | Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч. |
---|---|
Автор произведения | Татьяна Поскачина |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6337-6 |
– Анастасия Федоровна бэйэтэ сыыһалаах. Кини үөрэнээччини уруучуканан оройго охсоро, соччото суох тылынан үөҕэрэ сөп үһү дуо? – үрдүк уҥуохтаах, киппэ көрүҥнээх Арыйаан Уоһукап туран кэлбитигэр, дириэктэр хайдах эрэ кыччаан, мэктиэтигэр кумуччу туттарга дылы гынна, соһуйбуттуу кыл түгэнэ тылыттан матан ылла. Ол кэннэ күөмэйин көннөрүннэ, көстүүмүн тимэхтэннэ, хаастарын түрдэһиннэрдэ уонна:
– Анастасия Федоровна үйэтин тухары учууталлаата. Кини учууталлар учууталлара! Үтүөлээх учууталы хобулуур, эбэн кэпсиир бу туох аатай ээ?!! – дириэктэр үллэ кыыһырбыт куолаһа кылааһы биирдэ сабардаан кэбистэ. – Уоһукап, Тамара Андреевнаны ууратан баран, аны Анастасия Федоровнаҕа көстүҥ дуо?!! Мин эн дьылҕаҕын быһаарыам. Быйыл баҕас тохтууруҥ буолуо!
Үллэ кыыһырбыт дириэктэр аҕыйахта хардыылаан кылаастан тахсан барда. Кэнниттэн Вячеслав Николаевич тилэх баттаһан иһэн: «Нина Ивановна, дириэктэргэ киирээр эрэ», – диэтэ. Саҥата суох оҕолорбун кэриччи көрөн кэбистим. Бу түгэҥҥэ мин туох да диэхпин булбатым. Оттон оҕолорум харахтара биһигини көмүскээ диэбиттии чоҕулуҥнастылар. Турбахтыы түһэн баран, саҥата суох кылаастан тахсан бардым. Көрүдүөр устун хааман истэхпинэ, кэннибиттэн Арыйаан ситэн кэллэ.
– Бырастыы гын, Нина Ивановна, – кини мантан ордук өссө тугу эрэ этиэх курдук тутунна да, салгыы саҥарбата, утары көрөн тылыттан матан турда.
– Арыйаан, миигин кэтэһээриҥ, Михаил Семеновичка киирэ сылдьыам, онтон кэлиэм, сөп? – уолу санныттан таптайан ыллым.
…
– Нина Ивановна, киирэн олорунан кэбиһиҥ. – Дириэктэр били үллэ кыыһырбыта ханан да суох буолан хаалбыт. – Хайа, үлэҕин төһө сөбүлээн эрэҕин? Билэбин, бүгүн саҥа бастакы күнүҥ. Ити ыйытыыбар хоруйдуур, биллэн турар, эрдэ буолуо, буолан баран… кылааһыҥ оҕолорун сыһыаннара хайдаҕый?
– Үлэбин сирбэппин. Билиҥҥитэ барыта кэминэн.
– Кырдьыгынан эттэххэ, эйиэхэ оскуолаҕа эрэ буолуо дуо, бүтүн нэһилиэккэ баппат оҕолор кылаастара тигистэ. Биллэн турар, ити соруйан эйиэхэ анаабатахпыт. Кыһалҕаттан. Быһаас, үөрэх дьылын бүтүүтэ нуучча тылын уонна литературатын үөрэтэр Тамара Андреевнабыт ити кылаастан сылтаан уурайарга күһэллибитэ. Атын да учууталлар кинилэри салайартан батыммыттара. Ол эрэн, хайдаҕын да иһин, кылаас салайааччыта суох хаалыахтара дуо? Онуоха оруобуна эн биһиги оскуолабытыгар анаммытыҥ, ол иһин ити кылааһы эйиэхэ туттарбыппыт. Олох кыаныа суохпун диэтэххинэ мин өйдүөм уонна кимиэхэ эмит, холобур,