Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч.. Татьяна Поскачина

Читать онлайн.
Название Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч.
Автор произведения Татьяна Поскачина
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6337-6



Скачать книгу

уйулҕатын билэр, киниэхэ сөпкө сыһыаннаһар эрэ буоллахха үлэ тахсыылаах буолуох курдук. Чэ, бэйи, Сайыыналыын кэлин, утары көрсөн олорон кэпсэтиэм. Ол эрэн бу туора киһи оскуола оҕолорун үҥкүүтүгэр сылдьара табыгаһа суох. Мин Женяҕа имнэнэн кэбистим. Кини туора киһи кэлэн турарын көрөөт, тугу гыныахтаахпытын тута өйдөөтө. Иккиэн сулбу хааман тиийэрдии бэлэмнэнэн эрдэхпитинэ, хата, биһиги дьолбутугар, Сайыынабытын кытта бакаалаһан баран, бэйэтэ тахсан барда. Тоҕус чааска дискотеканы тохтоттубут. Дьуһуурунай сэттис кылаастар сааланы хомуйа сырыттахтарына, санаам буолбата – оскуола төлөпүөнүттэн интэринээккэ эрийдим. Арыйаан кэлбэтэҕэ диэтилэр.

      – Чэ, Нина, мин дьиэбэр ойдум, сөп, – Женя эмиэ ыксал муҥунан бакаалаһа охсоот барда.

      Барыларын атаарталаан баран, бүтэһигинэн оскуолаттан таҕыстым. Күрэҥсийбит баттахтаах, ынайбыт истээх харабыл оҕонньор аанын иһиттэн хатанна. Мин санаам туой Арыйааҥҥа иэҕиллэ турар. Төһө да бэйэм илэ харахпынан көрбөтөрбүн, кини күлүгээнниирин, баппатын, табахтыырын, арыгы да иһэрин туһунан үгүстэ иһиттим. Онно-манна тиийэн хаалыа диэн испэр куттана саныыбын. Кэбис, дьиэтигэр бара сырыттахпына табыллар. Уулуссаҕа оҕолор үҥкүү кэннэ бэйэ-бэйэлэрин хаадьылаһа-хаадьылаһа, мэниктии-мэниктии дьиэлээн иһэллэр эбит. Миигин бачча киэһэ ханна барар буоллаҕай диэбиттии, муодарҕаабыттыы көрөллөрүттэн иһим түүрүллэн ылла. Аны оҕолор хоп-сип тарҕаталлара итэҕэс этэ. Осипов дьиэтигэр чугаһаан иһэн көрбүтүм, түннүктэрэ барыһан хабыс-хараҥалар, уот суох. Маны көрөн куттанным даҕаны… ханна баран хаалыан сөбүй?

      Аан аһаҕас… Хараҥаттан куттаннарбын да, сымыһахпын быһа ыстаан баран иһирдьэ атыллаатым. Уот холбуур ханан баарын хантан билиэмий, илиим иминэн эркини тарбыы сатаан баран, ыксаан, суотабайбар банаар холбоотум. Арай, доҕоор, уун-утары туох эрэ уп-улахан барыйан аҕай турар эбит. Мин куйахам күүрдэ, баттаҕым чахчы турбукка дылы буолла, көхсүм хараҕа тымныйда… Хаһыы-ыһыы суох, биир кэм тахсар ааммын аһа сатаан булумахтанным. Ити түгэҥҥэ эмискэ уот холбонон кэллэ. Бу барыта кыл түгэнин иһигэр буолла. Көрбүтүм, Арыйаан турар эбит. Күлэрин кыатана сатаан буолуо, илиитин сутуруктуу туттан баран айаҕын бүөлүү туттубут. Харахтара туох эрэ көрүдьүөһү көрбүттүү чаҕылыҥнаһаллар. Бүгүнү быһа кини иннигэр саака-суукка киирэн да биэрдим. Саҥа таһааран бэйэм бэйэбиттэн күлэн ыллым. Арыйаан тэбис-тэҥҥэ күлэн тоҕо барда. Онтон өр буолбатыбыт, иккиэн сүбэлэспиттии тэбис-тэҥҥэ тохтоон хааллыбыт.

      – Сыыһа өйдөөбүппүн, Арыйаан. Бырастыы гын.

      – Чэ, хааллын, – Арыйаан мичээрдээн кэбистэ. Онтон илиитинэн ыҥырардыы даллах гынан кэбистэ. – Ааһыый.

      Ааспыкка да сырыттахпына, бүгүн даҕаны уол дьиэтэ ып-ыраас, хомуллуулаах. Биллэн турар, ийэ суоҕа биллэр эрээри, барыта бэйэтин миэстэтигэр, орун оннугар турар. Куукунаҕа биир да кирдээх иһит суох.

      – Интэринээккэ эрийэ сылдьыбытым, эйигин суох диэбиттэрэ, – саалаҕа киирэн дьыбааҥҥа олордум.

      – Ээ, сылайаммын кэлэн утуйан