Название | Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч. |
---|---|
Автор произведения | Татьяна Поскачина |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6337-6 |
Арыйаанныын ааспыт үөрэх дьылыгар тахсыбыт быһылаан туһунан кэпсэтиэхтээхпин билэбин эрээри, туохтан саҕалыахпын билбэппин.
Оҕолор хомунан тахсан барыыларыгар, мин остуолум иннигэр турар паартаҕа кэлэн олордо.
– Эн… интэринээккэ олороҕун дуо? – уол кэҕис гынар. – Бэйэҥ хантан кэлэ сылдьаҕыный?
– Маннааҕыбын, – мин бу хардаттан наһаа соһуйдум. Атын нэһилиэктэн үөрэнэ кэлэр эрэ оҕолор интэринээккэ олороллоро буолуо дии саныырым.
– Онтон… төрөппүттэриҥ?
– Суохтар…
Мин оҕолорум тус дьыалаларын сыныйан көрбөтөхпүттэн кэмсинним. Төрөппүтэ суох оҕо баар эбит диэн тоҕо эрэ бэлиэтии көрбөтөҕүм. Аҕыйах оҕо аҥаардас төрөппүттээх диэн сурулла сылдьара, үгүстэр ийэлээхтэрэ-аҕалаахтара.
– Ийэм суох, аҕам Капитоновка диэн сиргэ кырдьаҕастар дьиэлэригэр баар, – Уоһукап мин мух-мах туттарым иһин, санаабын таайда быһыылаах, ситэрэн биэрдэ.
– Аҕаҥ ол хаһан онно барбытай? Оччоҕуна хаһааҥҥыттан интэринээккэ олороҕун?
– Ахсыс кылааска сырыттахпына барбыта. Ыалдьара бэрдин иһин онно ыыппыттара. Миигин детдомҥа ыытаары гынан баран… убайдаахпын ээ манна. Кини миэхэ опекун буолбута. Арыт кинилэргэ, ол эрээри үксүн интэринээтинэн, бэйэм дьиэбинэн сылдьабын. Бэйэм бэйэбин көрүнэр, иитэр киһибин. Кыра оҕо буолбатахпын.
Мин күөмэйбэр кыбыс-кытаанах туох эрэ кэлэн бүөлүү турунан кэбистэ. Бэйэбиттэн атына суох дьылҕалаах оҕо барахсаны наһаа аһына санаатым. Ол курдук үгүһү кэпсэттибит эрээри, ааспыт үөрэх дьылыгар тахсыбыт быһылаан туһунан сатаан ыйыппатым. Тылым тахсыбата.
– Оччоҕо билигин интэринээккэр баран аһыыгын дуо? – диибин.
– Дьиэбэр барыам, – уол хоруйа миигин соһутар да, сөхтөрөр да.
– Дьиэҕэр баран тугу аһаахтыыгын? Онтон ол дьоҥҥор аһаабаккын дуо?
– Ыксал тирээтэҕинэ, убайым да аахха баран аһыахпын сөп. Ол эрэн, дьиэбэр син ол-бу ас баар. Бэйэм астанан аһыам дии, – бу курдук ускул-тэскил сылдьарга номнуо үөрэнэн хаалбыт, маны барытын буолуохтааҕын курдук судургутук ылынар сиэринэн хардаран кэбистэ.
– Суох, Арыйаан, эн миигинниин барсаҕын, – эмискэ төбөбөр көтөн түспүт быһаарыыны ылына охсон саҥа аллайабын.
– Ээ, дьиэлиэм дии. Марина Романовна…
– Марина Романовна суох, атын сиргэ эбиэттиир. Баар да буоллаҕына, эйигин хайдах да гыммат, – уолу харытыттан харбаан, күүспүнэн кэриэтэ таһырдьа таһаарабын.
Марина, кырдьык, эбиэккэ дьиэтигэр көстүбэт үгэстээх. Егор үлэтиттэн киэһэ биирдэ кэлэрин иһин Андрейдыын кинилэр дьиэлэригэр чэйдииллэр.
Балаҕан ыйын 14 күнэ, өрөбүл
Суруйбатаҕым быданнаабыт. Этэҥҥэ үлэлии сылдьабын. Барыта кэминэн. Дьонум ааҕы кытта кэпсэтэ сырыттым. Дьонум диэн Галина Петровналыын бииргэ олорбут дьиэбит таһыгар ыаллыы