Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч.. Татьяна Поскачина

Читать онлайн.
Название Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч.
Автор произведения Татьяна Поскачина
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6337-6



Скачать книгу

Софрон Данилов «Сүрэх тэбэрин тухары» арамаана сытар. Аны итини ылаҥҥын аах, – итии чэйбэр саахар кутан булкуйа олорон саҥа аллайдым. Арыйаан кэмниэ кэнэҕэс «аата халыҥын!» диэн соһуйбут саҥата иһилиннэ. Мин күллүм.

      – Хайаан да сэҥээриэҥ, ылан аах. Оруобуна бу биһиги олохпутугар буола турар кэккэ кыһалҕалар итиннэ дьэнкэтик көстөллөр. Сорох-сорох персонажтарга билэр дьоҥҥун да булан көрүөҥ», – диибин.

      – Ыллым бу. Чэ, мин бардым, баһыыба. Көрсүөххэ диэри.

      – Сарсыҥҥа диэри, Арыйаан!

      Осипов тахсан барбытын кэннэ, Егор саҥата суох чэйдии олордо. Онтон:

      – Ити оҕо дьиэлээх-уоттаах дуу, суох дуу? – диэн ыйытыылаах буолла. Кини куолаһыгар сөбүлээбэтэх дорҕооннор иһиллэн аастылар.

      – Опекуннардаах эбит. Төрөппүт мунньаҕар кэллэхтэринэ кэпсэтиэм, билсиэм уонна дьиэлэригэр да бара сылдьыам этэ. Ол гынан баран, Арыйаан тоҕо эрэ кинилэргэ сылдьарын сөбүлээбэт дуу, хайдах дуу. Арыт интэринээккэ, арыт бэйэтин дьонун дьиэтигэр баран аһыыр үһү. Барахсаны, ийэтэ-аҕата суох оҕону, кылаас салайааччыта буолан баран аһатаары ыҥырабын. Ону ол диэбэккэ, дьон-сэргэ атыннык толкуйдуур үһү дуу? – Егор диэки көрөн ылабын. Сэрэйбит сэрэх. Уоһукап билигин аҕай кэпсээбит сураҕа-садьыга ама хайаан нэһилиэк учаскыабайын тумнан көтөн ааһыаҕай…

      – Этэрбэс араадьыйаҕа итэҕэйээччи эрэ итэҕэйэрэ буолуо, эн онно кыһаллыма, – учаскыабай санаа көтөҕөрдүү мичээрдээн эрэ кэбистэ.

      Тоҕо да итинник этэрбэс араадьыйата хайа да СМИ үлэһитинээҕэр күүскэ, дьаныһан туран үлэлиирэ буоллар?! Миэстэтигэр күлэн аһаран кэбиспитим иһин, наһаа да абалаах… кинилэр билбэттэр буоллаҕа дии, биһиги майгыннаһар олохтоохпутун. Улахан киһи көрүүтэ суох ускул-тэскил сылдьар оҕону аһыныахтарын, киниэхэ кыһаллыахтарын билиминэ, араастаан хоп-сип тарҕатарга эрэ тиллэллэр!

      …

      Бииргэ олорор киһитигэр мэһэй буолумаары «үүрүллэн» киирбит Егордуун чэйдээн, иһит хомуйан баран, тугу да гынарбыт суох буолан хаартылыырга быһаарынныбыт.

      – Баҕа санааҕа оонньуубут дуо? – Егор этии киллэрэр.

      – Ээ, суох, – мин сөбүлэспэппин.

      – Тоҕо тута куһаҕаны толкуйдаатыҥ? Көннөрү оонньуур чуҥкук баҕайы дии. Кыайан баран бөтүүктүү да саҥартахха, хоһоон да аахтардахха үчүгэй буолбат дуо? – Егор күлэн кэбиһэр.

      – Чэ, сөп. Оонньуохха даҕаны.

      Маҥнайгы оонньууга хоттум, үөрдүм аҕай.

      – Миэхэ итии үүттээх чэйдэ кут эрэ, – кыайбыт киһи буолан дьаһайабын.

      – Нет проблем, – туран чэй кутаары гыммыта, итии уу суох буолан, билиитэҕэ чэй өрө уурда. Салгыы оонньоотубут, эмиэ хоттум.

      – Пахай, олох да сатаан оонньообот эбиккин дии, – киһибин барбах эрэ хантайан көрөбүн. – Били, күн тахсыытын түһэрбит хаартыскаҕын миэхэ бэлэхтээ.

      – Сөп, ылаар, – Егор хаартыны буккуйа олорон хардара охсор уонна бэрт дьиктитик, туохтан эрэ тиэхэлэммиттии көрүтэлиир. Дьэ, саҕаланна ээ. Мантан салгыы оонньууларга субуруччу хотторо эрэ олордум.

      – Чэйгин бэйэҥ кутун – маҥнайгы баҕата бу буолла.