Название | Биһиги сахалар…. Туруулаһыы |
---|---|
Автор произведения | Ульяна Алексеевна Винокурова |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6627-8 |
Күннээҕи өй олох сатабылларыгар көстөр, дьону кытта бодоруһуу, бэйэни көрүнүү, ииттинии, салайыныы ирдэбиллэрин толорор. Киһи өйүнэн төһө оҥорор көрөр кыаҕа кини олоххо күүстээх сатабыллаах буоларын бэлиэтиир. Сатабыл үөрэҕин дьаныардаахтык быһаарааччы, үөрэх-билии ситимигэр киллэрээччи П.П. Кондратьев өй күүһүнэн сатабылы иҥэринии маннык хаамыылаах сайдар диэн быһаарар: баҕарабын – булабын – өйдүүбүн – туттабын – туһанабын – айабын19. Кини «дэгиттэр сатабыллар» диэн дьайыыны көрдөрөр, сирдиир тылларынан бэриллэллэрин быһаарбытын өркөн өйү сайыннарарга төһүү билии быһыытынан сыаналыыбыт. П.П. Кондратьев бэйэтин теоретическай көрүүтүгэр олоҕуран маннык быһаарыылары биэрэр:
Тобулуу. Долоҕойго түһэрии. Өйдөөбүтү дириҥник ылынан, өйгө-санааҕа ырытан эккэ-хааҥҥа иҥэрии, туох эмэ суолтатын чуолкайдаан чопчу быһаарыы, өйдөбүлүн ис дьиҥин ылыныы, ону өйгө хатааһын, кыаллыбат курдугу быһаарыы, чинчийии.
Өйдөнүү-санааланыы. Киһи ис күүһэ – мэйии күүһэ. Киһи ситимнээхтик, иннин-кэннин санаан, тургутунан толкуйдуур дьоҕура. Тэҥнээн көрөн табатык быһаарыныы. Өйү-санааны сааһылааһын, төрүөтүн булуу, тиһэҕэр тиэрдии, дириҥ өй, киэҥ көҕүс, күүскэ өйдөөһүн.
Сиэрдээх өйдөнүү. Барыга барытыгар оттомноохтук толкуйдаан сыһыаннаһан, ырааҕы сыныйан көрөн боччумнаахтык саҥарыы-туттунуу. Киһи бэйэтигэр, атыттарга туһалаах, табыгастаахтык, ылыннарыылаах өттүн тутуһан быһыыланыыта, боччумуруута, оттомуруута. Сэрэнэн, суоттаан, ыраҥалаан, сыныйан көрөн этии, саҥарыы, өйдөөхтүк туттуу20.
Ийэ өйгө тирэҕирэн олоҕу салайыныыны сахалыы өй-санаа диэн саха ааттыыр. Саха быһаарыммыт өйгө-санааҕа кэллэҕинэ, «Эппит тыл биир – санаабыт санаа төлөрүйбэт», «Тыл барда – бас барда» диэн халбаҥнаабат эрэбил, итэҕэйсэр сыһыаны олохтуур. «Өбүгэ мындыр өйө өйгөр-санааҕар, эккэр-хааҥҥар өлбөт тыыннаах», – диэн сахалыы уһуйааччы А.С. Федоров бигэргэтэр.21
Сахаҕа өй култуурата
Саха дойдутугар өй, санаа, толкуй, билии күүскэ сайдар кыахтарын айылҕабыт бэйэтэ чочуйар. Ол иһин дойду интеллектуальнай баайа үөскүүрүгэр манна аналлаах айылҕа айбыт эйгэтэ баарын туһаныах кэриҥнээхпит. Саха өйүн сайыннарыыны уталытыллыбат, тулахадыйбат тутаах сорук быһыытынан
18
Аргунова Л.С. Өй-санаа өһүөтэ.– Дьокуускай: Сандам, 2017. – С. 20.
19
Кондратьев П.П. Сатабылланыы. – Дьокуускай, 2017. – С. 12.
20
Онно. – С. 42—43.
21
Федоров А.С. Өбүгэ сиэрэ-туома. – Дьокуускай: Бичик, 2011.