Название | Биһиги сахалар…. Туруулаһыы |
---|---|
Автор произведения | Ульяна Алексеевна Винокурова |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6627-8 |
Тымныы чыпчаалынан ааттанар тыйыс айылҕалаах Саха сиригэр олох олорор иһин туруулаһыыга өй санааны сайыннарыы дьарыга тыыннаах буолуу кэрэһитэ буолар. Туох барыта төрдүн тобулуу, араас көстүүлэри таба тойоннооһун олоххо тардыһыыга угуйар, күүстээх тыын биэрэр. Ол да иһин чинчийээччилэр быһаарбыттарынан, тымныы сир олохтоохторо өйдөрүн сайдыыта биллэ үрдүк, атын сылаас дойдулаахтары куоһарар. Тымныы кыһыннаах сирдэргэ олох олоруу уратыларын теорията кэрэһилииринэн, Хоту, Илин Европа уонна Илин, Хоту Азия төрүт олохтоохторо сылаас сир олохтоохторунааҕар быдан үрдүк таһымнаах (IQ) интеллектээхтэр. Ол корреляциятын 20 тыһ. төбө чөмчөкөтүн кээмэйдээн, экватортан төһөнөн ыраатар да, соччонон чөмчөкө ис сабардама улаатар диэн быһаарбыттара12. Австралия психологтарын элбэх дьоҥҥо чинчийиилэрэ көрдөрөрүнэн, самыырдаах, тымныы күн-дьыл сабыдыала киһи толкуйдуур, өйүгэр хатыыр дьоҕурун күүһүрдэр. Оттон сылааска киһи мэйиитин үлэтэ бытаарар, сыппыыр, салбаҕырар.
Киһи өйүн үлэтин дириҥин, муҥурун быһаарар уустук, үгүс толкуй көрүҥнэргэ өй-санаа таһымыгар тахсыбаттар, онон киһи өйүн үлэтин маннык-итинник диэн быһаарара табыллыбат13. Ити бүтэйдии быһаарыы (подсознание) үлэтэ буолар.
«Я никогда так не относился к восточным народнос- тям, как после последней поездки в Якутию. Оказывается, якуты – совершенно фантастический народ. У них суперобразное мышление. Я там встретился с первоклассным ученым В.И. Оконешниковым. Он разработал теорию строения электрона, в которой он четко показывает, что информационная емкость электрона [атома] больше, чем у всех вместе взятых цифровых носителей на Земле. И с помощью своей теории он разработал теорию таблицы Менделеева, строения атомов, всех энергетических каналов человека, отработал свою систему диагностики и профилактики настолько точную, что к нему обращаются профессора из Новосибирска…» – диэн сөҕөн-махтайан киһи ис туругун тупсарыыга дьаныһан саҥа ньымалары айар физик С.В. Кольцов суруйбута. Ити курдук, атомнай мэдиссиинэ сайдан иһэрин хоту чараас эйгэҕэ иҥэн киириитэ «араллааннаах ат-аам тыын алгыстаах айана» (Н.А. Аржакова-Иванова) илгэлээх-уруйдаах тыынын сайыннарар саха ыччаттара үөскүөхтэрэ.
Тымныы киһи мэйиитин икки өттүн үлэтин сытыырхатан айар-тутар дьоҕуру күүһүрдэрэ биллэр. Маны тэҥэ үрдүк томтор, хайалаах сирдэргэ өй күүһэ сытыырхайар бадахтаах. Онон, биһиги, сахалар, тоһуттар тымныы чыпчаалын олохтоохторо, анал үөрэхтээх идэлээхтэри куоһара түһэн айар, араас эйгэни саҥалыы ситимниир кыахпыт ситэри арылла илик. Билигин биһиги судаарыстыбабытыгар туттуллар атлантическай үөрэх-иитии ситимигэр айар дьоҕуру сайыннарыы диэн ирдэниллибэт, ситэритин баттанар да диэххэ сөп. Симик, толоругас
12
Раштон Д.Ф. Раса, эволюция, поведение. Взгляд с позиции жизненного цикла. – М., 2011. – С. 15.
13
Крамаренко В.Ю., Никитин В.Е., Андреев Г.Н. Интеллект человека. – Воронеж: Изд-во Воронежского ун-та, 1990.