Название | Биһиги сахалар…. Туруулаһыы |
---|---|
Автор произведения | Ульяна Алексеевна Винокурова |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6627-8 |
Онтон Сэбиэскэй Сойуус ыһыллан үлэ-хамнас ситимэ урусхалланан, сиртэн хостонор баайтан эрэ өлүүлэстэххэ иитиллэр суол арыллыан сөбүн туһанаары, оччотооҕу Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Михаил Ефимович Николаев РФ Президенэ Б.Н. Ельциҥҥэ быһаччы тэлэгирээмэ ыыппыта. Ол правительство тэлэгирээмэтигэр 1991 сыл балаҕан ыйын 15 күнүттэн сойууһунай суолталаах промышленнай тэрилтэлэри өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр ыларын уонна хостонор кыһыл көмүһү, алмааһы ханна да ыытан энчирэппэккэ, өрөспүүбүлүкэ ис кыһалҕаларыгар туттабыт диэн хорсуннук туруулаһан биллэрбитэ. Оннук хас да сыл туһанан, элбэх киһи сырдык тыына өллөйдөммүтэ, төрүүр оҕо төлкөлөммүтэ, ыччат инникигэ эрэллэммитэ, аман саастаах иитимньилээх кырдьыбыта.
Бу тэлэгирээмэҕэ визаны туруорбут үс сүрүн салайааччылар – «Якутзолото» генеральнай дириэктэрэ Т.Г. Десяткин, «Якуталмаз» генеральнай дириэктэрэ Л.Л. Солдатов, Совмин бэрэссэдээтэлэ К.Е. Иванов илии баттаабыттара. Ол хорсун быһаарыныыны Михаил Ефимович Климент Егоровичка кэлин маннык санаппыта: «Вспомни свою подпись на моей телеграмме в Кремль о приостановке отгрузки якутского золота и алмазов в Бюджет и ГоХран СССР. Мы их приберегли для будущей самостоятельности России. Но был прямой риск потерять навсегда и должность, и даже доброе имя. Однако ты не дрогнул и поддержал меня. Мы победили. Победили, прежде всего, самих себя»6.
Саха эр киһитин дьоһун аата диэн билигин ханнык суолталаах тыллар баалларый? Былыргы үйэҕэ сахаҕа Тойон ууһунан биллэр хаҥаластар баһылыктарын Дархан диэн ааттыыллар эбит, атын улуустарга оннук аат иҥмэтэх. Кэлин Дархан диэн аат тиллэн, билигин уол оҕо да аата баар, Ил Дархан диэн үрдүк солону бэлиэтиир тиэрмин да баар. Тыгын Дархан дьулуспут Илэ билигин саамай үрдүк сололоох салайааччыбыт анал аата буолла. Дархан – эр киһи дьоһунун муҥутуур чыпчаала. Баттаммыт, сорсуйбут омук Дарханнаах буолуон сатаммат. Ол атаҕастабыллаах кэмэлдьи күн бүгүҥҥэ диэри тиийэн кэлэн, бэл биллиилээх саха саарыннарын «уолаттар» диэн омсолоохтук эр дьон бэйэлэрин ааттанар буолбуттара ыарахан, санаа түһүүлээх, хомолтолоох санааны үөскэтэр. Бу «уолаттар» – билиҥҥи эр дьон дьиэ кэргэттэрин, оҕолорун, аймахтарын, норуоттарын туһугар туруулаһар кыахтара ситэ сайда илик ньуулдьаҕай уолаттар буолан мүлүк-халык, кирийэ, тугу да күөн көрсөр кыахтара суоҕун көрдөрөр.
Эр киһи уопсастыбаҕа суолтатын уларыйыыта
Устуоруйа кэрдиис кэмнэрэ уларыйдахтарын аайы, эр киһи уопсастыбаны үөскэтэр, салайар, тутар, көмүскүүр күүс быһыытынан суолтата эмиэ уларыйан иһэр.
Ыал аҕата. Былыргы сахалар ыал олоҕун сыарҕалаах ат айаныгар холууллара. Ол курдук, ыал аҕата суолу тэлээччи, сири хорутааччы ат буолан сыарҕатыгар ойоҕун-оҕолорун, баайын-дуолун, сүөһүтүн-аһын барытын соһор. Кини суолун тобуларыгар ыал хотуна, ийэтэ сүбэ-ама буолан, суол түһүүтүгэр-тахсыытыгар сыарҕаны түһүүлээх-тахсыылаах очурдарга үтэн-анньан биэрэн, муоһалаһар, салайсар. Эр киһи
6
Николаев М.Е. Апостол государственного служения. – Якутск : Көмүөл, 2011. – С. 30.