Название | Биһиги сахалар…. Туруулаһыы |
---|---|
Автор произведения | Ульяна Алексеевна Винокурова |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6627-8 |
Өй туругун туһунан маннык өйдөбүллэр бааллар: баһыйар өй-санаа, ис эйгэ өйө, күн өйүнэн сылдьыы, өйү уһугуннарыы, кэтэх өйү өрө тутуу, өй аҥаардаах, өй-төй, өй куоһарыыта, өйүнэн тургутуу, тута / табатык өйдөөһүн, өй күүһэ / үлэтэ, өй-санаа өһүөтэ көҥүл / түмүллүүтэ / арахсыыта, толкуйдаан таһаарыы, өйтөн оҥорор дьоҕур /билгэлээһин, үтүөнү өйдөөһүн, өйүкү, сэргээһин, үтүмэн өйдөбүл, өйүн туппут / тута илик, өһүөннээх хос санаа, өй өһүллүүтэ / үрэллиитэ / мастыйыыта, өйүнэн ыалдьыы, өйү сүүйтэрии, өйтөн көтөн хаалыы, умнуу, саарбах өй, хаалынньаҥ өй-санаа, чаҕылҕанныы түргэн сытыы санаалар.
Бар дьон тыла – ох, санаата – батас. Биэстэ сэмэлиэх кэриэтин биирдэ сүбэлээбит ордук. Болҕомтолоох киһи булугас буолар. Көрсүө киһи өйө байҕал дириҥин, халлаан үрдүгүн курдук.
Күн курдук көнө санаалаах, ый курдук ыраас өйдөөх. Күн сири сырдатар, үөрэх – киһини. Билбэтэххиттэн кыбыстыма, үөрэммэтэххиттэн кыбыһын. Күн аайы эбиллибэт билии көҕүрүүр. Кыахтаах буола айыллыбыт буоллаххына, дьоҥҥор-сэргэҕэр дурда-хахха буол диэн аналлааххын. Кэйиик оҕус муоһунан өттөйөр, өйө суох киһи сутуругунан өттөйөр. Кыыһырдыҥ – өйгүн сүтэрдиҥ. Муҥнаах булугас, эрэйдээх этигэс.
Оҕо сааскар үөрэммэтэххинэ – олоххун сүтэриэҥ, сарсыарда эрдэ турбатаххына – күҥҥүн сүтэриэҥ. Өйдөөх үтүөнү сатыыр, акаары – алдьархайы сатыыр. Сүбэ – бухатыыр. Үтүө сүбэ өтүүтээҕэр көмөлөөх. Туппутун ыһыктыбат, көрбүтүн умнубат киһи. Тылын тыалга ыспат киһи. Тыл татыаһырдаҕына – санаа кыарыыр, өй кылгыыр. Тимири дьэбин сиир, киһини санаа сиир. Эр киһи уһун санаалаах, киэҥ көҕүстээх. Тэбиэн саҕа хара санаатааҕар түөн саҕа үрүҥ санаа ордук.
Ити курдук, саха биир ураты кыаҕа күүс өттүнэн быыппастыыга, өттөйүүгэ буолбакка, өй – дьулуур күүһүнэн туруорсуутугар сытар. Оннук кыах баар, дьулууру күүһүрдүү соруга турар.
Көҥүл санаалаах өй хаата киһи ситэритин ыраас ньуурдаах буоллаҕына, Айыы тыынынан түөһүн толору тыынан туохха да хотторбот, булгуруйбат сирдьит буолар аналлаах. Оннук дьон сэдэхтик төрүүллэр, хотугу тиит курдук туруулаһар айылгы үйэ туһааннаах эргииригэр үөскүүллэр. Ньуур диэн айыы сирэйдэнии, «ньуурун сүтэрбит киһи» диэн суобаһын сүтэрбит, кэрээниттэн тахсыбыт, сааты-сууту билиммэт сирэйэ халыҥ тириилэммит киһини ааттыыллар.
Билигин интэлигиэнсийэ диэн өйдөбүлү туттубат да буолан эрэллэр. Социальнай бөлөхтөр, идэлээхтэр бөлөхтөрө, элита араас көрүҥнэрэ диэн баар буоллулар. Интэлигиэнсийэ диэн майгы-сигили ыраас туругун, дьон-сэргэ туһа диэн ытык сыһыаны ирдиир өйдөбүл. Билиҥҥи өй кыаҕынан үлэлээччилэр бүддьүөт эйгэтиттэн иитиллэр буолан, үүннээх-тэһииннээх, томторуктаах курдукпут, саҥарар саҥабыт саталаммат, адаҕаламмыт, кыаһыламмыт курдук хардыылыыбыт. Эбиитин үгүс үлэһит кирэдьиит, ипотека угаайытыгар оборторон төлүүр харчы эккирэтиитигэр сылдьар. Аныгы Арассыыйаҕа уларытыыга угуйар күүһүнэн