Биллиилээх учуонай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл У.А. Винокурова отут сыллааҕыта тахсыбыт «Биһиги, сахалар…» диэн кинигэтин салгыытыгар тургутуулаах кэрдиис кэмнэри тэҥниир, ханнык хайысхаҕа ситиһиилэр уонна алҕастар тахсыбыттарын ырытар. Саха омук олоҕун дьылҕатын уон икки оҥкулларга арааран, сайдыыны салҕыыр суоллары торумнуур.
Ааптар ааҕааччыны кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэһэн, санаа атастаһан, инникини барыллааһын тускулларын ырытар. Саха ыраланар кэскилигэр бигэ эрэл араас өрүттээх туруулаһыынан ситиһиллэрин арыйар уонна онно бэлэмнээх ыччаты иитэргэ ыҥырар.
Известный научный и общественный деятель, доктор социологических наук, профессор У.А. Винокурова в продолжении своей книги «Биһиги, сахалар…» (Мы, саха… ) сравнивает исторические вехи в судьбе народа саха, в особенности, выявляет достижения и неудачи постсоветского периода. Она выделяет 12 судьбоносных аспектов в национальном самосознании народа саха и возможности их саморазвития.
Автор выступает в качестве собеседника с читателем, вдумчиво и обстоятельно делится своими размышлениями по актуальным проблемам повестки дня. Предлагает свое видение места народа саха в глобальном мире и модернизации воспитания молодежи.