Название | Биһиги сахалар…. Туруулаһыы |
---|---|
Автор произведения | Ульяна Алексеевна Винокурова |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6627-8 |
Иккис өттүнэн, хаан булкуһуутун, урут Өксөкүлээх Өлөк- сөй саҕана «культивация» диэн ааттаан оччотооҕу муодунай «культурнай гибридизация» диэн Арассыыйа империятын үөрэҕин миниистирэ Сергей Уваров ыытар политиката баара. Ол билигин малтаччы «ассимиляция» диэн баһыйар омук кыра төрүөҕүн хаанын уларытан бэйэтигэр тардан ылыыта уонна бэйэтин тылыгар, култууратыгар сыһыарыыта уонна сирин-уотун баһылааһына ааттанар.
Экзотизация диэн кыра-хара омугу саарыыр оонньуур, судаарыстыба сирин-уотун уратытын курдук көрдөрөн, туризм биисинэһин далбарыгар туттуллар, мэлдьи үөрэр-көтөр түбүктээх оҥоруу буолар.
Ол гынан баран, туох барыта иэстэбиллээх, атастаһар, сааһыланар майгылааҕа Британия, Австрия, Венгрия, Османскай Турция, о.д.а. холобурдара көрдөрөр. «Колониальный бумеранг» диэн мунньуллубут сэт-сэмэ, майгы-сигили мөкүтэ төттөрү атаҕастаабыттарга төннөн тиийэр айылҕа айбыт уратыта дьайар. Бэйэлээх бэйэлэрин дойдуларыгар кэлии дьон курдук, силис тардан силигилээбэттэр, ар-бур бурайсыы ыал тэлгэһэтигэр киирэр, төрүөх төннөр, салайар былааһы билиммэттэр, бас батарынан үрүө-тараа түһэллэр. Сиэргэ баппат атаҕастаабыт, хаанынан халыппыт, харах уутугар тимирдэ сатаабыт буоллахтарына, умнуллубат өс-саас, салгыы хааҥҥа суруллубут өһөх өйдөбүл буолан хаалар. Ол иһин саха майгытыгар «Сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыаҥ» диэн сэрэх уонна сэргэх сыһыаны ирдиир, үйэлээх өстөһүүттэн босхолуур сэрэтиилэр бааллар.
2001 сыллаахха от ыйын 17 күнүгэр Ил Түмэн холбоһуктаах мунньаҕар Конституцияҕа уларытыылары киллэрии боппуруоһа турбута. Онно М.Е. Николаев үһүс болдьоххо барарын көҥүллүүр 67-с ыстатыйаҕа уларытыы киллэриллиэхтээҕэ. Ону Федеральнай сокуон мэктиэлиирин аахсыбакка, Михаил Ефимовиһы дьаныһан утарсааччылар куомуннаһан, «пора с ним кончать!» диэн хабырдык турунан, уларытыыны харгыстаабыттара. Биһиги икки куолаһынан хотторбуппут, онон чулуу Дыгын оҕотун курдук киһини самнарбыттара. Билигин ол быһаарыылаах, хара мэҥнээх историческай мунньах стенограмматын, видеоҕа суруллуутун хантан да ирдээн булбатым. Иннигэр, кэннигэр буолбут мунньахтар архыыпка харалла сыталлар, оттон