Биһиги сахалар…. Туруулаһыы. Ульяна Алексеевна Винокурова

Читать онлайн.
Название Биһиги сахалар…. Туруулаһыы
Автор произведения Ульяна Алексеевна Винокурова
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6627-8



Скачать книгу

сындыыс мас курдук чиргэл туруктаах, бөҕө-таҕа олохтоохтук сиргэ тирэнэр, орто саастаахтар эркин курдук эрэллээх, дьиэ муннуктарын ыга тутан хаҕыс эйгэни муннарар буоллахтарына, ыччаттарбыт үрдүк өһүөлээх иэримэ уйаны туттан дьолу-соргуну түстүөхтэрэ. Ити курдук көлүөнэлэр солбуйсан дьол уйатын тутарга, сындыыс буолар сааска тиийэргэ олорбут олоҕуҥ омсолоох көрүүлэриттэн көҥүл өттүнэн аккаастанар кэмэ-кэрдиитэ кэлэр. Ону сэргэ үтүө кэскиллээх өттүн ыһыктыбакка тутуһан туруулаһар ытык сааскынан туһанар кыах үөскүүр. Кырдьаҕаһы эрэ барытын хааһахха уга сылдьан сүбэлэппэттэрэ буолуо. Саҥа кэм ирдэбилигэр суол ыйар билиилээх-көрүүлээх, ыччаты харыстыыр, сайыннарар суолталаах сүбэлээх аҕам киһи ордук көмөлөөх.

      Билиҥҥи кэммит демографическай уратыта диэн саастаах дьон ахсаана күүскэ элбии турар, оттон ыччат ахсаана аҕыйыырын таһынан, өссө тас сирдэринэн тэлэһийэ, табыгастаах үлэни-сырыыны сырыста. Маны сэргэ Саха сирин этнодемографическай састааба көстө уларыйа турар, ол тута араас итэҕэллээх, култууралаах, олоххо уонна төрүт дьоҥҥун кытта өйдөспөт майгыны үксэтэр.

      Модернизация диэн ааттанар саҥалыы олоҕу ылыныы, дьиҥинэн ыллахха, киһи сааһыттан быһаччы тутулуга суох. Ону туруору өйдөөн, салалтаны, дьон өйүгэр-санаатыгар дьайар иитэр-үөрэтэр, билиини-көрүүнү, майгыны-сигилини сүрүннүүр ситимнэргэ дьоһун саастаахтары ылгыырга дьулуһуу – кэрэгэй дьаһаллар. Силиһэ суох аар хатыҥ лаглайа үүммэтин кэриэтэ, угуттуур симэһинэ, тургутар өйө суох уопсастыба, ийэтэ суох муммут кус оҕолорун курдук, хаппыт хомуска, кулуһуҥҥа хорҕойо сатыыр. Ону силлиэ-буурҕа, мэник уот имири салаан ааһара ырааҕа суох. Ол да иһин кыйма кытай дьоно аарыма Дэн Сяо Пиннарын үстэ былаастан илгэн баран, үстэ төннөрөн, көнөр суолга үктэммиттэрэ.

      Саха дойдутун айылҕата ыраастаныыга ордук күүстээх ирдэбиллээх. Сыгынах, сытыйбыт, ымыйбыт, кэхтибит барыта өр сылларга сүлүһүннүүр.

      Ыраастаныы — айылҕа туруга, сайдар-үүнэр суол олуга. Ол тэҥэ киһи эмиэ олоҕун суолун ыраастыы, сыыһаттан-алҕастан көннөрүнэ сылдьар. Ыраас дьайар күүһэ Күнтэн түһэр. Ол иһин былыр-былыргыттан киһи аймах күҥҥэ сүгүрүйэн, Күн сардаҥаларынан көнтөстөнөн, кини сырдыгар тардыстан, чэбдигирэн, торолуйан олох баар буоллаҕа. Сүрэх тэбиитин тэтимэ, айар-тутар эрчим, көҥүл тыын Күнтэн бэриллэр. Күн киһи аймаҕы кууһан, эйэлээх олоххо эрэли үөскэтэр сылбата эстибэт күлүмнүүр күүстүүр. Кини Ытык сирдэргэ кистэлэҥ күүһүн хорҕотон, Сири кытта айар, дьарайар ситими тутар.

      Билигин, баҕар, ядернай тоҕо тэптэрии Күн уотун өлбөөрдөн, планетаны кыһыҥҥы муус тымныынан тыынар тыыннааҕы эһиэ диэн дьаарханыы баар. Ол аата, киртийии чыпчаалыгар, аньыы-хара муҥурданыытыгар тиэрдэр суоһар куттал бүрүүкүөх курдук.

      Хараһыктаах хара тыыны быыһыырга сырдыкка дьулуһуу Аар Айыы сыдьаайар сырдык Айыыларыгар дьулуһуу уустук. Билигин дьайар, аан дойду дьонун итэҕэллэрэ, сүрүннээн, тус бэйэ этэ-сиинэ өлүүттэн быыһаныытын эрэ тутах кыһалҕатын