Биһиги сахалар…. Туруулаһыы. Ульяна Алексеевна Винокурова

Читать онлайн.
Название Биһиги сахалар…. Туруулаһыы
Автор произведения Ульяна Алексеевна Винокурова
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6627-8



Скачать книгу

нельзя». Ити курдук Сахабыт сирин айылҕата, күнүн-дьылын хардыыта, туруга уйаны-хатаны тургутар туруга төһөнөн уустук да соччонон күндү, ураты уйан тыыннаах буолан олохсуйарга, олох олорорго, силис-мутук тардарга кытаанах, чуолкай, дьэҥкэ ирдэбиллэрдээх.

      Айылҕа моһоллорун үмүрүтэргэ өркөн өйдөөхтөрбүт, амарах санаалаахтарбыт булбут-талбыт, айбыт ньымаларын киэҥник туттарга суолу айарбыт булгуччулаах уонна кыаллар хайысха.

      Маны таһынан, өссө информационнай эйгэҕэ өтөн киирдэхпит ахсын, саҥа тургутуулар тыаһа-ууһа суох өйү сүүйэр угаайыларыгар үктэнэр, киэҥ көҕүһү кыаратар ньымалар тарҕанан эрэллэр. Ол манипулятивнай технологиялар! Ордук сурук-бичик, көрдөрөр-иһитиннэрэр ситимнэр киһи үксэ билиэн-көрүөн, истиэн, сонун үллэстиэн баҕарар утаҕын ханнарарга дьулуһуутун сиэрэ-кэрээнэ суох туһанааччылар үксүү тураллар.

      Ол ханнык манипулятивнай технологияларый?

      Бэрт киэҥник туттуллар былакааттар, баннердар биистэрин ууһун туһааннаах күүстэр хото туһаналларын бары билэбит. 1 Маай бырааһынньыгын холуонналара өрө тута сылдьар былакааттарын сирийэн, сылын аайы тэҥнээн көрдөххө, уопсастыба өйүн-санаатын хайа диэки хайыталлара, халыталлара дьэҥкэтик көстөр.

      Өссө биир улахан политическай суолталаах тэрилтэнэн Геральдическай хамыыһыйа талан бигэргэтэр гербэлэрэ, былаахтара буолаллар. Ол курдук Дьокуускай куорат сүрүн им бэлиэлэрэ (символлара) – Былааҕа уонна Гербэтэ – кэм-кэрдии ааһар курдук да, ыраахтааҕылаах холуонньа им бэлиэтэ киэр илгэнэ илик. Былаахха сэриилээн ылбыттар башнялара, гербэҕэ ыраахтааҕы адьырҕа хотойо «мягкая рухлядь» диэн ааттыыр кииһин дьаһаах хомуурунан ыраахтааҕы хааһынатыгар дэгиэ тыҥырахтарыгар кытаахтаан көтүтэр. Ону омос көрдөххө, эйэлээх баҕайы курдуктар, эбиитин герб быһаарыытыгар «орел поддерживает соболя» диэн манипуляция технологиятын таһы сымыйаччы ньыматын туттубуттар. Ити курдук харах баайыылаах, судургу да манипуляцияны чопчулаан көрүү суох. Сыныйан ырытыы сырдыгы эрэ ыйдаҥардыы буолбатах. Харах диэн сырдыгы ыйдаҥардар сиэркилэ эрэ буоллаҕа.

      Интернет ситимэ күүскэ сайдан, туспа киһи өйүгэр супту киирэр эйгэ буолла, онно биһиги үгүспүт сэрэнэр-сэрбэнэр үөрүйэҕэ, бэлэмэ суох баар буола түстүбүт. 1992 сылтан ыла саҥа информационнай үйэ биир дьайыыта күүскэ тарҕанан эрэр – ол «постправда», ол эбэтэр сымыйаны оҥорон, соруйан тарҕатыы ньымаларын киэҥник туттуу кэмэ. Оннук сымыйа сонун-сурах киһи толкуйугар буолбакка, ньиэрбэтигэр, мөкү өрүттэригэр туһаайыллар. Маннык сымыйалааһын үс сүрүн көрүҥнээх: 1) көстөн да турар кырдьыгы кистээһин, мэлдьэһии, 2) киһи бэйэтин ылынар өйдөбүллэригэр кэтэх санаатыгар иҥмиккэ чугаһата сатааһын, 3) өйүнэн ырытан буолбакка, сүрэҕин долгутан, санаатын аймаан дьайыы. Ити түмүгэр ылыннарыылаах тылга, сааһылаан толкуйдуурга дураһыйбат, ыгылыйбыт майгылаах киһи атааннаһыы, дьирээлэһии, үүрбэ оборчотугар умса анньыллар. Ол барыта холбоһон инфодемия диэн ааттанар сутуллууга тиэрдэр, аһара элбэх утарыта