Эн баҕас!. Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ

Читать онлайн.
Название Эн баҕас!
Автор произведения Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2020
isbn 978-5-7696-5876-4



Скачать книгу

уонча сыл буолла. Үөрэннэххэ үчүгэй. Бэлэм ас-үөл, ыраас таҥас-сап, сылаас дьиэ-уот, араадьыйа, тэлэбиисэр баар. Хоскор холодильник, телевизор, ону сэргэ эбии астанарыҥ, чэйдэнэриҥ көҥүллэнэр. Дьарыктаах киһиэхэ араас барыта баар: иистэнэр киһиэхэ иис куруһуога, уһанар, уруһуйдуур, үҥкүүлүүр, ыллыыр-туойар дьоҥҥо тус-туһунан. Онон кыанар киһи бу манна тутахсыйбат, тэһийэр.

      – Илин эҥээрбин. Үгүс-элбэх аймаҕа суохпун. Биир убайдааҕым үөрэҕин бүтэриэҕиттэн хоту улууска олохсуйбута ыраатта. Ыал. Оҕото-уруута элбэх. Билсибэтэхпит ыраатта, – остуолга сытар кыра чаайынай ньуосканы тарбаҕын иһигэр эргитэрин быыһыгар саҥарда. – Бэйэм тус олохпор табыллыбатым.

      – Дьэ кыһалҕа диэтэҕиҥ. Бу дойдуну бары да биир кыһалҕалаах, майгыннаһар дьылҕалаах дьон булаахтыыбыт ээ, – Балбаара түннүгүнэн одуулаһа олорон кэпсиир. – Мин даҕаны манна үтүө баҕабынан кэлбэтэҕим. Дойдубар соҕотоҕун олорор кыаҕа суох буолбутум кэннэ, сөбүлэҥмин ылан бу дойдуга утаарбыттара. Эн курдук эмиэ халыҥ уруута-аймаҕа суох, тулаайах киһибин. Биир убайдааҕым, Уйбаан ыал буолбакка сылдьан сэриигэ сураҕа суох сүппүтэ. Ийэм, аҕам, эдьиийим, балтыларым сэрии аас-туор сылларын туораабатахтара. Мин да хоргуйан өлүөхпүн детдомҥа ыланнар тыыннаах хаалбытым. Кэлин колхуоска, онтон сопхуоска ыанньыксытынан үлэлээн баран биэнсийэҕэ тахсыбытым. Кэргэннээх этим. Оҕоломмотохпут. Оҕо ииттиэххэ диирбин, бокуонньугум эрэйдээх буолумматаҕа. Оннук кырдьыбыппыт. Онтон оҕонньорум Ньукулай өлбүтүн кэннэ, биэс-алта сыл соҕотоҕун олоро сатаабытым да, кырдьан от-мас булуута, тиэйиитэ-таһыыта кыайтарбакка сүөһүбүн-аспын эспитим. Аны ыарытыйаммын дьоммор-сэргэбэр боҕуу буолумаары, дьиҥинэн бэйэм тылланаммын бу дойдуга кэлбитим. Куорат буолан үчүгэй. Кыанар дьон көҥүллэтэннэр ханна баҕарар сылдьаллар, ыалга да хоно-өрүү, аймахтаах дьон сайын дойдуларыгар кытары сайылыы бараллар. Оттон миэхэ дойдум дьоно кэлэ-бара, билсэ турар буоланнар нэһилиэгим олоҕун-дьаһаҕын, сонунун кэм истэн-билэн олоробун. Онон тэһийэбин. Саас ыраатта. Быйыл күһүҥҥэ этэҥҥэ тиийдэрбин, бу да буолларбын аҕыс уон тоҕуспун туолуом этэ.

      – Тыый. Балбаара мин ийэбиттэн уонтан тахса сыл аҕа эбиккин дии. Ийэм эрэйдээх эдэригэр да өлбүт эбит. Аҕабыт биһиги кырабытыгар былаҕайга былдьаммыта үһү. Онон аҕабын бу диэн өйдөөбөппүн, бэл диэтэр, аатын да билбэппин. Кэлии киһи диэбиттэрэ арай, – Муоча үөһэ тыынан баран, чааскытыгар эбии чэй кутунна. – Эн миигиттэн соһуйума. Мин сааспынан букатын эдэрбин. Хата, хайдах эрэ үлэм ыстааһа алҕас хапсан, былырыын биэнсийэҕэ тахсыбытым кэннэ, социальнай харалта үлэһиттэрэ докумуоммун толоро охсоннор уонна бу сиргэ миэстэ тахсан, арыгыбын эмтэтэн, таарыйа балыыһаҕа сытан эмтэнэн баран манна кэллим.

      Муоча тус бэйэтин эрэйдээх-буруйдаах олоҕун кэпсээнэ:

      – Мин аҕам эрдэ өлөн, кыра нэһилиэккэ убайбыныын оскуолаҕа остуорастыыр аҥаардас ийэбитигэр иитиллибиппит. Онон кыһалҕалаах олоҕу оҕо эрдэхпиттэн билэбин. Остуорас оҕото диэн оччоттон оҕолор да атаҕастыыллар этэ,