Название | Эн баҕас! |
---|---|
Автор произведения | Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2020 |
isbn | 978-5-7696-5876-4 |
Уолу тыа оскуолатын сааһыран эрэр, оҕото суох учуутал ыал – Аана уонна Арамаан Уйбаныаптар ылан ииттибиттэрэ. Онон оҕо таптал аатынан Арамааскы, оттон ииппит дьонунан, сурукка киирбитинэн: Уйбаныап Арамаан Арамаанабыс диэн сүрэхтэнэн дьоһуннаах киһи буола улааппыта. Борускуо тус бэйэтигэр эппит андаҕарын толорон оҕотун ииппит дьонугар хаһан даҕаны баайсыбатаҕа, оҕотугар хаһан да чугаһаабатаҕа, биирдэ айах атан кэпсэппэтэҕэ эрээри – өйө-санаата бу биэс оҕотун кэнниттэн, Кыраһа Уйбаантан күҥҥэ көрбүт күүтүүлээх, эстибит эрэлин иккиһин тилиннэрбит уолчааныгар этэ. Оҕотугар хара төрүөҕүттэн, бэйэтэ да билбэтинэн, Чыбычык диэн ааты иҥэрбитэ. Бука, Татыйык диэн чыычаах аатыгар майгыннатан ити Чыбычык диэхтээбитэ буолуо баара дуо? Дьэ ону билигин кимим кэлэн билиэ баарай.
Арамааскы этэҥҥэ улаатан, оскуола кэнниттэн техникумҥа үөрэнэ сылдьан, быыһыгар армияҕа сулууспалаабыта. Үөрэҕин салҕаан механик идэлэнэн, Амма кыыһа учуутал кэргэннэнэн, дойдутугар ананан үлэлии кэлбитэ. Ииппит дьонун таһыгар уһаайба ылан дьиэуот туттубуттара, үчүгэйкээн бэйэлээх үс кыыс, үс уол оҕоломмуттара. Ол тухары Борускуо уолун аанын боруогун атыллаабатаҕа, кийиитиниин атах тэпсэн олорон чэй испэтэҕэ, сиэннэригэр эбэ буолан ымманыйбатаҕа.
Борускуо кэлин быытыкаа холкуостаах биэнсийэтигэр тахсан баран, төрөөбүт-үөскээбит дэриэбинэтин биир уһугар бэйэтин төрүт уһаайбатыгар, Киргиэлэйиниин бастаан ыал буолаат, туттубут эргэ дьиэлэригэр суос-соҕотоҕун олорбута. Дэҥнэтэн учууталлыы дуу, биэлсэрдии дуу кэлбит кыргыттары ырааҕынан уруута, таайа, олохтоох Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ, сэрии бэтэрээнэ Баһылай Уйбаанабыс көрдөһөн онуоха-маныаха диэри олордоро да: кыргыттара сыл аҥаара буолбакка, олохтоох уолаттарга кэргэн сүктэн көһөн иһэллэрэ. Ити курдук Борускуо эрэйдээх олоҕун тиһэх күнүгэр диэри, өлбүт кэргэнин, оҕолорун аһыытын хонноҕор анныгар кистэнэн, баҕаран туран көссүүттэн оҕоломмут эрээри, ииппэтэх уолун олоҕунан, айах атан кэпсэппэтэх кийиитинэн, минньигэс сыттарын сыллаабатах сиэннэринэн дьоллонон, хата, кимнээҕэр ордук олороохтобута.
Өлбүтүн кэннэ биирдэ Борускуо баар-суох соҕотох уола Арамааскы уонна уолун ииппит дьоно Уйбаныаптар, кийиитэ, сиэннэрэ ийэлэрин, эбэлэрин дьиэтин боруогун атыллаабыттара туһугар биир таайыллыбатах таабырын этэ. Ол иннинэ Арамааскы ким оҕото буоларын билэр дьон, ол иһигэр сорох-сорохтор Борускуону оҕотун ыалга ииттэрэ биэрэн баран чугаһаабата, кийиитигэр уонна сиэннэригэр сыстыбата диэн сүөргүлүү саныыллара, оттон Уйбаныаптар, үрдүк үөрэхтээх учууталлар эрээри Борускуону уолуттан көҥөнөн чугаһаппатылар, уолларыгар төрөппүт ийэтин билсиһиннэрбэтилэр диэн сири-буору аннынан сиилиир-хоһулуур