Название | Эн баҕас! |
---|---|
Автор произведения | Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2020 |
isbn | 978-5-7696-5876-4 |
Оо дьэ! Ити баар дии… Абааһыны баран, хотон муостатын, сибиинньэ уйатын абырахтаан абыранаары, көр бу, хойутаатаҕын. Кыһыылаах да баҕайы!
Санаата оонньоон, мучумааннанарын быыһыгар чаһыытын көрбүтэ – өссө да эрдэ, эрэл баар курдук. Уонна оттон толкуйдаан көрдөҕүнэ, билбэт сиригэр-уотугар Надя кинини күүппэккэ эрэ, хайдах да соҕотоҕун залга эрдэ киириэн табыллыбакка дылы.
Чэ бэйи, уоскуйуохха. Арааһата хойутуу кэлэрэ буолуо диэн, киирэр аан таһыгар, табаах уматтан баран, ситэри күүтэрдии оҥоһунна. Ол турдаҕына, уолаттара, маанытык таҥнан турар Куосталарын муодарҕаан, киһи кыһыйыах, дьэ бу бүгүн киэһэ тииһигирэн кэлэн кэпсэтээри бөҕөлөр. Ону кыыс күүтэн турарыттан долгуйбут доҕордоро иэдэс биэрэн сорохторун соһуталаан, кимнээҕи эрэ онон-манан аралдьытан, эр-биир иһирдьэ аһардаталаан истэ.
Оттон аны сэттэ буолан, киинэтин көрдөрүөхтээх Мэхээлэтэ хаһан киирэҕин диэн, эмиэ субу бүгүн кэлэн тиэтэт да тиэтэт буолла. Бу Мэхээлэ өссө кыра эрдэхтэриттэн киинэҕэ сарсыарда уон биир, эбиэт кэннэ үс чаастан көстөр киинэҕэ хойутаан кэллэхтэринэ, киллэрбэт идэлээх уонна мэлдьи: «Оҕолоор, дьиэҕитигэр бараҥҥыт атаххытын суунан баран утуйан хаалыҥ», – диэн күнүстэри кыһыылаахтык суустааччы. Биир да мүнүүтэ хойутаатылар да, хайдахтаах да элэ-была тылларын этэн көрдөспүттэрин иннигэр, Мэхээлэ дьэ туох да иһин киллэрээччитэ суох. Ол иһин, кэлин киллэрбэтигэр үөрэнэн, улаатан истэхтэрин аайы, алҕас аралдьыйан киинэҕэ хойутаатылар да, кулуубун иһиттэн хатата турар Мэхээлэни бэйэтин: «Кырдьаҕаас, атаххын суунан бараҥҥын баран утуйан хаал», – диэн дьээбэлэһэн үөрдэн-көтүтэн, кулууп таһынан ааһан, салгыы ханна эмэ оонньуу бараллара.
Бу да сырыыга иһиттэн кулууп харабыла Таанньаҕа аанын хататтаран баран, хас да күн тобус-толору залга индийскэй киинэ көрдөрөн, ыйдааҕы былаанын номнуо аһара толорон, санаата