Эн баҕас!. Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ

Читать онлайн.
Название Эн баҕас!
Автор произведения Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2020
isbn 978-5-7696-5876-4



Скачать книгу

дьолоҕойугар оҕустаран да көрбөтүттэн билигин бэйэтэ бу буолан олорон сонньуйар эрэ. Дьэ өйдөөбүт, дьэ билбит курдук. Көр эрэ, ити кини улаханнык ыалдьыбытын доҕотторо-атастара, аймахтара истэн-билэн баран, ыарахан сыаналаах эмтэри соҕурууттан ылларалларыгар үбүнэн-харчынан хайдахтаах көмөлөстүлэр, сүбэлэринэн-амаларынан хайдах курдук өйөөтүлэр?! Киһи киһиэхэ истиҥ сыһыана, иһирэх тыла, болҕомтото тугунан да кэмнэммэт күндүттэн күндүтүн Ыстапаан оттон дьэ ити биллэҕэ дии…

      Эмискэ ойон тураат, Ыстапаан олоппоско ыттан бэйэтигэр сөп гынаары олус үрдүк гыммыт дууһун биэстээх хаптаһын баалкытыгар быатын кылгатан, ыыйылыннары баайан баран, ыга тардыалаан чиҥэтэн биэрдэ, итиэннэ, былыргы киинэлэргэ көрбүтүн үтүктэн оҥорбут маамыктатын кэҥэтэн моонньугар кэттэ. Ити быатын синньигэс күөкэгэр моонньугар иилинэн, кыарата тардан баран, икки илиитинэн быатын уобуруччутун хам тутан турда…

      Олоппоһун түөрэ тэбиэн иннинэ олорон кэлбит олоҕо хараҕар, киинэ лиэнтэтин түргэтэппит курдук, биир күдьүс элэҥнэтэн кыл түгэнэ көстөн ааста. Оттон дьиэҕэ утуйа сыттахтарына, бырастыылаһан сэрэнэн сыллаан ылбыт үүт-үкчү бэйэтин курдук уолун Ньургунун, баар-суох атаахтатар кыыһын Ритатын, кэргэнин Ылдьаанатын санаан, уйадыйан хараҕа ууланна, сүрэҕэ ньүөлүйэн түөһүн иһин ыарыылаахтык ытырбахтаата.

      Суох, кэбис!.. Бу курдук бэйэбин дьаһанан оҕолорбун тулаайах, кэргэммин огдообо хаалларарым… ийэм эмээхсини хомоторум, доҕотторбун, урууларбын-аймахтарбын кэлэтэрим сатаммат!.. Күүстээх санаа ылыныахха… Ыарыыны кытары охсуһуохха, ыалдьары тулуйуохха. Олох олорорго дьулуһуохха. Саатар оҕолорбун атахтарыгар туруоруохпун наада бу олох ыараабыт, олус уустук кэмигэр. Истэр былаһын тухары бу ыарыыттан эмтэммит суох курдук эрээри, дэҥнэтэн өрүттүбүт, устунан үтүөрбүт да дьон баарын истэбин ээ. Ити биир билэр кырдьаҕаһа Ахталба Дьарааһын очоҕоһун буулаабыт искэнин ылларбыта букатын ыраатта. Быһыыта биэстэ оҥоһуллубута бадаҕа. Бүтэһик эпэрээссийэтин кэннэ уола Баппат Бааска аҕам олох мөлтөх сытар, эрэл суох диэбитэ да, оҕонньордоро барахсан, былыргы хатарыыта таайан, хата, туран кэлбитэ, доҕоор. Ити арааһа, умнубатах буоллахпына, уонтан тахса сыллааҕыта этэ. Дьэ ити. Өссө мин туспунан истэн-билэн тоҕус уончалаах ытык кырдьаҕас тайахха тэптэрэн иллэрээ күннээҕитэ кэлэн сэргэхситэн, санаабын көтөҕөөрү кэлэ сылдьыбыта ээ. Барахсаным баара. Оҕонньорго тэҥнээтэххэ, о дьэ, мин отой мөлтөх киһибин. Дьарааһын таайтаран этэринэн, биһиги ыарыыбыт биир, онон мин эдэр киһи оҥоттордохпуна, харахтан сыыһы ылбыт курдук үтүөрүөхпүн сөп үһү. Кинини эмиэ эрдэ химиялаан, искэнин хаптатан уонна саастаах киһини үчүгэйдик эмтээн, ыарахан эпэрээссийэҕэ бэлэмнээн баран биирдэ оҥорбуттар. «Ыстапаан эдэргин, онон алыс санааҕын түһэримэ, доҕор. Эмчиттэр чуолаан эн ыарыыгын кыайалларын билэн эрдэхтэрэ, ол иһин эйигин дьаныһан туран эмтииллэр. Аһара харыс хаалыма, олус сүөм түһүмэ. Мэдэссиинэ сыл аайы балысханнык сайда турар, оннооҕор буолуох ыарахан