Эн баҕас!. Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ

Читать онлайн.
Название Эн баҕас!
Автор произведения Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2020
isbn 978-5-7696-5876-4



Скачать книгу

үрдүк иэйиитигэр сөп түбэһиннэрэн, ордук чуолаан омук суруйааччыларын: Александр Дюма, Мопассан, Джек Лондон, Вальтер Скотт, Теодор Драйзер, Эмиль Золя – айымньыларын бэлэмниирэ.

      Сорох сарсыарда ийэтэ Маарыйа алта чааска оһоҕун отто туран баран, биир да мүнүүтэ хойутааһына суох тоҕуска дизельнай станцияҕа үлэтигэр баар буолуохтаах уола түүннэри утуйбакка, кинигэ ааҕа сытарын көрөн соһуйан: «Бу сатаатар түүн тоҕо утуйан сынньаммаккын?» – диэн мөҕөрө. Онтон хотонуттан киирэригэр Куостата суунан-тараанан, остуолун тардан бэлэмнээн көрсөрө эрээри, остуолун аттыгар илиититтэн араарбат кинигэтин ааҕа олорор буолан, ийэтин сонньутара.

      Суругунан да суруйсан, быыһыгар-ардыгар төлөпүөнүнэн кэпсэтэн, уоллаах-кыыс икки сыл устата, син бэйэ-бэйэлэрин нэмнэрин билсибиттэрэ. Ол гынан баран, дьиктитэ-дьиибэтэ диэн, бу тухары хайа-хайалара да таптал туһунан, эгэ таайтаран да, биир тыл быһаҕаһа быктарсыбатахтара.

      Дьэ онтон ити Надятын бэҕэһээ мунньахха киирэ сырыттаҕына көрсөн, киинэҕэ ыҥыран, ол онтукайыттан үөрэн уонна долгуйан, бу киэһэ сэттэ чаастан кулуупка тахсаары, ийэтиттэн кистээн, санаатыгар бэйэтэ билэринэн бэлэмнэнэ сылдьар. Тугу-тугу кэтэн тахсарын, бэл диэтэр, ханнык одьукуолуну ыстарынарын кытары быһаарынан бүппүтэ. Урут «Тройнойу» туттар бэйэкэтэ, билигин сүөргүлүүр. Аны сайдыбыт аатыран, барбах эрэ «Шипрынан» эрэ соттор. Тастыҥ эдьиийэ быһайын соҕуруу Сочига күүлэйдии бара сылдьан, киниэхэ эрэ анаан-минээн «Красная Москва» диэн ааттаах наһаа үчүгэй сыттаах, ол эрэн сыаналаах баҕайы одьукулуон кэһии аҕалбытын харыстаатаҕа буолан туттубат. Көрүнньүк гынан туруорар. Хата биирдэ эмит кулуупка биэчэргэ эбэтэр үҥкүүгэ бараары, аргыс буолан киирээччи бииргэ үөрэммит, эмиэ бэйэтигэр дылы холостуой доҕоро Хаппытыан, ытыһыгар кутта-кутта харса суох бистэн, онто суох кыра хоһун иһин одьукулуон сытынан толорон кэбиһэн сордуур.

      Табаарыһа Хаппытыан, дьэ чахчы, үчүгэй уол. Күлэн-үөрэн, кэлэн-баран, саҥаран-иҥэрэн. Кими да биир да мүнүүтэ чуҥкуппат киһи. Оскуола кэнниттэн уолаттар иккиэн СПТУ-га үөрэнэн, суоппар-тракторист идэтин ылбыттара. Суоппар быраабын уонна тракторга үлэлиир дастабыранньаны ылаат да, саас бэбиэскэ тутан, Сэбиэскэй Армияҕа ытык иэстэрин төлүү барбыттара. Хаппытыаны, икки сыл армияҕа суоппардаан кэлбит киһини, суол тэрилтэтигэр үөрүүнэн, эргэ да буоллар Камаз суоппарынан ылбыттара, онтон Куоста, танкист идэлээх киһи, саҥата-иҥэтэ суох дизельнэй электростанцияҕа дизелиһинэн киирбитэ. Уолаттар бэркэ тапсаллар, саас-күһүн бииргэ кустууллар, бииргэ илимнииллэр. Арай итэҕэстэрэ диэн, бакаа иккиэн ыал буола иликтэр. Эдэрдэр диэҕи, быйыл номнуо сүүрбэ биэстэрин туоллулар, оттон саастаах уолаттар диэҕи, баара-суоҕа сүүрбэ биэстэрэ эрэ.

      Аллар атаһа Хаппытыан дьиэтигэр киирэн: «Бүгүн киэһэ киинэҕэ сылдьыахха», – диэн эппитигэр, туох диэн аккаастыан мунааран олорбохтуу түһэн баран, Надям кэллэҕинэ син-биир билиэ уонна көрүө диэн: «Биир кыыһы киинэҕэ ыҥырбытым», – диэн билинэн этэригэр тиийдэҕэ