Название | «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык |
---|---|
Автор произведения | Наталья Михалева-Сайа |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2017 |
isbn | 978-5-7696-5219-6 |
Кэнники да син балачча хайҕалы истэн кэллэҕим. Ол гынан баран ити Вася, Василий Петрович, кэнники судургу «Отец» («Отец Сунтарского телевидения») диэн ааттаммыт Василий Осипов эппит истиҥ сыанабыла олоҕум тухары умнуллубаттыы өйбөр-сүрэхпэр хаалбыт. Кини «дьиҥнээх тэлэбиидэнньэ курдук» үлэлиэн ис сүрэҕиттэн баҕата миигин кынаттаабыта. Кэнники санаан көрдөхпүнэ, ол «диплома суох инженер», – мин бастакы салайааччым, көрдөрөн кэпсиир үлэҕэ ирдэбилин, ыйыыларын-кэрдиилэрин, такайыытын курдугу бу тухары уонна биир эмит идэлээх да, уопуттаах да киһиттэн истэ илик эбиппин…
Сунтаар улууһун култуураҕа салаатын оччолорго Зинаида Яковлевна Иванова салайар этэ. Миэхэ ыйга хас эрэ күн өрөөн айар үлэбинэн дьарыктанарбын көҥүллүүр дьаһал таһааран сүрдээх үчүгэй көмөнү оҥорон эрэрин эппитэ. Быһыыта, тэлэбиидэнньэҕэ баран хаалыа диэн сэрэммит. Ол да үрдүнэн, сотору буолаат мин хаан-уруу култуурабыттан уурайан, хантан да үбүлэнэрэ, хайдах да үлэлиэхтээҕэ биллибэт саҥа тэрилтэҕэ көһөн, үлэ үөһүгэр төбөм оройунан түспүтүм.
Уларыта тутуу кэмин ааспыт дьон өйдүүр буоллаххыт, ол хастыы да ыйынан хамнаһы көрбөт, олох-дьаһах да, сиэр-майгы да сатарыйыыта тургуппут кэмнэрин. Устуудьуйа үлэһиттэрин хамнаһын улуус дьаһалтата култуура үлэһиттэригэр тэҥнээн үбүлүүр буолбута эрээри… Кэ-
тэһиилээх хамнас кэлбит күнүгэр тиийдэхпитинэ… докумуоҥҥа киллэрэри умнан кэбиспиппит, онон эмиэ биир ый күүтүҥ диэн буолааччы. Эбэтэр бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара син ботуччу соҕус үрдээн барбытыгар, биһиэхэ үрдэппэт этилэр. «Эһиги тэрилтэҕит улуус бүддьүөтүгэр киирбэт, бачча ыла сылдьаргытыгар махтаныҥ…»
Ол оннугар үлэлиирбитигэр туспа ханааллаах этибит. Төһө баҕарар уһуннук тугу да көрдөр диэбит курдук. Василий Осипов оннугар сотору мин дириэктэр буолан хаалбытым туох да соһуччута суох, буолуохтаах буолбутун курдук этэ. Үлэбитигэр үлүһүйэн хойукка диэри тэрилтэҕэ сылдьан хааларбыт, дьиэ-уот диэн умнуллара. Бары кэриэтэ кэргэннэрбититтэн арахсыбыппыт, онон кэргэннээх эдэр киһини үлэҕэ ылбат буола сатыырым – эмиэ арахсыа диэн. Улуус устуудьуйаларыттан бастакынан НВК ханаалыгар сүүрбэ мүнүүтэлээх биэрии оҥорон таһаарбыппыт. Улуус устуудьуйаларын бастакы бэстибээлин кыайыылаахтара буолбуппут. Аан бастакынан туспа счеттаах юридическэй сирэй быһыытынан тэриммиппит. Айар үлэбитинэн көрөөччүлэрбит сүрэхтэрин туппуппут эрээри, ону-маны көрдөрдүлэр, саҥардылар диэн хаһыаттанар да, сууттанар да түгэннэрдээх этибит. Ол тустаах кэмигэр