Название | «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык |
---|---|
Автор произведения | Наталья Михалева-Сайа |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2017 |
isbn | 978-5-7696-5219-6 |
Ол эрээри сотору кэминэн ол саҥа ханаалбыт туох эрэ докумуона биитэр үбэ-харчыта кыаллыбакка, сабыллан хаалбыта.
Мин 2003 сыллааҕы күһүн үлэ саҥа дьыла (сезона) саҕаланарыгар, «Кэпсиэ» бырайыагын өссө төгүл илдьиритэн толкуйдаан баран, дириэктэрбэр киирбитим. Николай Иннокентьевич «соҕотоҕун кыайыах буоллаххына» диэн туран, илиибэр былаах туттаран кэбиспитэ. Куорат иһигэр «12-с ханаал» саҕалаан испитин өрөспүүбүлүкэ ханаалыгар «Кэпсиэ» салгыыр буолбута.
НВК-ҕа «инициатива наказуема» диэн бэрдэ суох өйдөбүл дириҥ силистэнэн-мутуктанан сириэдийбит дойдута. Урут даҕаны, билигин даҕаны. Ылсыбыт буоллаххына – редактор барыта бэйэҥ дьулуургар. Кыайбат буоллаххына – тохтоо. Ким да эйигин итини оҥор диэн күһэйбэтэҕэ… Салалта итинник аһаҕастык этэр. Оттон сорохтор кэтииллэр: көрөн иһиэхпит… Оттон экран кэннигэр дьиҥ үлэни толорон түбүгүрэ сылдьааччы үгүс үлэһиттэр ханаал үлэтэ тупсарыгар ис сүрэхтэриттэн баҕарар уонна биэриини оҥорон таһаарар үлэ кыһалҕаларын өйдүүр-билэр буолан, саҥа саҕалааһыннары сэргиир уонна туох кыалларынан көмөлөһө сатыыр үгэстээхтэр.
Ол эрээри: «Өйдөөрүүй, Наташа, куорат олус кыараҕас ээ, биһиги аҕыйах биллэр дьон баарын эргитэ сылдьан көрдөрө сатыыбыт. Оттон эн биир биэриигэ дьоҥҥо сэргэтиэх хастыы эмэ киһини хайдах, хантан булан ыҥырыаххыный? Нереально, эн тыаттан кэлбит буолан өйдөөбөккүн…» – диэбит үөлээннээҕим эмиэ баара. Мин итинник этиигэ хоруйум бэлэм этэ: «Сыл аҥаара үчүгэйдик үлэлээтэхпинэ, биэрии ыалдьыттарын бэйэм көрдүүрүм тохтуоҕа, төттөрү кинилэр миигин көрдүүр буолуохтара. Уонна биэрии ситиһиитэ биллэр-көстөр эрэ киһини таһаарартан буолбакка, биллибэт-көстүбэт да дьонтон кэрэхсэбиллээҕи булан оҥорортон тутулуктаах буолуохтаах…»
«Тоҕо «Кэпсээ» буолбакка, «Кэпсиэ» диэн ааттааҕый?» – диэн бастаан ыйытар этилэр. Мин оҕо сааспар дьиэбит аана хайаан да «Кэпсиэ, туох сонун баар?», ардыгар «Туох кэпсиэ?» диэн истиҥ тылларынан аһыллара. Ону кытта тэҥҥэ дьиэ иһигэр туох эрэ олус иһирэх, туох эрэ кэрэ, киэҥ киирсэн кэлэр курдуга. Саха дьоно барахсаттар: «Миэхэ суох, оттон эйиэхэ туох баар?» – дэһэн, кэпсээннээхтэрин, сонуннаахтарын кыккыраччы мэлдьэһэн баран дьэ наллаан, хас эмэ чаанньык уута оргуйан бараныар диэри салҕана турар бараммат кэпсээннээх киэһэлэрэ саҕаланара… Ити туһунан кэнники Мандар Уустуун «Кэпсиэҕэ» бэркэ тапсан сэһэргэһэн турабыт: кэпсэтии – саха олоҕугар эрэ олус наһаа сайдыбыт, олоҥхо, остуоруйа тэҥэ олохпутун киэргэппит туспа көстүү эбит; кэпсээннээх киһи, син ырыаһыт, олоҥхоһут кэриэтэ аатырар-суолурар, күүтүүлээх ыалдьыт буолар. Дэлэҕэ да саха