Кырыыстаах таас. Тумарча

Читать онлайн.
Название Кырыыстаах таас
Автор произведения Тумарча
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2007
isbn 978-5-7696-2733-0



Скачать книгу

баран, Бориска көрдүү бараары тэриммит күнүгэр буурҕа саҕаламмыта. Онон хаайтаран хаалла. Бу кэм устатыгар түүннэри-күнүстэри арааһы барытын эргитэ санаата. Аанньа утуйбакка, аһаабакка өйүкү-төйүкү сырытта. Тугу да гынар кыаҕа суох, бэйэтин кытта бэйэтэ үөхсэн баллыгырыыр буолуталыыр. Абатыттан оту-маһы эрэ кытта охсуспата. Иккиэн барбатахтарыттан бэйэтин сэмэлэннэ.

      Сиридикээн баһыгар эбээннэри сиппэтэҕинэ, Сафейка хайаан да төннүөхтээх этэ. Оннук кэпсэтиспиттэрэ. Мантан Хобочооҥҥо түһэр дабааҥҥа диэри икки аҥаар көс буолуохтаах. Онно күнүнэн тиийиэхтээх этэ. Иккитэ аһыыр өйүөлээх, чаанньыктаах барбыта, онон төннөрүгэр сэниэтэ олус эстиэн сөбө суохха дылыта. Түүн хараҥаҕа муммут бэйэтэ дуу, баҕар, адьырҕа үөрүгэр түбэспитэ дуу? Саата суох барбыта, биэрэн көрбүтүн, таһаҕас буолуо диэн ылбатаҕа. Этэҥҥэ буоллаҕына, буурҕа иннинэ холкутук кэлэр кыахтааҕа. Сафейка барбытын алтыс күнүгэр Бориска хойутаан уһугунна. Түүн хойукка диэри кыайан утуйбакка, төбөтө дьалкыҥнас буолбут. Муус түннүгүнэн бороҥуй сырдык киирэр. Бориска ойоҕоско астарбыттыы олоро түстэ. Сыгынньах атахтарын хаатыҥкаларыгар батары биэрдэ, аанын нэһиилэ аһан таһырдьаны өҥөйдө. Силлиэ уурайбыт. Ааҥҥа кыбылла-кыбылла Бориска таһырдьа таҕыста. Дьиэтин хаҥас эркинин үрдүгэр тиийэ хаарынан типпит. Хайыы-үйэҕэ үөһэ ойбут күн быһытталаммыт былыты быыһынан чэмэличчи тыкпыт. Бориска бэрт тиэтэлинэн сиирэ-халты аһаабыта буолла. Өссө үнүр бараары бэлэмнэммит ботуоҥкатын, саатын сүгээт, хайыһарын үрдүгэр түстэ. Туох да суола-ииһэ биллибэт тыал мэндээриччи охсубут чиҥ килэм хаарга уйдаран харса суох анньынан истэ. Санаатыгар тулатын эргиччи көрүммэхтиир. Өр гыммата, Сафейка кэһэн туораабыт уулаах үрэҕэр тиийэн кэллэ. Били үнүргү тааҥнаабыт үрэх киһи билбэт гына уларыйбыт. Мууһурбут чэҥи хаар халыҥнык саба тибэн кэбиспитин үрдүнэн Бориска тугу даҕаны уорбалаабакка туораата. Лиҥкинэс мастаах хара тыа киэҥ хочону икки эҥэринэн ыга анньан үүммүт. Кыһын устата халыҥ хаар суорҕанынан үллүктэнэн хамсаабакка нуктуу турбут аарыма тииттэри бу ааспыт буурҕа сымнаҕас сабыыларын саралыы тардан, сылаас ууларын уйгуурдан кэбиһэн, билигин суоһурҕаммыттыы суодаһан хамсыыры эрэ барытын харбаан ылыахтыы сарбаҥнаһа, барыҥнаһа турарга дылылар. Тула тугу эрэ чуҥнаабыт курдук, кулгаах чуҥкунуур уу чуумпу. Бориска санаатыгар кини аҕылыыра, хайыһарын тыаһа тулалыыр эйгэни бүтүннүү аймыыр курдуктар. Тоҕо эбитэ буолла, кини сэрэммит быһыынан тыаһаабакка эрэ айанныырга кыһаллар. Наҕыллык тыына сатыыр. Киһи кэнникинэн эбии ыгылыйда. Сирин аҥаарын холобурдааҕы барда да, туох да сибики биллибэтэ. Тула өттүн сирийэн көрө иһэр. Ханна кыра томтор, хаар чөмөхтөммүт сирин аайы тохтоон, тайах маһынан анньыалаан, бигээн көрөр. Онтукалара хаарынан тибиллибит чөҥөчөктөр, дулҕа төбөлөрө, охтубут мастар буолуталаан истилэр. Ол аайы чэпчии түһэргэ дылы гынар. Доҕоро өлүөр, тыыннаах буоларыгар эрэмньитэ күүһүрэн истэ. Итинник айаннаан күн киэһэриитэ эбээннэр олохторугар тиийдэ.